Ыра санаа туолуута

27.12.2021
Бөлөххө киир:

«Диаданс» успуорт-акробатика устуудьуйатын оҕолоро сотору Москва куоракка Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр кытта барар путевканан наҕараадаланнылар.
Маннык үчүгэй сонун ахсынньы 25 күнүгэр «Хореографтар баалларыгар» билиннэ. Айгуль Аширбекова салайааччылаах «Диаданс» устуудьуйа оҕолоро Вика Игнатьева уонна Селена Павлова ДЬокуускайга ыытыллыбыт «Саха сирин кубога» эрэгийиэннээҕи сүүмэрдиир марафоҥҥа 1 миэстэни ыллылар.

edersaas.ru

Үтүө түгэнинэн туһанан,  устуудьуйа салайааччыта Айгуль Аширбекованы кытары билсиэҕиҥ.

Цииркэ ускуустубатын биир уустук көрүҥэр – успуорду уонна акробатиканы ситимниир дьарыкка үөрэтэр тириэньэр Айгуль Байжановна Аширбекова “ДИАДАНС” устуудьуйата – саха оҕолорун уһулуччу талааннарын өрөспүүбүлүкэ таһыгар ситиһиилээхтик көрдөрөр, улахан куонкурустар, бэстибээллэр лауреаттара, Кылаан бириис хаһаайыттара.


“Дойдуну киһи киэргэтэр”

Айгуль Аширбекова “ДИАДАНС” успуорт-акробатика устуудьуйатын оҕо, эдэр сааһа ааспыт Сунтаарыгар үлэлии сылдьан тэрийбитэ.
Кыра эрдэҕиттэн гимнастка, акробатка буолар баҕа санаалаах Айгуль Сунтаардааҕы гимназияҕа хореограбынан үлэлии сырыттаҕына, И.С.Иванов аатынан Сунтаар 2 N-дээх оскуолатын дириэктэрэ Василий Русланович Иванов ыҥырбыта. Манна Айгуль Бажановна оҕолор эт-хаан өттүнэн эрэ буолбакка, бары өттүнэн сайдалларыгар ситиһиилээхтик үлэлээбитэ.
Онтон төрөппүт кыргыттарбын, дьиэбин-уоппун көрөрбөр-истэрбэр арыый табыгастаах буолаарай уонна бириэмэбин бэйэм аттарынар курдук үлэлээх киһи дии санаан, “ДИАДАНС” диэн цииркэ, успуорт үҥкүүтүн бөлөҕүн тэрийэн үлэлээн көрөргө санаммыта. Итинник туспа суолунан барыы иккис төрүөтүнэн кини оскуола бырагырааматынан, ирдэбилинэн хааччахтаммакка, хореограф быһыытынан сүрэҕэ тугу этэрин туруоруон, иэйиитэ этэринэн үлэлиэн баҕарара этэ. Тута биллэрии биэрэн, баҕалаах оҕолору үҥкүү бөлөҕөр сүүмэрдээн барбыта. Урут наар национальнай, классическай үҥкүүлэринэн дьарыктаммыт, оттон билигин акробатика нүөмэрдэрин баһылаан, эттэрин-хааннарын эрчийиэн, кыраһыабай көстүүлээх буоларга баҕалаах оҕолор да, төрөппүттэр да элбэх буолан биэрбиттэрэ. Айгуль Бажановна билигин ол туһунан:
“… Биир нэдиэлэни быһа улахан кастины ыыппытым, бастакы сылбар отучча оҕо киирбитэ. Элбэх киһиттэн мөҕүллэн, сэмэлэнэн да ылбытым. “Олимпийскай оонньууларга ылар курдук ирдэбилиҥ тоҕо сүрэй?” диэччилэр да бааллара”, – диэн билигин үтүө эрэ өйдөбүлү хаалларбыт Сунтаардааҕы кэмнэрин туһунан күлэ-үөрэ кэпсиир.
Сонун суоллаах-иистээх тириэньэри Сунтаар нэһилиэгин баһылыга Эдуард Егорович Филиппов уонна “Партизан” Култуура киинин дириэктэрэ Юрий Дмитриевич Очосов биир бастакынан өйөөбүттэрэ. Устуудьуйа оҕолоро дьарыктаналларыгар анаан «Партизан» кулуубугар саала биэрбиттэрэ. Ону сэргэ, оҕо успуордун оскуолатыгар дьарыктанарга анаан көбүөр сабыылаах саалаҕа нэдиэлэҕэ 1-2 эрчиллэллэрэ. Улуус баһылыга Анатолий Васильевич Григорьев, оскуола дириэктэрэ Александр Николаевич Михайлов уо.д.а. үтүө санаалаах дьон устуудьуйа элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэригэр үп-харчы боппуруоһугар элбэхтик өйөөбүттэрин истиҥ махталынан ахтар.
Күүстээх үлэ үтүө түмүктээх буолан испитэ, кыралаан ситиһиилэр кэккэлэспиттэрэ. Саамай улахан күрэхтэргэ кыттыы дойду тэбэр сүрэҕиттэн Москваттан саҕаламмыта (бу иннинэ Дьокуускайга кытталлара). Дьокуускайга кинилэри бэлиэтии көрөн, дойду таһыгар куонкурустарга ыҥырар буолан барбыттара.

