Ыраах айанныыр суоппардар мастарыскыайы, сапараапканы туруорсаллар

Ааптар: 
24.05.2017
Бөлөххө киир:

Бу ый саҥатыгар ыраах ыырдаах суоппардар бастакы сийиэстэрэ буолбута. Аан бастакытын тэриллибит киэҥ далааһыннаах тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 17 улууһуттан 320 суоппар кэлэн кыттыыны ылбыта.

Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru


“СӨ ыраах ыырдаах суоппардар Ассоциациялара” РУоТ бэрэссэдээтэлэ Евдокия Дьячковскаяттан ассоциация тэриллибит сыалын-соругун, сийиэскэ суоппардар чуолаан тугу туруорсубуттарын туһунан кэпсэттибит.

Ассоциация ыраах ыырдаах суоппардар интэриэстэрин туруулаһар

Екатерина Кимовна 2015-2016 сс. Чурапчы нэһилиэгин дьаһалтатын уопсастыбаннай координационнай сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбит. “Ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар бэйэлэрэ бэйэлэригэр буһа-хата сылдьаллар. Айаннара сүрдээх сыралаах, улахан эппиэтинэстээх, кутталлаах. Суолга көрсөр кыһалҕалара үгүс. Онон кинилэри болҕомтоҕо ылан түмсүү тэрийдэххэ, кыһалҕаны быһаарарга хамсааһын тахсыан сөп диэн санааҕа кэлэн тэрийбиппит», — диэн этэр. Онтон сиэттэрэн, Предприниматель сылыгар улуустааҕы предпринимателлэр сэбиэттэрин кытта кыттыһан бэстибээл тэрийбиттэр. Баччаҕа диэри уруулларын тутан баран сылдьыбыт дьон, кинилэргэ анаммыт тэрээһини улаханнык биһирээбиттэр. Түгэн тосхойбутугар хотунан-соҕуруунан таһаҕас таһыытыгар сылдьааччылар туох кыһалҕалары көрсөллөрүн дьүүллэспиттэр, ону туоратарга туох хамсааһыны ыытыахха сөптөөҕүн сүбэлэспиттэр. Тэрээһин атын улуустар болҕомтолорун тардыбыт.

2016  сыллаахха бэстибээли иккис төгүлүн тэрийбиттэр. Манна “Чурапчылар — айан суолун ааттаахтара” диэн Евдокия Дьячковская суоппардар сыралаах үлэлэрин сыаналаан, бу үлэ хайдахтаах эппиэтинэстээҕин бар дьон билэригэр-көрөрүгэр анаан таһаарбыт кинигэтин биһирэмэ буолбут. Кинигэҕэ талан ылбыт идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээбит, үлэлиир суоппардар тустарынан ахтыылар, хаартыскалар киллэриллибиттэрэ болҕомтону улаханнык тардыбыт. Ыраах айан-сырыы усулуобуйатын хайдах гынан тупсарар, баар итэҕэстэри туоратар туһунан төгүрүк остуолга кэпсэтии өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытыллыбыт. Кавалькада бэйэтэ туһунан эрчими биэрбит. Бу тэрээһиҥҥэ СӨ тырааныспар уонна суол хаһаайыстыбатын министиэристибэтиттэн, Атыы-эргиэн промышленнай палаататыттан кыттыыны ылбыттар. Маннык дьаһанан үлэлээһин ыраах айан суоппардарыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээбиттэр, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарар наадатын ыйбыттар.

Ити сыл балаҕан ыйын саҥатыгар Ассоциация тэриллибитэ. Чурапчы улууһун суоппардара – 120 киһи түмсүүгэ үөрүүнэн киирбиттэрэ. Уус алданнары кытта кыттыһан Суоппар күнүгэр бэртээхэй тэрээһин тэрийбиппит. Күрэхтэһии  буолбута, төгүрүк остуол ыытыллыбыта, үлэни-хамнаһы былааннаабыппыт. Ол кэннэ Амма улууһугар эмиэ бэрт туһалаах көрсүһүү буолбута, — диир Евдокия Кимовна.

Кини бэлиэтээбитинэн, күн бүгүн Ассоциацияҕа 17 улуустан: Орто Халыматтан, Муоматтан, Усуйаанаттан, Чурапчыттан, Тааттаттан, Ньурбаттан, Үөһээ Бүлүүттэн, Горнайтан, Намтан, Сунтаартан, о.д.а. ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардар  көхтөөхтүк киирбиттэр. Бары улуустарга биирдии эппиэттээх киһи сыһыарыллыбыт. Кини түмэр, сибээһи тутар, туох кыһалҕа үөскээбитин билэ-көрө олорор уонна биллэрэр, ону туоратарга көмөлөһөр сүрүн эппиэтинэстээх буоларын бэрэссэдээтэл бэлиэтиир.

Сийиэскэ айан суолун уһун ньууругар сылдьар суоппардар кыһалҕалары туоратарга үрдүкү былаас бэрэстэбиитэллэриттэн, тустаах министиэристибэлэртэн, тэрилтэлэртэн өйөбүл наадатын ыйбыттар. Айан суола тутуллара олус наадатын тоһоҕолоон бэлиэтээбиттэр, нолуок боппуруоһугар кыһарыйар кыһалҕалары быһаарарга, чопчулуурга эппиттэр, ыраах айаҥҥа аара өрөмүөннүүр мастарыскыайдары, сапараапкалыыр ыстаансыйалары, сынньана түһэн ааһарга кафелары тутары туруорсубуттар.

Кэпсэтиибит түмүгэр, Евдокия Кимовна ассоциация кыһамньытынан, СӨ бырабыыталыстыбата болҕомтоҕо ылыытынан, ырааҕынан тэлэһийэр суоппардар былырыын үлэлээбиттэригэр ылыахтаах харчыларын 2016 сыл ахсынньы 30  күнүгэр диэри толору аахсыбыттарын эттэ. Мантан да атын кыһалҕалар быһаарыллан иһиэхтэригэр эрэнэрин биллэрдэ.

Хоту сир бары муннуктарыгар тыа сирин дьонун-сэргэтин олоҕун тупсарыыга, олох таһыма сайдыытыгар таһаҕас таһан кылааттарын киллэрсэр ыраах ыырдаах суоппардар үлэлэригэр болҕомто ууруллан, хамсааһын саҕаланна. Аны үс сылынан сийиэс эмиэ буолуохтаах. Онно бу туруорсуулар төһө-хачча туолан иһэллэрэ ырылыччы көстүөҕэ.

Биһиги корр., “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыскалар:  ассоциация архыыбыттан, интернеттэн

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0