Зинаида Понохова сүбэлэрэ
Намнааҕы педкэллиэс уһуйааччыта, РФ үөрэҕириитин туйгуна, култуура туйгуна, Учууталлар учууталлара, Нам сэлиэнньэтин уонна Сунтаар улууһун Бүлүүчээн нэһилиэгин Бочуоттаах олохтоохторо, норуот маастара, саха таҥаһын тигиигэ түөрт кинигэлээх Зинаида Понохова аатын истибэтэх иистэнньэҥ суоҕа чахчы. Кини кэллиэскэ тэриллибит “Сардаана” муода тыйаатырыгар кыргыттары иистэнэргэ үөрэтэр. Зинаида Дмитриевна улуу тунах ыһыахтар чугаһаабыттарынан, саха таҥаһын тигиигэ маннык сүбэлиир.
Саха таҥаһа
Өбүгэлэрбит үйэлэртэн илдьэ кэлбит, кэрэ уонна тупсаҕай буолаарай диэн толкуйдаан таһаарбыт таҥастара. Биһиги төрүт култуурабыт, духуобунай баайбыт, тус уратыбыт, харысхалбыт. Мин саха таҥаһын үгэс буолбут көрүҥүн ордоробун, ол иһин сүбэм да оннук.
Ханнык матырыйаал ордугуй?
Биллэн турар, сыллата саҥа таҥаһы тэринэр кыайтарбат, онон ыһыахха кэтэри үчүгэй матырыйаалынан тиктэр куолу.
Дьахтар да, эр киһи да ырбаахыларын тигэргэ натуральнай солко, тафта, батист, крепдешин, вискоза, аталаас-жаккард курдук тутарга-хабарга табыгастаах, имиллимтиэтэ суох, саптара сыыйыллыбат таҥастар барсаллар. Бу кэлин, чараас эрээри чиҥ саастаах, бэйэтиттэн хабыллаҕас ойуулаах муар диэн матырыйаалы туттар буоллулар. Эдэрдэргэ кашиба ордук.
Дьахтар көннөрү ырбаахытыгар 1,5 миэтэрэ кэтиттээх үс миэтэрэ таҥас, халадаайдаахха түөрт миэтэрэттэн сэттэ миэтэрэҕэ диэри матырыйаал таҥас сөп: судургу халадаайга — түөрт, эргийдэххэ күн курдук тэлээрэр киэҥ халадаайга — алта-сэттэ миэтэрэ. Оттон эр киһи ырбаахыта балтараа – икки миэтэрэттэн тахсар.
Кэһиэччиккэ былыргы хаарыһы санатар тафта, жаккард, габардин, ыарахан солко, Италияҕа оҥоһуллубут көстүүм таҥаһа ордук.
Дьүһүнү наардааһын
Маҥан ырбаахыга бэйэтин курдук эбэтэр сиэрэйдиҥи, хараҥатыҥы, от күөҕэ өҥнөөх хаһыаччык барсар. От күөҕэ былааччыйаҕа хараҥа салаатабай, хоҥор, хоҥордуҥу дьүһүннээх үчүгэй. Кытархайдыҥыга сырдык, араҕаска от күөҕэ ордук.
Ырбаахылаах хаһыаччыгы биир дьүһүннээх эрээри тус-туһунан таҥаһынан эбэтэр биир матырыйаалынан тигиэххэ сөп. Холобур, солко халадаайга кэһиэччиги көстүүм таҥаһынан, муар ырбаахыга — жаккардынан.
Иистэнньэҥ халбаҥнаабат быраабылата
Халадаай ырбаахы байбаралаах, сиэҕэ дьогдьуурдаах, бэлэнньиктээх, аллараанан кэҥээн түһэр уонна кэлин өттө арыый уһун буолар. Ити аты миинэргэ ананан оҥоһуллубут. Былыргы көлө Дьөһөгөй оҕото буоллаҕа.
Хонноҕун аннынан киллэһиктэнэр, ол «ластовица» дэнэр. Араас сиэргэ-туомҥа, холобур, күнү көрсүүгэ илиини өрө уунарга киллэһигэ суох ырбаахы эҥээрэ үөһэ тардыллара куһаҕан. Бу хас биирдии иистэнньэҥ халбаҥнаабат быраабылата.