Олох – хамсаныы

Дьонугар-сэргэтигэр сөбүлэтэн, иннин диэки дьулуһан үлэлии сылдьан, дьиэ кэргэнин балаһыанньатынан, Дьокуускай куоракка көһөн кэлбитэ. Кыра эрдэҕиттэн куруук туох эрэ саҥаны, сонуну билэр баҕалаах, туруоруммут соругун толорорго дьулуурдаах Айгуль иннигэр туох күүтэрин улаханнык толкуйдуу барбатаҕа. Дьиҥэр, халлааҥҥа харбыаласпыт, килэйбит-халайбыт дьиэлэрдээх киин куоракка сылаас уйа буолар дьиэтэ да, кинини күүтэр үлэтэ да суоҕа…
Кини куоракка кэлэн баран кыргыттарын оскуолаҕа киллэртээбитин бастакы улахан ситиһиитинэн ааҕар. Сунтаар оскуолатыгар туйгун эрэ сыанаҕа үөрэммит, үрдүк бааллаах улахан кыыһа Ира Дьокуускай куораттааҕы лиссиэйгэ информатика-математика кылааһыгар улахан куонкуруһу (50-ча оҕоҕо 5 эрэ миэстэ баара) ааһан киирбитэ. Кыра кыыһыгар Каринаҕа эмиэ куорат дьаһалтатын үөрэххэ управлениетыттан көрдөһөн, Дьокуускай киинигэр баар оскуолаҕа миэстэ биир күнүнэн быһаарылла охсон хаалбыта эмиэ улахан табыллыы этэ. Дьэ, ол кэнниттэн атырдьах ыйын ортотуттан аны бэйэтин үлэтин көрдүүр кэмэ бу тиийэн кэлбитэ. Сунтаарга оҕолору дьарыктыыр дьиэ-уот төлөбүрүгэр кыһалҕаны көрсүбэтэх буоллаҕына, куоракка дьарыктанар дьиэни булуу, төлөбүр ыарахана бастаан улаханнык чаҕыппыта. Мунньуммут харчытыттан 60 тыһыынчаны үлэлиир саалатын төлөбүрүгэр уонна да атын өҥөлөрүгэр ууран биэрэргэ күһэллибитэ. Сүүмэрдээһини ыытарыгар 20-чэ оҕо киирбитэ эрэл кыымын сахпыта эрээри, бастакы ыйыгар хамнаһа суох үлэлээбитэ. Сотору дьүөгэлэрэ “Модун” успуорт комплексыгар бара сылдьан ыйыталаһарыгар сүбэлээбиттэрэ. Кини дьолугар, “модуннар” икки төгүл кыра сыанаҕа дуогабардаһан, тута сөбүлэспиттэрэ. Онтон ыла манна “ДИАДАНС” устуудьуйа оҕолоро номнуо иккис сылын дьарыктаналлар.

