Арассыыйаҕа Өйдөбүл уонна Албан аат, Саха сиригэр Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сыллара биллэриллибиттэринэн «ЫЛЛАА-ТУОЙ, ТЫАМ СИРЭ!» бырайыак чэрчитинэн буолан ааспыт сонун, сэргэх тэрээһин туһунан А.Е.Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаатыттан иһитиннэрдилэр.
— Уус-Алдан улууһа төрүттэммитэ 90 сылыгар, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Найахы норуодунай хорун хормейстера С.Г. Васильев төрөөбүтэ 90 сылыгар, Арассыыйа, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кэнчээри» норуодунай ансаамбыл төрүттээччитэ, салайааччыта В.С. Парников 75 сааһыгар аналлаах «Найахылар ыллыылар» бэртээхэй концерт буолан ааста.
Тэрээһин кэмигэр Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Яна Игнатьева Найахы баһылыгар Петр Сивцевкэ «Ыллаа-туой, тыам сирэ!» бырайыакка көхтөөх кыттыыларын иһин анал бэлиэни туттарда.
Норуот уус-уран самодеятельноһын көхтөөх кыттааччыларыгар Дмитрий Готовцевка уонна Александр Ущницкайга анал бэлиэлэр туттарылыннылар. Салгыы норуот айымньытын дьиэтин ырыаҕа уонна хоровой искусствоҕа сүрүннүүр исписэлииһэ Анастасия Аммосова эҕэрдэлээтэ.
«Найахылар ыллыылар» дьоро тэрээһиҥҥэ бииртэн биир чаҕылхай ырыа-тойук эйээрдэ, эриэккэс үҥкүү-битии да баар буолла. Ол курдук, Саха сиригэр биллэр-көстөр хор кэнсиэри «Дьэдьэн уга» уонна «Чэлгийээнэ» композициянан үөрүүлээхтик арыйда. Хор уус-уран салайааччыта – Анисия Гаврильева, хормейстердар – Саргылана Михайлова уонна Айталы Слепцова, концертмейстер – СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Готовцев. Көрөөччүлэр бука бары ытыс дохсун тыаһынан хор дьоһун толоруутуттан астыммыттарын биллэрдилэр.
Ыччаты түмпүт «Эрчим» үҥкүү бөлөҕө киһи эрэ тахсан тэҥҥэ үҥкүүлэһиэн баