Ымыылаах ырыаһыт – Лена Спиридонова

07.01.2018
Бөлөххө киир:

«Мин Ленаны сирэй көрсүбэтэх, атах тэпсэн олорон кэпсэппэтэх оҕом. Кини араадьыйаҕа ыллыырын, аудио-диискэҕэ суруллубут ырыаларын истэн уонна дьон аймах кэрэхсибилин ылбыт “Айтал” ансаамбыл салайааччыта Юрий Спиридонов-Сиэн Тиитэп балта буоларын билэбин.

edersaas.ru

Сиэн Тиитэп мин хоһооннорбор ырыа суруйан, дьон-сэргэ истиитигэр таһаарбыт талааннаах муусукаан буолар. Онон, мин киниэхэ ааптар киһи быһыытынан, махталым муҥура суох. Ис киирбэх, киһи дууһатыгар иҥэн киирэр истиҥ иэйиилээх ырыалар, уу сахалыы тэтимнээх, кимиэнигэр да маарыннаабат “айталлыы” мелодиялаах ырыалар ыллана сылдьалларыттан үөрэбин эрэ. Оннооҕор бэйэм даҕаны ырыа эрэ буолуо диэбэтэх хоһооммор олус сонун, ойо-тэбэ сылдьар дьүрүскэннээх ырыаны айбыта. Ити “Сөбүлээбэппин” диэн Лена ыллаан, компакт-диискэҕэ таһаартарбыт ырыатын этэбин. Олус үөрэ, олус сөҕө истибитим.

Хомойуох иһин, эдэркээн Лена ыллаабыта эрэ диир кыахтаахпыт. Ол курдук, кини мин хоһооннорбор “Ыллыыр-туойар сүрэҕим”, “Утуйбатым мин бөлүүн”, “Үрүҥ түүн”, “Хойутаан да буоллар” диэн ырыалары олус долгутуулаахтык, күн көмүс утаҕыныы сыыйыллар кэрэ куолаһынан толорбутун уонна да атын ааптардар тылларыгар ырыаларын сөбүлээн истэбин. Дьиктитэ диэн, кини куолаһа санаан кэллэҕим аайы кулгаахпар ала-чуо саҥалыы тыллан, иһиллэн кэлээччи. Ордук курус санаа былаастаах, бытаан тэтимнээх ырыалара:

Ааһан биэрбэт курус санаам

Саҕах уҥуор киэр кыйданыый,

Ырыабын ыллыаҕым бар дьоммор”.

Аламай күннээх бу сиргэ… эбэтэр “ол мин буолуом” диэн эмиэ да таайтарыылаах, эмиэ да эрэл кыымнаах, эмиэ да саарбахтыыр саарал санаа соһуулаах ырыата, эбэтэр “Сөбүлээбэппин” диэн оһуохай көтүүтэ тэтимнээх, көтөр-мөҕөр, күүрүүлээх ырыата.

Төһө даҕаны Лена Спиридонова бу орто дойду күлүмнүүр күөнүгэр кылгас кэмҥэ күлүм гынан ааспытын иһин, кини ымыылаах ырыаһыт быһыытынан Саха сирин ырыаны таптааччыларын дууһаларын кылын таарыйар, сүрэхтэрин долгутар ырыалара хаалбыттара. Олору күн бүгүҥҥэ диэри саха дьоно умсугуйан истэр, сөбүлүүр. Олор ахсааннарыгар бэйэбин эмиэ киллэрэбин.

Ити Лена Спиридонова сахатын дьонугар хаалларбыт үгүс сылларга өлбөөдүйбэт, кэнэҕэски кэмнэргэ утары ууммут ис сүрэҕиттэн иитиллэн тахсыбыт бэлэхтэрэ буолаллар.

Киҥкиниир киэҥ куйаар халлаантан

Үүт маҥан былыты быыһынан

Кылбаарар кыталык буолаҥҥын

Дойдугар эргиллиэх буолбутуҥ.

Ол эн этиҥ, ол эн этиҥ!

Кый ыраах дойдуттан, Кулантан,

Эн кэрэ куолаһыҥ сыыйыллан

Суохтаабыт дууһабыт ыарыытын

Дьүрүскэн күүһүнэн эмтиигин.

Ол эн этиҥ, ол эн этиҥ!

Чуумпурбут кытылга ардыгар

Туманы бүрүнэн киирэҥҥин

Тапталлаах дойдугун, түөлбэҕин

Ичигэс тыыҥҥынан иилиигин.

Ол эн этиҥ, ол эн этиҥ.

Бу сырдык куруска куустаран,

Турабыт бар дьонуҥ барыта,

Бэрт кылгас, бэрт сырдык олоҕу

Олорон ааспытыҥ оҕобут.

Ол эн этиҥ, ол эн этиҥ”.

Августина ЛОНКУНОВА, Саха сирэ” хаһыат,  edersaas.ru

ЫСПЫРААПКА:

Августина Яковлевна Лонкунова:

СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, элбэх хоһооно ылбаҕай ырыа буолан, дьон-сэргэ билиниитин ыллылар.

1997 с. “Саныыр санаам сардаҥата” бастакы кинигэтэ,

2007 с. “Предзимье” хоһооннорун нууччалыы тылбаастара,

2012 с. “Баара ээ, баара…” сэһэнэ ,

2016 с. “Саһарҕаҕа сууланан” хомуурунньуга бэчээттэммиттэрэ.

Хоһоонноро дириҥ иэйиилээхтэр, сырдык-сылаас тыыннаахтар, хайа да түгэҥҥэ олох кэрэтин итэҕэтиилээхтик этэллэр. Хоһоонноругар дьон-аймах өйүн-санаатын, иэйэр-куойар дууһатын уустук, ытык өйдөбүллэрин, киһи олоҕун араас түгэннэрин, тапталы, таҥнарыыны, дьолу-сору, итэҕэли уонна дьиҥ бэйэҕэ төннүүнү, айылҕа араас көстүүлэрин хомоҕойдук хоһуйар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
1
+1
0