Кэрэни айа-тута

Айгуль Бажановна устуудьуйата кэммиэрчэскэй хабааннаах буолан, төрөппүттэри кытары биир санаанан, өйөһөн-өйдөһөн үлэлээтэххэ эрэ ситиһиилэр баар буолалларын туһунан этэр. Устуудьуйаҕа дьарыктаналларыттан саҕалаан, көстүүмнэри тигиини, куонкуруска кыттыыны, айан-сырыы төлөбүрүн барытын төрөппүт бэйэтэ уйунар. Салайааччыга, атын тэрилтэҕэ курдук, командировочнай, олорор сир ороскуота көрүллүбэт.
“Ону ол диэбэккэ, өрөспүүбүлүкэбит иһинэн эрэ муҥурдаммакка, иннибит диэки дьулуруйан, өрө дабайдар дабайан иһиэхтээхпит. Ханна да күрэхтэспэтэххинэ, оҕолор да, төрөппүттэр да интэриэстэрэ сүтүөн сөп. Онон, куруук араас куонкурустарга кытта уонна кыайыы эрэ көтөллөөх сылдьыахпытын наада. Оҕолор атын куораттарга баран кытыннахтарына, улаханнык уларыйан кэлэллэр, харахтара уоттанар. Мин санаабар, успуорт-акробатика көрүҥүнэн дьарыктанар, киэҥ сиринэн тэлэһийэр оҕолор бэйэлэрин саастыылаахтарыттан ордук түргэнник сайдар курдуктар. Көрүүлэрэ-билиилэрэ кэҥээн, өссө киэҥҥэ-куоҥҥа тардыһаллар. Тоҕо диэтэххэ, куонкуруспут бүттэр эрэ, тиийбит куораппыт кэрэ-бэлиэ миэстэлэригэр хайаан да сылдьабыт, билиһиннэрэбит. Бэстибээллэр тулхадыйбыта быраабылаларынан кыттааччылары барыларын биир гостиницаҕа түһэрии буолар. Этэргэ дылы, норуоттар доҕордоһуулара олохтонор. Армения, Узбекистан, Казахстан уо.д.а. араас дойдулартан, Арассыыйа куораттарыттан кэлбит биир саастыылаахтарын кытары билсэллэр, чугастык алтыһаллар. Бу барыта оҕолорбутугар олус интэриэһинэй, өрө көтөҕүллэн кэлэллэр уонна аныгыскы сырыыны ыраах тырымныы умайар уот курдук көрөн, ыра санаа оҥостоллор, күүскэ дьарыктанарга кыһаллаллар”, – диэн салайааччы санаатын үллэстэр.
Маннык сырыыларга тириэньэр Айгуль Бажановна бэйэтэ эмиэ элбэххэ үөрэнэрин, араас үҥкүүнү көрөн фантазията сайдарын, сонун санаалардаах кэлэрин туһунан этэр. Соҕуруу дойду куонкурустара Саха сиригэр ыытыллар тэрээһиннэрдээҕэр биир үчүгэй уратытын бэлиэтиир. Ол курдук, кинилэр араас куонкурустарга, бэстибээллэргэ үҥкүүлээн, миэстэлэһэн эрэ кэлбэттэр. Үрдүк таһымнаах тэрээһиннэр кэннилэриттэн салайааччыларга уонна оҕолорго хайаан да тус-туспа маастар-кылаастары ыыталлар, босхо үөрэтэллэр. Туох сыыһалар, итэҕэстэр баалларын быһаараллар, сүбэлииллэр. Айгуль Аширбекова бигэтик этэринэн, кириитикэлэммэт эбэтэр кириитикэни истибэт киһи үчүгэйбин дэнэн, наар биир таһымҥа хаалан хаалыан сөп.
“Устуудьуйабар 40-ча оҕо дьарыктанар буоллаҕына, оччо элбэх оҕону хаһан да илдьэ барбаппын. Саамай элбээбитэ 16 оҕо талыллар. Холобур, Казахстаҥҥа “Просторы вдохновения” аан дойдутааҕы бэстибээл-куонкуруска 16 оҕону уонна төрөппүттэри илдьэ барбытым. Инньэ гынан, улахан ороскуоту сүгэллэр, ол иһин, ыраах барыыны хайаан да кыайыынан-хотуунан толуйар соруктаах үлэлиибит. “Бардыбыт, кытынныбыт да кыайан-хотон кэлиэхтээхпит!” диэн бэйэбитигэр сүрүн ирдэбиллээхпит. Куонкурустар таһымнара үрдүктэр, кыттааччылара күүстээхтэр. Аан дойдутааҕы таһымнаах куонкурустарга хаста лауреат буолбуппутун ааҕан иһэн, ситэри аахпат буолан хааллым (күлэр). Кубоктарбыт ыскааппар баппат буолан эрэллэр”, – диэн Айгуль Аширбекова ситиһиллибитинэн тохтоон хаалар санаата суоҕун туһунан этэр.