Байбаранан байытан
Халаадай ырбаахы байбаралаах буолар. Ол ырбаахы аллара өттүнэн, бэйэтин матырыйаалынан самсыы тигиллэр. Сороҕор байбара оннугар рюша оҥоруллар.
Өйдөөҥ: Халадаай аллараа өттө үс миэтэрэ буоллаҕына, байбаратын устата алта миэтэрэ буолара ордук.
Халадаайы көстүүлээх буоларыгар
Бастатан туран, сиэҕэ үчүгэйдик олоруон наада. Ол иһин халадаай саннын кэтитин киһи санныттан кыра гыныллар. Холобур, эн санныҥ кэтитэ 13 см буоллаҕына, ырбаахыҥ саннын 2-3 см кыччатаҕын, ол оннугар сиэххин дьогдьуурунан уһатаҕын.
Сиэх дьогдьуура тэрэйэ сылдьарын наадатыгар синтепону түөрт муннуктуу (15 х 15) кырыйан, төгүрүтэн баран, сиэх дьогдьуурун сиигэр холбонор. Синтепон сымнаҕас, сууйдахха, быһыытын сүтэрбэт. Синтепон таҥас курдары көстөр буоллаҕына, ырбаахы таҥаһынан бүрүйэн биэриллэр.
Сиэх иҥээһиннэрин тигэргэ сиигэ улахан буоларын туһугар массыына хаамыытын улахан хардыыга (3) туруоруллар. Икки иҥээһини тигэн баран, саптары тэҥнии тардан, иҥээһиннэри иҥэриллэр.
Былыр, таҥас күндү кэмигэр, халадаай эҥээрэ алдьамматын диэн хос биэтэстииллэрэ. Билигин куйааска сөрүүн буоллун, таҥас эккэ сыстыбатын диэн халадаайы боростуой таҥаһынан (сиитэһинэн) биэтэстиир ордук. Чиҥ саастаах, курдары көстүбэт таҥаһынан тигиллибит халадаайы биэтэһэ суох тигиэххэ сөп. Ити эрээри, халадаай аллараа өттө ыйааһыннааҕа үчүгэй, онон эҥээрин биэтэстээн баран, үчүгэй өттүттэн сиигин саптаран куруһубанан киэргэтэр ордук.
Саҕаны сытыары эбэтэр туруору оҥоруллар. Бэлэнньик бөҕөх кэтэргэ ананар, уһуна 12 сантымыатырга тиийэр. Мантан уһатар түгэҥҥэ кэтэргэ табыгаһа суох. Бэлэнньик тимэҕэ эр киһи ырбаахытыгар тэҥэ суох, оттон дьахтар киэнигэр тэҥ ахсааннанар. Тимэх биэтилэтин таҥаһынан туспа («воздушные петли») оҥорон тигэр үчүгэй.
XX үйэ саҕаланыытыгар халадаай ырбаахыны, кэһиэччиги куруһубанан уонна оҕуруонан киэргэтэн тигэр буолбуттар. Ону үтүктэн таҥаһы төһө баҕарар байытыахха сөп.
46 размердаах халадаай ырбаахы киэбэ
Кэһиэччик
Киэргэтэн, кэһиэччиги оноолоон биэриэххэ сөп. Кэһиэччиги мин көстүүм таҥаһынан тигэргэ сүбэлиибин. Оннук матырыйаал суох түбэлтэтигэр, үөрүйэх иистэнньэҥнэр чараас таҥас эҥээрин ис өттүгэр дублирин килиэйинэн биир хос маарыланы сыһыаран, чиҥэтэн биэрэллэр.
46-48 размердаах кэһиэччик киэбэ.
Эдэрдэргэ анаан
Ырбаахыны биир эрээри тус туһунан дьүһүннээх таҥаһынан тигиллэр: үөһэ өттүн сырдыгынан, байбарытын хараҥа дьүһүннээх эбэтэр сибэкки ойуулааҕынан. Маны таһынан, таҥас кырадаһынын аттаран киэргэтиэххэ сөп.
Оттон эр киһи ырбаахытын сытыары саҕалаан баран, хаалтыстаатахха, дьоһун көстүүнү биэрэр.
Раиса СИБИРЯКОВА,«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа: маастар Зинаида Понохова (ортоку) иискэ уһуйар оҕолорун кытары.