«Ынах сүөһүнү Саха сирин тымныытыгар таһырдьа кыстатыахха сөп эбит…»

Бөлөххө киир:

Ахсынньы тоһуттар тымныытыгар сыһыыга куоппут Уһун Күөл ыалларын сүөһүлэриттэн саамай оччугуйдара — балтараа саастаах. “Тоҥ суолун” сонордоон, ойуурга аҕыс хоммут борооскуну иллэрээ күн, ахсынньы 28 күнүгэр, аҕалан хотонун буллардылар. Сүөһү сүтүктээх ыал аҕа баһылыга Петр Жирков дьэ уоскуйан, бу дьикти быһылаан туһунан, көрдөһүүбүн быһа гыммакка, сиһилии маннык кэпсээтэ:

— Ахсынньы 20 күнүгэр сарсыарда 7 чаас ааһыыта түөрт ыал 22 сүөһүтүн күтүөтүм уулата сырыттаҕына, Дүпсүннүүр суол сыырынан соҕотох хара сылгы кистии-кистии таҥнары сүүрэн киирбит. Сүөһүлэр киниттэн тоҕо эрэ улаханнык сиргэнэн, бары бууттара быстарынан үрүө-тараа сырсыбыттар. Икки быйылгы ньирэй эрэ тута хотонноругар куоппуттар. Үһүө буоламмыт суһаллык хомунан, сүөһүлэрбитин эккирэттибит. Хата, бары утары иһэллэр эбит. Ол гынан баран, бөһүөлэккэ киириигэ үргүбүттэрэ эбитэ дуу, төттөрү сырсан хааллылар. Нэһиилэ тоҕуһу ситэммит күөйтэлээн аҕалбыппыт. Киэһэ хойутуу сорохторо бэйэлэрэ кэлбиттэрэ.

Сыһыыга — сылгытыйбыт сүөһүлэр

Тымныы 50-тан тахса кыраадыс турдаҕына, сүөһүлэр аһаҕас халлаан анныгар хоноллоро киһи өйүгэр баппат суол. Сарсыардаттан 16 буоламмыт сатыы уонна икки атынан куоппут 9 сүөһүнү көрдүү барбыппыт. Өнөр Эбэтин Чубучааны чугаһынан улахан арыыга баалларын буллубут. Хаар быйыл 15 см эрэ чараас буолан, аһаҕас алааска, күөлгэ киирбэккэ, ойууру сирэйдэнэннэр, сылбырҕатык куоталлар. Халлаан түргэнник хараҥара охсор буолан, ити күн туох да ситиһиитэ суох дьиэлээтибит.

Сарсыныгар аттаахтарбыт күөйтэлээн, айан суолугар тахсар суол төрдүгэр киллэртээн, бөһүөлэк диэки салайаары гыммыттара ыһыллан хаалбыттар. Айан суолугар тахсыбыттартан сорохторо, ааспыкка суруллубутун курдук, Тулунаҕа тиийбиттэр. Бургунаһы кытта таһырдьа түөрт хонсубут тыһаҕас эмиэ тиийсибит эбит. Хаары бүрүммүттэрин көрөн сэрэйэн, хотонугар киллэрэн ириэрээри-харайаары гыммыт киһиттэн Уһун Күөл аартыгынан биирдэстэрэ куота турбут. Онтубут соҕотоҕун тиийэн кэлбит эбит. Онтон сарсыныгар икки ынах Тулунаҕа тиийбиттэр. Кинилэртэн 5 саастааҕа быйыл кытараабыт байтаһын, биирэ төрөөбүт тыһаҕас.

Ыһыллыбыт сүөһүлэрбитин хомуйууга дьон өссө эбиллэннэр, 20-тэн тахса буоллубут. Баһылыктар үс массыынанан хааччыйаннар, тэҥҥэ сырыттылар. Сэттис күнүгэр арыыларыгар төннүбүт үс сүөһүбүтүн буллубут. Сатыы күөйэммит уонна сүөһүлэри тоһуйарга тоҕоостоох миэстэлэргэ дьону онно-манна тарҕаталаан хааллартаабыт буоламмыт, өссө суотабайынан сибээстэһэн, бөһүөлэктэн эбии тоһуйаннар, хотоннорун буллартаатыбыт.