Оҕолору  кынаттыыр күүс

АЙГУЛЬ АШИРБЕКОВА:
“Устуудьуйабытыгар сүрүн бөлөх диэн баар. Манна 6-11 саастаах, чахчы чаҕылхай, күөн күрэстэргэ тургутуһар оҕолор дьарыктаналлар. Бу бөлөх оҕолоро самаан сайын да сынньаммакка, эттэрин-сииннэрин эрчийэн, хайа баҕарар кэмҥэ бэлэм буолар курдук, тохтобула суох дьарыктаналлар. Ахсынньыттан кулун тутарга буолуохтаах куонкурустарбытыгар анаан-минээн бэлэмнэнэбит. Ол иһин, кулун тутарга диэри эмиэ биир да күн өрөөбөккө, тохтобула суох үлэлиибит. Ол оннугар, сайыны быһа үүннэриллибит хомууру хомуйар курдук, үлэбит түмүгэр араас миэстэлэри хомуйан ылабыт, дойдубутугар өттүк харалаах, илии тутуурдаах төннөбүт.
Иккис бөлөххө саҥа саҕалааччылар сылдьаллар. 4,5 саастарыттан саҕалаан 10-20 оҕо дьарыктанар. Кинилэр дьоҕурдара эмиэ уратылаах. Саҥа саҕалааччылар бөлөхтөрүгэр сорох оҕо 6 да ый, сорох оҕо 3 да сыл сылдьыан сөп. Төрөппүттэри кытары хара маҥнайгыттан дуогабар түһэрсэбит, төрөппүт быраабын барытын учуоттуубун, оһоллонуу-дэҥнэнии түбэлтэтиттэн страховка толорторобун. Ону сэргэ, бу оҕо успуорт-акробатика үҥкүүтүгэр сылдьара көҥүллэнэрин туһунан педиатр-быраас илии баттааһыннаах, бэчээт ууруллубут мэдиссиинискэй ыспыраапканы булгуччу ирдиибин. Ол эбэтэр, эппиэтинэһи быраас сүгэр. “Оҕом этэ-сиинэ көҕөрбүт” диэн баайсар төрөппүттэр эмиэ баар буолаллар. Ол иһин, хас биирдии дьарык саҕаланыан иннинэ илиилэрин-атахтарын көрөбүн.
Биһиги үҥкүүбүт чуолаан успуорт хабааннаах. Үҥкүүнү уонна успуорду иккиэннэрин тэҥҥэ ситимнии сатыыбын. Ол иһин, сыл бастакы аҥаара хореографияҕа, онтон сыл аҥаара эти-сиини эрчийиигэ барар. Сүрүннээн имигэс, ньымса буолууга, нарыннык хамсаныыга үлэлиибит. Ол эрэ кэнниттэн үҥкүүгэ киирсэбит. Орто эрэ хаачыстыбалаах үҥкүүнү толороору куонкурустарга киирсэ сатыыры, онон харчыны тыалга ыһары сөбө суоҕунан ааҕабын. Ол иһин, оҕолорбор: “Мин эһигини аралдьыта барбаппын, үлэлии уонна кыайа барабыт!” – диэн куруук хатылыырбыттан сылайбаппын. Дьэ, ол кэриэтэ куонкурус кэнниттэн сынньаныахпытын, аралдьыйыахпытын сөп. Оттон куонкурус иннинэ – күн аайы эрчиллии. Бэл, ханнык куоракка кэлбиттэрин да өйдүү илик буолаллар, тоҕо диэтэххэ, тиһигин быспакка дьарыктанабыт”, – диэн ирдэбиллээх эрэ буоллахха, ситиһии кэлэрин туһунан кэпсиир.

