Үрдүк үөрэххэ бүддьүөт миэстэтэ уонна төлөбүрдээх үөрэх

Ааптар: 
18.05.2020
Бөлөххө киир:

Быйыл дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин эрэгийиэннээҕи үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин эбэр туһунан Анал туһаайыытыгар этэн турар.

edersaas.ru

«Быйылгы сыллааҕы бүддьүөт миэстэтэ өссө былырыын ыам ыйыгар көрүллүбүтэ. Ордук ирдэнэр үрдүк үөрэхтэр кыһаларыгар эбии миэстэни көрүү боппуруоһугар үлэлэһэ сылдьабыт. Сыллата бүддьүөт миэстэтэ эбиллэн иһэрин бэлиэтиир оруннаах. Эһиилгиттэн, 2021-2024 сылларга бүддьүөт миэстэтэ биллэ үксүөҕэ. Маныаха үп көрүллүбүтэ, угуллубута», — диэн миниистир Валерий Фальков хоруйдаата.

Коронавируһунан сибээстээн, бэйэлэрэ төлөөн үөрэнэр устудьуоннар төлөбүр үрдүүр түгэнигэр кыайан уйумматтар диэн дойду министиэристибэтин таһымыгар соторутааҕыта кэпсэтии барбыта. Итиэннэ эһиилги сылга төлөбүрү үрдэтимиэххэ диэн миниистир эппитэ. «Бу судургута суох быһаарыы. Тоҕо диэтэххэ, үгүс үрдүк үөрэх кыһаларын бүддьүөтэ төлөбүрдээх миэстэттэн таҥыллан турар. Преподаватель хамнаһа быһаччы итинтэн тутулуктаах. Олус элбэх устудьуоннар үөрэхпит төлөбүрүн болдьоҕун уһатан биэриҥ диэн үөрэнэр кыһаларыгар көрдөһүү суруктары ыыталлар. Биһиги төһө кыалларынан болдьоҕу уһатыҥ диэн сүбэлиибит. Ол эрээри, хас биирдии университекка, институкка, боппуруоска тус-туспа үлэлэһэллэр» — диэн эттэ.

Өссө эрдэ, устудьуоннары үлэнэн хааччыйарга диэн сүбэ биэрбиттэрэ. Күн бүгүн тустаах бырагыраамаҕа министиэристибэҕэ бас бэринэр 149 үрдүк үөрэх тэрилтэтэ кыттар эбит. Онон 15 тыһыынчаттан тахса устудьуон үлэнэн хааччыллыбыт. Холобур, устудьуоннар үгүстэрэ бэйэлэрэ үөрэнэ сылдьар хайысхаларынан, сатабылларынан үлэлииллэр эбит. Ол курдук, цифровой ассистенынан, консультант-психологынан, нэһилиэнньэҕэ үөрэх бырагырааматын ыларга көмөлөһөллөр, омук тылыгар куурустары ыыталлар, оскуола үөрэнээччилэрин эксээмэҥҥэ бэлэмнииллэр, уо.д.а., сайын үөрэххэ тутар хампаанньаҕа үлэлиэхтэрэ диэн миниистир холобурдуур. Итини таһынан, сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр үлэ симиэстиригэр элбэх устудьуону хабар былааннаахтарын этэр.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: ХИФУ сайтыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0