1995 сыл күһүнүгэр түөрт ыттаах бэһиэ буолан Амма уҥуор тайахха тахсыбыппыт. Хампаанньабытыттан булт диэн баран муннукка ытаабыт Николай Михайлов-Ньукулааскыны эрэр билэрим. Оччолорго кини биэс уонуттан тахсыбыт, номнуо сааһыран эрэ киһи этэ. Төһө да сааһырдар, сүүс миэтэрэттэн туоһапканан испиискэ хоруопкатын түҥнэри ытара, отуччалаах уолаттартан хаалсыбат күүстээҕэ-уохтааҕа. edersaas.ru
Мин, улахан булка хаһан да сылдьыбатах киһи, ол сайын үлэбэр уоппуска биэрбэккэлэр, сынньалаҥмын күһүн биирдэ эрэ ылбытым. Оруобуна ол кэмҥэ Ньукулааскы устудьуон кыыһын кыстыгын быһаарса, оннун буллараары куоракка киирэ сылдьара. Миэхэ кэлэн чэйдээн, эбиэттээн барбыта уонна “куорат сиргэ түөрт эркиҥҥэ хаайтаран таах олоруоҥ дуо, мин сотору Амма уҥуор тахсыахтаахпын, барыс” диэн кучуйан, саам-тойум суох да буоллар, түөрт күнүнэн хомунан барсыбытым.
Тайахха тахсарбытыгар Амманы туораан атынан үрэх сүнньүн баппыппыт. Ньукулааскы уонна атын да уолаттар миэхэ сир-уот туһунан балай эмэ элбэҕи кэпсии-ипсии испиттэрэ эрээри, билигин онтон туох даҕаны хаалбатах. Саатар, куораттан тахсыбыт дьон үс иһит “Арайаал” кэһиилээх этибит. Онтубун уолаттары кытта убатан кыра-кыралаан “сыып” гыннара испитим. Оҕонньорбут (Ньукулааскыны уолаттара инньэ дииллэр этэ) испэт уонна онуоха улаханнык кыһаммат этэ. Арай биирдэ эмэ: “Наһаа туттунумаҥ эрэ. Дьиэбитигэр айаннаан тиийиэхпит баар дии”, — диирэ.
Төһө өр айаннаабыппын өйдөөбүппүн. Арай сүрэҕим көбөн уһукта биэрбитим, номнуо сөрүүдүйэн эрэр үүтээҥҥэ ороҥҥо сытар эбиппин. Төбөбүн өндөтөөрү гыммытым, баһым хампы барыах курдук ыалдьар. Ол да гыннар, испитим-аһаабытым тахсаары тиэтэтэн, утуйа сытар дьонум үрдүнэн хардыылаан, таһырдьаны былдьастым. Онтон үүтээн кэннигэр тиийэн, тахсары таһааран баран, дьэ “һуу” диэн өрө тыынан эрдэхпинэ, арай кэннибиттэн бэрт ыарахан атах тыаһа сүүрэн кэллэ да, ким эрэ туох да сүрдээх улахан илиитинэн кэтэҕим аһыттан харбаат, били тахсыбыт “аспар” сирэйбинэн умса аста. Соһуйбутум бэрдиттэн сүһүөхпэр кыайан уйуттубатым эрээри, умса баран түһээт, тураары ырычаахтаһан көрдүм да, били илии олох ыыппат. Мин туох баар билэр маатырабынан үөхсэ-үөхсэ төбөбүн эргитэн, ким миигин бу айылаах кэбилээн эрэрин көрүөхпүн, босхолонуохпун баҕарабын эрээри сүнньүбүн да сатаан эргитэр кыаҕым суох. Өссө, ситэри кыһытан, били киһим күлэн кыччыгыныыр, сүүспүнэн сири лигийэр. Өйбүн сүтэрдим.
Арай ким эрэ кэлэн, сирэйбин таһыйарыттан уһуктан харахпын аспытым, аттыбар Ньукулааскыны кытта кыра Дьөгүөрүскэ кэлэн тураллар эбит. Икки өттүбүттэн өйөөн иһирдьэ киллэрдилэр. Кинилэр мин үүтээн кэннигэр тыа баһа сатарыар диэри үөхсэн хаһыытыыр, кими эрэ кытта охсуһар тыаспыттан уһуктан тахсыбыттар. Аттыбар ким да суоҕа, бэйэм хотуобар умса түһэн сытар үһүбүн. Ону уһугуннарбыттар.
Иһирдьэ киирэн, дьэ тыын киллэрэн туох буолбутун өйдүү сатаатым эрээри, барыта туман курдук. Оҕонньор мин диэки бэрт дьиибэтик көрөр, тугу эрэ ыйытыан туттунар курдук. Онтон кыра Дьөгүөрүскэ уу дуу, арыгы дуу аҕалан биэрбитин амтанын да билбэккэ биир тыынынан түһэрэн кэбистим даҕаны, эмиэ «арахсан» хааллым.
Түһээтэхпинэ, үүтээним аана арыллан кэллэ да, сүрдээх улахан хара бэкир киһи дьиэ ортотугар биирдэ баар буола түстэ. Мин диэки бэрт тиэхэлээхтик көрө-көрө, күлэн кыччыгыныыр. Тарбаҕын быыһыгар кыбыта сылдьар баттаҕы көөчүктүүр. Онтон балай эмэ оннук турбахтаһан баран, миэхэ чугаһаан истэҕинэ, кутталбыттан хаһыытаан тоҕо бардым.
Эмиэ дьонум уһугуннардылар. Мин адьас улаханнык куттанан, саҥарар да кыаҕым суох. Өйбүттэн биир кэм били киһим тахсыбат. Дьонум даҕаны, ордук эдэр уолаттар, хайдах эрэ саллан бардылар. Сарсыарда күн тахсыыта дьэ арыый уоскуйан, арыгыбыт дьаара көтөн, өйдөнөн бардыбыт, уоскуйдубут.
Ол күн Ньукулааскы уолаттарыгар өйүүн эргиллиэм диэн миигин илдьэ төттөрү киирбитэ. Бэйэбэр: “Манна сатаан сылдьыа суоххун. Дойдум иччитэ, дьиэлээх атыҥыраата. Сөбүлээбэтэ. Кэмиттэн кэмигэр итинник биллэн ааһааччы. Эн санааҕын түһэримэ. Өлүүгүн ууруохпут”, — диэбитэ. Сөбүлэспитим.
Миигин дэриэбинэҕэ аҕалан баран Ньукулааскы төннүбүтэ. Ол кэннэ уонча хонон баран, бэркэ бултуйан тахсыбыттара. Эпиттэрин курдук, миигин да умнубатахтара. Кыһын суол турбутун кэннэ кыра Дьөгүөрүскэ эт бөҕөтүн киллэрэн биэрбитэ. Ол гынан баран, мин онтон антах хаһан да улахан булка сылдьыспатаҕым. Арыгыттан да туттунар буолбутум. Кырдьык, дойду иччитэ көстүбүтэ эбитэ дуу, аһара арыгылаан хараҕым иирбитэ эбитэ дуу. Ону билигин да таайбакка сылдьабын.
Е.Р. АЛЕКСЕЕВ, ДЬОКУУСКАЙ.
«ВКонтакте» сайт «Иччилээх кэпсээннэр» бөлөҕүттэн.