“Я на диете”…

“Миэхэ дьарыктанар оҕолор 100 бырыһыан бэйэлэрэ баҕаран кэлэллэр дии саныыбын. Бэйэтэ баҕата суох, төрөппүттэрин этиилэринэн кэлбит оҕо өр барбат. Мин ол иһин оҕолортон эбэһээт ыйытабын. Оҕо хаһан да сымыйалаабат. Дьэ, ол кэнниттэн кини төһө имигэһин, сымсатын, уҥуоҕун, быһыытын-таһаатын сирийэн көрөбүн. Бастакы ыйга эрчиллэн көрөллөрүгэр кыах биэрэбин, онтон кыаллыа суох буоллаҕына, иккис ыйыгар харчыларын бу дьарыктарга таах матайдаабакка, атын дьарыкка баралларыгар сүбэлиибин. Тоҕо диэтэххэ, төрөппүттэр: “Оҕобутун дьарыктыырга харчы төлөөтүбүт, хас да сыл сырытыннардыбыт, оттон оҕом тоҕо сайдыбатый?” – диэн миигин хомуруйуохтарын сөп. Ол иһин, хара маҥнайгыттан: “Ким да өһүргэниэ суохтаах. Эһиги миэхэ ый аайы кэлэн харчыгытын халтайга ыытаргытынааҕар, кырдьыгынан этэрим ордук буолбатах дуо?” – диибин, суобаһым ыраас буолуон баҕарабын, аптарытыаппын түһэриэхпин баҕарбаппын”, – диэн кырдьыгы уот харахха этэр хаһан баҕарар көдьүүстээҕин туһунан кэпсиир.
Айгуль бэл, чугас аймахтара оҕону тутан-хабан көрөн хайдах тута билэрин дьиктиргииллэр. Онуоха Айгуль хардата биир:
“Оҕону хайдах билэрбин кыайан быһаарар, өйдөтөр кыаҕым суох. Тутан көрдүм, кини хараҕын утары көрдүм, биир-икки тылы кэпсэттим уонна билэбин”, – эрэ диирбэр тиийэбин. Хаһан эрэ Дапсы эппитинии, тыл диэн сороҕор киһи сатаан быһаарбат, билбэт түбэлтэлэрдээх буолар.
Миэхэ дьарыктанар оҕолорум төрөппүттэригэр олус махтанабын, үтүө сыһыаннаахпыт, кинилэр олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, өссө инники түһэр дьоҕурдаах буоланнар, миэхэ үлэлииргэ чэпчэки. Сунтаардааҕы оҕолорум төрөппүттэрин кытары эмиэ биир дьиэ кэргэн курдук буолан хаалбыппыт, ытыы-ытыы кэлбитим. Кинилэри олус аҕыннахпына, бу атааралларыгар бэлэхтээбит улахан хартыыналарын көрөн уоскуйарга дылы буолабын, санаабар куруук миигин арчылыы, араҥаччылыы турар курдук (Айгуль ис-киирбэх оҥоһуулаах дьиэтигэр киирээт, бэйэтин тула оҕолорун мэтириэттэрэ кэчигирэспит улахан да улахан панно-хартыынаны көрө түһэҕин).
Төрөппүттэрим махталларын истэр эмиэ олус долгутуулаах, үөрбүт киһи кэрэ мөссүөнүн көрөр саҕа үчүгэй суох. Сорох төрөппүттэр оҕолорун майгыта уларыйбытын, дьиэҕэ-уокка бэрээдэги тутуһар, ыраастык туттар, хомунар, тугу аһыылларын көрүнэр буолбуттарын туһунан үөрэ-көтө кэпсииллэр. “Айгуль Бажановна сказала, чтоб я сама одевалась”, “Нет, я мороженое не ем, я на диете”, – диэн дьоннорун сөхтөрөллөр да, күллэрэллэр да үһү”.

