Ыраахтан олорон үөрэнии кулун тутарга диэри уһаата

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарыгар ыраахтан олорон үөрэнии 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһаата. Туһааннаах бирикээскэ ректор Анатолий Николаев бэҕэһээ, олунньу 5 күнүгэр илии баттаата.

edersaas.ru

Бирикээскэ: “Коронавирус тарҕанар кутталын учуоттаан, үрдүк үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэх хаамыытын тэрийии туһунан” РФ Наукаҕа уонна үрдүк үөрэххэ министиэристибэтин 2021 сыл тохсунньу 28 күнүнээҕи бирикээһигэр олоҕуран, ХИФУга 2020 сыл алтынньы 12 күнүгэр ылыллыбыт бирикээһи 2021 сыл кулун тутар 1 күнүгэр диэри уһатарга”, — диэн ыйыллар. Ол эбэтэр, ыраахтан олорон (дистанционнай) үөрэнии кулун тутарга диэри сыҕарыйан биэрдэ.

Манна даҕатан эттэххэ, Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннарыгар коронавирустан быһыыны туруоран эрэллэр. Онон сабаҕалаатахха итиэннэ ректор эрдэ иһитиннэрбитинэн, олоҕурбут көрүҥүнэн үөрэх кулун тутартан сыыйа саҕаланыан сөп.

“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0