Бу күннэргэ бары тэрилтэлэргэ сыллааҕы үлэ түмүгүн таһааран, ситиһиилээх үлэлээх дьону чиэстээһиннэр буола тураллар.
Бүгүн Үлэ сылын түмүктүүр дьоро тэрээһиҥҥэ бырабыыталыстыба 2№-дээх дьиэтигэр ыраах айан суоппардарын чиэстээтилэр.
Суоппар идэтэ олус улахан эппиэтинэһи эрэйэр үлэ. Кини күнэ бигэ туруктаах, сарсыҥҥы күнэ тахсыылаах буолара — үлэтин түмүгүттэн тутулуктаах. Ыраах айан суоппарынан ылбычча киһи үлэлээбэт. Аара алдьаныы-кээһэнии, араас уустуктары көрсүү ханна барыай? Ол ону бүгүҥҥү тэрээһин дьоруойдара этэҥҥэ туораан, наҕараада бастыҥын ылар чиэскэ тигистилэр.
Ыраах айан суоппардарын Үлэ сыла түмүктэммитинэн СӨ Аҕа баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Георгий Михайлов эҕэрдэлээтэ:
— Эһиги, Саха сирин ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардара, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар улахан кылааккытын киллэрэҕит. Тыйыс усулуобуйалаах дойдубутугар үлэҕитигэр бэриниилээх уонна эппиэтистээх буолан, ханнык да уустуктары аахсыбакка, уруултан илиигитин араарбакка айанныыгыт. Күнүстэри-түүннэри сыралаах үлэҕит түмүгэр өрөспүүбүлүкэ олоҕун-дьаһаҕын — чохтон саҕалаан, норуот хаһаайыстыбатын бары табаардарынан, аһынан-үөлүнэн хааччыйа олороҕут. Тутуу матырыйаалларын кэмигэр тиэрдэн, улуустар социальнай эбийиэктэрэ, хочуолунайдара бары кэмигэр тутуллан үлэҕэ киирэллэр. Сайдыы суолун түстэһэр дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит, — диэн бэлиэтээтэ Георгий Николаевич.
Ил Түмэн дьокутаата Елена Голомарева ыраах айан суоппарын ыарахан үлэтин бэлиэтээн туран, кыһыҥҥы суоллары оҥорууга федеральнай үбүлээһини көрүүгэ үлэ ыыта сылдьалларын иһитиннэрдэ.
— Өрөспүүлүкэ сайдыытыгар туһуламмыт хотугу улуустарга аналлаах норуот хаһаайыстыбатын табаарын, курууһун, таһаҕаһын тиэйэр үлэлээх дьон айан суолугар үгүс ыарахаттары көрсөргүтүн билэр буолан, кыһалҕалаах боппуруостаргытын чэпчэтэр соруктаахпыт, — диэн бэлиэтээтэ Елена Голомарева. Норуот дьокутаата бэйэтэ салайар Арктика уонна хотугу норуоттар дьыалаларын сис кэмитиэтин Бочуотунай кыраамататын бастыҥ үлэлээх суоппардарга туттарда.
Култуура уонна духуобунас миниистирэ Афанасий Ноев «Ил Дархан Айсен Николаев үлэ киһитин өрө тутуохха, үлэни сыаналыахха диэн санаанан быйылгы сылы Үлэ сылынан биллэрэн, бу эһиги курдук үлэ дьоно болҕомто киинигэр сырыттылар» диэн этэн туран, бэйэтин баҕа санаатын тиэртэ:
Ньурба улууһун олохтоохторо, кэргэннии Герман уонна Зоя Титовтар поруомунан айаны тэрийэр дьиэ кэргэн биисинэһин тэрийэн үлэлэтэллэр. Ыраах айан суоппардарын хамсааһынын биир көхтөөх өйөөччүлэрэ — кинилэр. Титовтар үлэлэрэ дьоһуннаахтык сыаналанна.
Уопсастыбаннай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттар эмиэ Ньурба улууһун дорҕоонноохтук ааттата сылдьар, «Ыраах айан суоппардара» уопсастыбаннай хамсааһын биир бастыҥ киһитэ, СӨ бочуоттаах дальнобойщига, СӨ автомобильнай тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, Ф.К. Попов аатынан «Сердце патриота» бочуоттаах бэлиэ хаһаайына Николай Сотников араас тэрээһиннэргэ өрүү кыттар, бэйэтин төрөөбүт улууһугар куорат сэбиэтин дьокутаата, Степан Васильев аатынан 1№-дээх оскуола попечителэ. Кини суолталаах тэрээһиҥҥэ бэйэтин наҕараадатыгар эбии биир дьикти бэлэҕи эмиэ тутта.
Ол курдук, кини уон ыйдаах оҕото быйыл сайын Үс Хатыҥҥа ыраах айан суоппардарын массыыналарын параадыгар аҕатын кытта кэлсэн кыттан барбыт эбит. Онон кырачаан киһи бэлэҕэ эмиэ Ньурбалаата.
Тымныы полюһа Өймөкөөн улууһун «дальнобойщиктара» Федор Филиппов уонна Афанасий Оконешников ыраах айан суоппардарын чиэстиир тэрээһиҥҥэ эмиэ кыттыыны ылан, үлэлэрэ сыаналанан, дьоһуннаах наҕараала бэйэтин дьоруойдарын булла.
Тэрээһин түмүгэр суоппар Николай Сотников бэйэтин санаатын бу курдук эттэ:
«Мин киэн туттабын суоппар буоларбынан!» — диэн туран, ыраах айан бары суоппардарын ааттарыттан Николай Сотников кинилэри өйүү сылдьар «Ыраах айан суоппардара» ассоциация салайааччыта Евдокия Дьячковскаяҕа барҕа махталын тиэртэ. Евдокия Кимовнаҕа бу күн үгүс махтал, кининэн киэн туттуу тыллара этилиннилэр.
Ити курдук, ыарахан үлэлээх суоппардар Үлэ сылын бэрт чиэстээхтик түмүктээтилэр.