Талаантан талаан саҕыллар

Айгуль Аширбекова саҥаттан-саҥа үҥкүүнү туруорар, оҕолорун дьарыктыыр эрэ буолбатах. Үлэлээтэҕин аайы бииртэн биир үлэ ситимнэнэн тахсан иһэр. Успуорт-акробатика көрүгэр үҥкүүнү чаҕылхайдык бэлэмниирин сэргэ, муусукатын булууга, таҥыыга аранжировщиктарын кытары үлэлиир. Куонкуруска киирэр үҥкүү 3-4 эрэ мүнүүтэлээх буолуохтаах. Куонкурустарга мүнүүтэҕин аһардыҥ, регламены тутуспатыҥ да, үҥкүүнү тохтотон кэбиһэллэр. Дьэ, ол иһин, хас хамсаныыга ханнык муусука сөп түбэһэригэр, 5-6 муусукаттан талыллыбыт композиция төһө өр иһиллиэхтээҕэр, биир дорҕоон ханнык хамсаныыга сөп түбэһиэхтээҕэр ураты ирдэбиллээх Айгуль Аширбекова курдук хореограф тарбахха баттанарын туһунан бииргэ үлэлиир аранжировщиктара сөҕөн кэпсииллэр. Айгуль: “Ити хаачыстыбам ханнык баҕарар үнүстүрүмүөҥҥэ оонньуур дьоҕурдаах аҕабыттан (аата) кэлбитэ буолуо, оттон суоттуурбар-учуоттуурбар экэнэмиис үөрэҕин бүтэрбитим туһалыыра буолуо”, – диир. Ийэтинэн (аата-суола) аймахтара эмиэ удьуор ситиминэн салҕанан, олохторун култуураҕа анаабыт дьон.

Омуктуу аат кистэлэҥэ

Саха нарын кыыһа орто дойдуга айыллан кэлбит аатын дьиктиргиир дьон аҕыйаҕа суох. Урутаан эттэххэ, ол төрүөтүнэн кини казах аҕалааҕа буолар. Балтынаан Чимкент куоракка күн сирин көрбүттэрэ. Кэлин төрөппүттэрэ Саха сиригэр көһөн кэлэннэр, оҕо сааһа Сунтаарга ааспыта. Айгуль Аширбекова балтыныын төрөппүт аҕаларын Байжан Аширбековы кытары билсэллэр, кини дьиэ кэргэнигэр куруук күүтүүлээх күндү дьонунан буолаллар.

“Саха сиригэр миигин билбэт дьон араспаанньабынан омук дии саныыллар, туора киһи курдук көрүөхтэрин да сөп. Нууччалыы кэпсэтэ сатыыллар, сахалыы эппиэттээтэхпинэ, наһаа соһуйаллар. Онтон атын сиргэ бардахпына, төттөрүтүн, бэйэлэрин киһилэрин курдук ылыналлар. Куонкурустарга “Аширбекова” диэн киэн туттубут курдук бастакынан этэллэр”, – диэн сирэйдиин-харахтыын сырдаан олорон кэпсиир.

х х х

Дьиҥ талааннаах дьон бэйэлэрин ситиһиилэринэн хаһан да толору дуоһуйбаттар. “Киһи санаабытын барытын хайаан да ситиэхтээх”, – диэн тускулунан дьулуһан туран ситиспит чыпчаалларыҥ куруук күндүттэн күндү буола турдуннар!

