Ыраас халлаан күөнүгэр көмүс күммүт күөрэйдэ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Уус Алдантан Полина-Победа истиҥ эҕэрдэтин тиэрдэр уонна саҥа хоһоонун бар дьонугар аныыр.

РОССИЯ КҮНЭ

Ыраас халлаан күөнүгэр
Көмүс күммүт күөрэйдэ!
Россия күнүн көрсө
Тэлимнээтэ былааҕа!

Сахам сирин былааҕа
Тэлимнээтэ тэҥинэн!
Тэҥҥэ үөрэ үөрэннэ!
Тэҥҥэ үүнэр кыахтанна!

Россия биһиэнэ!
Күннүүн, ыйдыын бииргэбит!
Бииргэ тыынар, олорор
Бигэ кииммит, биһикпит!

ЭН, мин, кини — биһиги
Тутуһабыт биир суолу,
Биир сомоҕо буоламмыт
Россия буолабыт!

Бииргэ буолар тухары
Күүстэниэхпит, үүнүөхпүт!
Былаахпытын тэҥинэн
Күүскэ күҥҥэ уунуохпут!

                                                                    Полина-Победа,
                                                                                Уус-Алдан

Хаартыска: pravmir.ru ылылынна

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0