Ымыйах от силиһэ уонна «мэллээх иһит»

Ааптар: 
28.11.2022
Бөлөххө киир:

Дьөгүөр Һэрэмээт диэн ааптарбыт дьиҥнээх олохтон кэпсээнин ааҕыҥ

Уончалаахпар Дулҕа сайылыкка ийэм дайааркалыырыгар көмөлөһө сылдьабын. Ыам быыһыгар оту-маһы ойуулуубун.Үөнүнэн- көйүүрүнэн оонньуубун. Үксүн ураһа аннынааҕы күөлгэ күөгүнэн, истикилээҥкэ хапчааҕынан салгыбакка мундулуубун. Биир күн ийэм күнүскү ыам иннинэ Титииктээх сайылыгы көрөн кэлиэххэ эрэ диэн миигин илдьэ барда. Суолбут төрдө “Биэрэ көлүкэтинэн” баар эбит. Көлүкэ аттынан ааһан истэхпитинэ ийэм «Сыллыай, көр эрэ, бу ымыйах от баар эбит”, — диэтэ. Мин соччо бүдүүлээн субу манныккын ээ эбит ээ диэбэтэрбин да, ньамах быыһынан көрдөх буоллум. Ийэм түргэнник хааман иһэн кэпсии истэ…Саҥа кийиит буолан сылдьаммын уубун сөбүлээбэккэ, ыалдьан өлө сыспытым. Оҕо куоттардым, тииһим, баттаҕын түһэн барда … уҥуохтаах тириим эрэ хаалла..түүн ааттаахха утуйдахпына да эргэ өтөх сытыйбыт уулаах умуһаҕар өлбүт дьон уҥуохтарын  түһээн көрөн куттанан уһуктабын. Ол иэдэйэн эрдэхпинэ Андуруоһап Гуоса ийэтэ эттэ. Бу оҕо иэдэйээри гыммыт (Ийэм куолаһын уларытан эмээхсини үтүктэр: «Мэллээх иһиппэр» ымыйах от силиһэ баар этэ, аҕалыҥ эрэ”, — диэбит. Ол аата Маллаах иһити этэр эбит — туоһунан тигиллибит хаппахтаах иистэнэр тээбириннэрин эҥин хаалыырын. Дьэ уонна ол ымыйах от силиһин бурдук курдук бытарытан, бороһуок оҥорон, ууга оргутан, сынньылыйа сылдьар убаҕас хааһынан хас да күн аһатан эмтээбит. Ийэм тута сэниэлэнэн аһыыр-сиир буолбут, тута эттэнэн эҥин хаана кэйэн барбыт…

Ийэм чочумча тугу эрэ санаан ылар курдук саҥата суох хааман иһэн: “Бука бары  суох буолуоххут этэ, арааһа”, — диэн эбэн этэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

Аны кэпсээнтэн кэпсээн буоллун. Кыһын оскуолабытыгар  Прикладной искусство диэн ааттаан быыстапка оҥордулар. Мин хара салаҥ муҥутаан тугу да бооччойо сатаабатым. Бэйэм туспа эйгэлээхпин быһыылаах, уһанарга сорудах  эҥин куойабар- маҥкыбар охсубат. Балтым Туутукка кутукунатан ийэбит хаары үрдүнэн чараҥтан тоҥ хатыҥ туостаах чууркатын эрбээн, оҕо курдук көтөҕөн аҕалан ириэрэ уурда. Хата, бэрт баҕайытык манныгар хастанар эбит ээ дии-дии туостаан ылла. “Дьэ, манан аны “мэллээх иһит” тигэбин”, — диэтэ. Балтым төһө көмөлөһөн көдьүүстээбитин өйдөөбөппүн. Бука, суох буолуо. Кылынан сап хатан тигэн, хаппахтаан, сүрдээх сиэдэрэй иһити айан-тутан таһаарда.

Балтым быыстапкатыгар барарыгар  мин кумааҕыга  хайа аанньа буочардаах киһи “Мэллээх иһит” диэн ааттаан суруйан адаарытан кэбистим. Быыстапка кэннитэн балтым барахсан грамота ылан үөрэн ахан хараҕа килэпэччийэн кэллэ, үөрүү-көтүү буоллубут аҕай. Быраатым Киэсик грамотатын хабан тардан ылан ааҕан доргутта. Онтубут соһуйуохпут иннигэр за работу “Мэһэмээн” диэн буолан кэллэ. Жюри “мэллээх иһит” диэн өйдөөбөккө “мэһэмээн” диэбит буолан таҕыста. Дьэ, күлүү бөҕө буоллубут.  Оччолорго Мэһэмээн Мандылымыан диэн быыкаа уҥуохтаах  оҕонньор баар этэ, ону санаатахпыт. Сатаан бардаҕына, саатар, сөп-сөп Мэһэмээн  итирэн кэлэн биһигини, быыкаа уолаттары, тоҕо эрэ таайдарым дии- дии быардыйар буолар этэ….

Дьэ, ити курдук “Ымыйах от” уонна “»Мэллээх иһит” өйдөбүлэ ийэм барахсаны кытта холбуу өлбөөдүйбэт. Сааһырдаҕын аайы киэркэйэн иһэр курдук. Ол да иһин бу күҥҥэ үөлэннээҕим Этэпээт отоһут көмөтүнэн түөрт уонча сыл ааспытын кэннэ  ымыйах от силиһин, дьэ, илиибэр тутан амсайан көрдөҕүм…санаабар, баҕар ,ийэм этэринии суох буолуом да этэ. Норуот үүнээйинэн үйэлэргэ чочуйбут эмтэнэр ньымалара симэлийэн испэттэрэ буоллар…

Дьөгүөр Һэрэмээт.

Садын сирэ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1