Ынах курдук сымнаҕас биэлэри көрүҥ (ВИДЕО)

Ааптар: 
01.04.2022
Бөлөххө киир:

Соторутааҕыта социальнай ситимнэринэн хаһаайын ынах курдук сымнаҕас биэлэри, тыйдары устубут видеота тарҕанна. Кимин туоһулаһан, хаһаайыны кытта кэпсэтэ сырыттыбыт.

edersaas.ru

Өлүөхүмэ улууһун Кыыллаах нэһилиэгин олохтооҕо Владимир Нахов буолан биэрдэ. Үгүс сыл Кыыллаах оскуолатыгар технология учууталынан үлэлээбитэ, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Владимир Альбертович икки үөрү тутар эбит. Биир үөрүн анаан-минээн ити курдук сымнаҕастык ииппит. Ол кистэлэҥэ тугун ыйыталаспыппытыгар: “Туох кистэлэҥэ кэлиэй, саамай сүрүнэ киһи хайдах кэпсэтэрин, хамсанарын өйдүүр буолла  да, ханнык баҕарар сүөһү, сылгы сымнаҕас буолар. Сүөһүгэ да, киһиэхэ даҕаны куһаҕан майгы диэн баар. Сыспай сиэллээх эмиэ оннук. Аҕам саҕаттан биэлэрбин бэрийэ сылдьыбыт буолан, онтон бэйэм биэлэнэн хайаларын майгыта хайдаҕын билэбин. Миинэр миҥэҕэ сириксэн соҕуспун. Бэйэм хараахтарбар сөп түбэһэри көрдүүбүн. Сорохтор “дьоҥҥо туттарыа суоҕа”, “сиэн кэбиһиэхэтэрэ суоҕа” диэн дьиикэй соҕуһу көрдүүллэр, онтуларыттан бэйэлэрэ эрэйдэнэллэр. Мин биир үөрбүн чычаас гына ииппитим, майгылара эмиэ оннук.

Төрүөхтэриттэн буолбакка, убаһа сааһыгар тиийдэҕинэ тутан ылан, дрессировщик курдук бэриннэртиибин. Цииркэҕэ куһаҕан майгылаах кыылы ииппэттэр дии, эмиэ ол курдук быһаарыылаах. Аҕам Альберт Васильевич 90 килэмиэтир иһигэр баар дэриэбинэлэри барыларын кэрийэн бэтэринээрдиирэ, көрөрө-истэрэ. Удьуор диэн улаханы быһаарар, куһаҕан майгылаах кыыл-сүөл син биир өтөн тахса турар диирэ. Аны туох эмэ куһаҕаны оҥордоххо түөрт көлүөнэ тухары өйдүү сылдьар диэн этэрэ. Биир үксүн аҕабыттан элбэххэ үөрэммитим.

Киһи сыыспата суох, тэбээччилэр даа бааллар. Ити биэлэрим бары мииниллэллэр. Кыратык кыыһырар эҥин буоллаҕына, миинэн бэриннэрэн кэбиһэбин. Киһи сылгыга хайдах туттан чугаһыырын тута өйдүүр.

Биэлэрбин улаханнык ыабаппын, амсайарга эрэ. Аҕам биир биэлээх этэ да, хаһан баҕарар тутан ылла даҕаны, ынах курдук ыыра”, — диэн кылгастык кэпсиир. Урукку видеоларбын барытын сотторон иһэбин диир. Онон көрдөһүүбүтүн быһа гыммакка хаттаан устан ыытта.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: СИА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0