Саха сүөһүтүн ахсаана элбиир

Бөлөххө киир:

Ааспыт сыл түмүгүнэн саха  сүөһүтэ 12,5 %-нан эбиллибит,  ынаҕын ахсаана 13,7 %-нан  улааппыт. Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саха сүөһүтүн иитиинэн биирдиилээн дьон, бааһынай хаһаайыстыбалар уонна «Саха сүөһүтэ» тэрилтэ анаан-минээн дьарыктаналлар.

Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев быһаарыытынан, 2020 сыллаахха «Саха сүөһүтэ» ГКП тэриллибитэ. Саха сүөһүтэ билигин Арассыыйа үрдүнэн сүтэн эрэр  дьиэ кыылын ахсааннарыгар киирэр. 2022 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, барыта 2378 төбө саха сүөһүтэ баарыттан 976-та — ынах. Мантан 967-тэ (ол иһигэр 298 ынах) «Саха сүөһүтэ» тэрилтэҕэ иитиллэр.  2024 сылга диэри былаан быһыытынан саха боруодата 1250 төбөнөн (ол иһигэр 330 ынаҕынан) элбиэхтээх.  Билигин саха сүөһүтэ  9 улууска баар.  Быйыл Амма улууһугар 100 төбө турар саҥа эбийиэгэ үлэҕэ киириэҕэ. Салгыы Дьааҥыга 50 төбөҕө уонна Горнайга  180 төбөҕө аналлаах хотоннор тутуллуохтара.

«Саха сүөһүтэ» тэрилтэ дириэктэрэ Александр Артемьевтан  саха боруодатын ахсаана элбииригэр сүрүн төрүөт туох буолбутун туһунан ыйыталаспыппытыгар, “Судаарыстыба өттүттэн сөптөөх үп көрүллүбүтүн уонна инники өттүгэр хайдах-туох  үлэлииргэ аналлаах былаан оҥоһуллубут түмүгэр, саха сүөһүтүн ахсаана эбилиннэ. Бу иннинэ саха сүөһүтүгэр аналлаах хотон суоҕа.  Ааспыт икки сыл иһигэр Нам Таастааҕар (2 хотону),  Мэҥэ Хаҥалас Сыымаҕар, Ньурба Аканатыгар уонна Мииринэй Сүлдьүгээригэр анал хотоннору тутан үлэҕэ киллэрдибит”, — диэн хоруйдаата

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0