Ыраахтан олорон албынныыр түөкүттэртэн сэрэниҥ!

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

ИДьМ холуобунай дьыалаҕа Саха сиринээҕи управлениетын иһитиннэриитинэн, от ыйын 5-12 күннэригэр, ыраахтан олорон (дистанционнайынан) албынныыр түөкүттэр угаайыларыгар 29 киһи киирэн биэрбит.

Биир нэдиэлэ иһигэр өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо түөкүттэргэ албыннатан, 1 мөлүйүөн 800 солк. чугаһыыр харчыларыттан мэлийбиттэр.

Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат 17 олохтооҕо уонна Алдан, Мииринэй, Ленскэй, Өлүөхүмэ, Таатта, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас, Дьааҥы, Уус Алдан, Бүлүү 12 олохтооҕо  түөкүттэргэ албыннаппыттар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0