Ыраах сирдэргэ «көлүөһэлээх поликлиникалар» тиийэллэр

Бөлөххө киир:

«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак бастакы сүһүөх звенону модернизациялааһын  бырагырааматынан өрөспүүбүлүкэ мэдиссиинискэй тэрилтэлэрин автопаркалара саҥардыллаллар.

edersaas.ru

Ыраах сытар улуустар нэһилиэнньэлэрин мэдиссиинискэй көмөнөн хааччыйарга былырыын 14 көһө сылдьар мэдиссиинискэй комплекс атыылаһыллыбыта. «КАМАЗ» базатыгар үлэлиир бу комплексы «көлүөһэлээх поликлиника» диэн мээнэҕэ ааттаабаттар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр ыраах сытар нэһилиэнньэҕэ диспансеризацияны ыыта тиийэллэр.
Ол туһунан СӨ доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева:
«Көһө сылдьар массыыналар ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга тиийэн нэһилиэнньэ доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлииргэ туох наадалааҕынан барытынан сэбилэниилээхтэр. Оройуоннааҕы балыыһалар бу комплексы ковид кэмигэр нэһилиэнньэҕэ экспресс-тиэһи ыытарга көдьүүстээхтик туһаммыттара», -– диэн иһитиннэрдэ.

Надежда  ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0