“Диаданс” устуудьуйа кэнники икки сылга ситиһиилэрэ:

2019 с. – Cалайааччы Айгуль Аширбекова “Сунтаар улууһун физическэй култуурата уонна успуорда сайдыытыгар кылаатын иһин”, “Сунтаар нэһилиэгин сайдыытыгар кылаатын иһин” түөскэ анньыллар бочуоттаах бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта;
2019 с. – «Танцевальное признание» куонкурус иккис туурун I истиэпэннээх лауреаттара (Дайаана Никитина, Алина Саввина);
2019 с. – Москва куоракка «Танцевальное признание» куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара ( Дайаана, Алина);
2019 с. – “Арассыыйа култууратын сайдыытыгар үрдүк профессионализмнарын уонна биллэр кылааттарын иһин” Махтал суругу УФК МТО салайааччыта А.В.Бондарчук туттарбыта;
2019 с. – “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” өрөспүүбүлүкэтээҕи 7-с куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – Казахстан Астана куоратыгар “Просторы вдохновения” аан дойдутааҕы бэстибээл-куонкуруска “Цииркэ ускуустубата” номинация I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – Казахстан Астана куоратыгар “Просторы вдохновения” аан дойдутааҕы бэстибээл-куонкурус “Хорсунун иһин” номинация дипломаннара;
2019 с. – Казахстан Астана куоратыгар «Art premium» аан дойдутааҕы бэстибээлгэ “Цииркэ ускуустубата” номинация I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – “Хотугу сулус” өрөспүүбүлэкэтээҕи телевизионнай куонкуруска “Цииркэ ускуустубата” номинация I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – Чурапчы улууһун Мугудай с. цииркэ ускуустубатын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар акробатикаҕа “Дебют года” номинациянан бэлиэтэммитэ;
2019 с. – “Танцевальное призвание” хореографическай ускуустуба Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр 2-с туур I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус-бэстибээл I истиэпэннээх лауреаттара;
2019 с. – Москваҕа “Танцевальное призвание” хореография ускуустубатын Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлигэр 3 туур I истиэпэннээх лауреаттара;
2020 с. – “Кыһыҥҥы оһуордар” үҥкүү 5-с бэстибээлин Кылаан кыайыылаахтара (Гран-при) (Дайаана, Алина);
2020 с. – Сибиир уонна Уһук Илин норуоттарын култууратын сайыннарар пуонда Болгария Китен куоратыгар ускуустуба аан дойдутааҕы бэстибээлигэр ыҥырбыта;
2020 с. – “Кыһыҥҥы оһуордар” үҥкүү 5-с бэстибээлин I истиэпэннээх лауреаттара (кыралар бөлөхтөрө);
2020 с. – “Олоҥхо сирин талааннара” куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара (Дайаана, Алина) уонна «Самый яркий зрелищный номер» номинация кыайыылаахтара, “Оһуор” маҕаһыынтан анал бириис, 3 тыһыынча суумалаах сэртипикээт хаһаайыннара;
2020 с. – “Олоҥхо сирин талааннара” куонкурус II истиэпэннээх лауреаттара (кыралар бөлөхтөрө);
2020 с. – Чурапчы с. цииркэ ускуустубатын өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо 1-кы куонкуруһун II истиэпэннээх лауреаттара;
2020 с. – Тулагы с. “Карусель” үҥкүү аһаҕас куонкуруһун I истиэпэннээх лауреаттара (Алина, Дайаана);
2020 с. – Найахы с. “Бары үҥкүүлүүллэр” куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара (Алина, Дайаана);
2020 с. – “Бриллиантовай ноталар. Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара;
2020 с. – Сунтаар с. “Добун түһүлгэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэтэхтэн куонкурус I истиэпэннээх лауреаттара;
2021 с. – “Planet of Arts” II истиэпэннээх лауреаттара;
2021 с. Санкт-Петербурга ыытыллыбыт куонкуруска Айгуль Аширбековаҕа үрдүк профессионализмын уонна айар үлэ үрдүк таһымын туоһулуур “Maestro” диплому туттарбыттара;
2021 с. – РФ Бэрэсидьиэнин иһинэн СӨ бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэтин Махтал суругунан наҕараадаламмыттара;
2021 с. – Казань куоракка “Planet Of Arts” куонкурус Кылаан бирииһин, А.Аширбековаҕа аан дойду норуоттарын айар талааннарын сырдатыыга уонна маастарыстыба, сценичэскэй култуура үрдүк таһымын иһин Махтал суругу туттарбыттара.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0