Күрүөйэх бороон тутуллан, дьиэлээн иһэр

Аны ити ынахтартан быстан хаалбыт торбоһу суоллаабыппыт. Нуоралыкы алаас үрдүнэн баар эргэ былыргы өтөх аттынан, хойуу титириктэр быыстарыгар үс хоммутун туоһута — саахтара биир сиргэ чөмөхтөммүт, хаары хаһан утуйбут миэстэтин булбуппут. Бэйэтэ чугас сылгы хаһыыларын батыһан, мэччийэ сылдьар эбит. Биһигини көрөөт, туртас курдук, ойуурга ыстанна. Бэрт эрэйинэнн айан суолугар киллэрдибит. Онтон аны төлөпүөннээн ыҥырбыт массыынабытыттан сиргэнэн, сылгылар суолларынан Өнөр Эбэтин диэки ыстанна. Мин кэнниттэн сырыстым. Туора охтубут маһы кыайан ойбокко турдаҕына ситэн ылбыппар, орулуу түһээт, муоһун тоһуйбутунан кэйиэх курдук миэхэ эргиллэ биэрдэ. Моонньугар түһэн, быалаах сылдьар буоламмын сэниэтэ эстибит борооскуну кыаҕын ыллым…

Сылгы уонна быйыл элбээбит туртас хаһыыларыгар мэччийэллэрин таһынан дөлүһүөн угун сииллэр эбит. Аччыктаан истэрэ хапсыйбыт этилэр. Хотоҥҥо киирэллэригэр, онтон-мантан ыйыталаһан, көрдүбүт-харайдыбыт. Ол курдук, барыларыгар бытыылканан водка иһэртибит. Укуолтан өлүөхтэрин сөп диэн сүбэни ылынан, бэтэринээрдэммэтибит. Көхсүлэригэр хаар мууһуран хаалбытын, түүлэрин алдьатымаары, ирэрин саҕана сэрэнэн ыраастаталаабыппыт. Хотоҥҥо киириэхтэриттэн ынахтары уолларбыт буоламмыт эмийдэрэ иһэлийбэтэх.

Уу оннугар хаары сиэн сырыттахтара диэн таһырдьа таһаарбакка, боруобаҕа диэн биир ынахпар мөчөкө хаары киллэрбиппин, көмүрүөнү ыстыыр курдук, курдурҕаччы сиэбитэ. Атыттар туруктара билиҥҥитэ үчүгэй, аһыыллар-сииллэр. Бүгүн борооскуттан уратыларын күөлгэ уулата ыыппыппыт хотонноругар кэллилэр. Онон, дэлэй оттоох киһи сүөһүлэри таһырдьа тутуон сөп эбит диэн түмүккэ кэллим. Түгэнинэн туһанан, кыһалҕалаах кэммитигэр бу бытархан тымныыга тэҥҥэ сырсан, тоҥон, сүбэлэринэн, тиэхиньикэлэринэн күүс-көмө буолбут нэһилиэкпит дьонугар тапталлаах хаһыаппыт нөҥүө махталбытын тиэрдэбит, — диэн Петр Петрович түмүктээтэ.

Таарыйа эттэххэ, бассаабынан Майаҕатта туйаҕа туллан эрэр үһү диэннэр, тута хаһаайыныттан ыйыппыппар: “Этэҥҥэ, билигин сүөһүлэри кытта уулаһан, харсыһа оонньуу сылдьар. Кыратык сэргэхсийдин диэн сүөһүлэрбин киллэртии охсубаппын. Сүөһү чугаһаататар эрэ харсыспытынан барар идэлэммит. Хамсанан, хаанын сүүрүүтүн түргэтэтэрин биллэҕэ,“ – диэтэ. Тулуна оҕус тыһаҕаһын “бачыымын” оннооҕор ынахтар уонна борооску бигэргэттилэр.

Мария Сергеева,

«Саха сирэ» хаһыат бэтэрээн-суруналыыһа.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0