Кулун тутар 7 күнүгэр Чурапчыга «Айылгы» култуура киинигэр композитор, инноватор-педагог, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна Николай Сибиряков айымньыларынан өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа куонкуруһа бэрт тэрээһиннээхтик буолан ааста.
edersaas.ru
Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас, Амма, Нам, Горнай, Бүлүү уонна Дьааҥы улуустарыттан барыта 19 кыттааччы кэлбит эрээри, ол иһигэр икки ВИА, хас да ырыа ансаамбыла баар буоланнар, холбоон биэс уонча киһи ырыа дьоһун түһүлгэтигэр күөн көрүстэ.
Биэс киһилээх жюри ырыаһыттары сценаҕа көрдөрөр уобарастарынан, көрөөччүгэ тиэрдэр сатабылларынан, толорор маастарыстыбаларынан, ырыа ис хоһоонун тиэрдиилэринэн уо.д.а. көрөн сыаналаата. Куонкурус усулуобуйатын быһыытынан, кыттааччылартан иккилии ырыа (Николай Сибиряков ырыатын эбэтэр кини хоһоонугар айыллыбыт ырыаны ыллыыр итиэннэ саха мелодистарын ырыаларыттан көҥүл тиэмэҕэ толорор) ирдэммитэ.
Күрэстэһээччилэр ол ирдэбили толордулар. Ансамбыллар «Дойду умсулҕанын» уонна «Чараҥ вальсын» хас да куолаһынан дьиэрэппиттэрэ, оттон «Халлааҥҥа үрдэл» ВИА (Сылаҥ) «Сахам сирэ» рок-композицияттан быһа тардан толорбута сонуннук иһилиннилэр. Чурапчытааҕы гимназия учууталларын ВИА-та Сибиряков киэҥник тарҕана илик «Сайылыкка» диэн көрдөөх ырыатын толордо.
Түмүккэ лауреаттарынан Любовь Монгуш (Чурапчы, Кытаанах), «Саһарҕа» ырыа ансамбыла уонна «Чараҥ вальса» эр киһи күүстээх куолаһыгар өссө тупсан иһиллэрин итэҕэппит Анатолий Седалищев (Амма) лауреаттарынан, Ирина Неустроева, «Ай-ыллаа» ырыа ансаамбыла (намнар), Лена Саввинова (Горнай) дипломант буолан, анал бириистэринэн бэлиэтэннилэр. Гран-При хаһаайынынан гитарнай ырыа ахсаабат пропагандиһа, Николай Сибиряков «Маҥнайгы хаар» хоһоонугар ырыа айбыт Марианна Макарова ааттанна!
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru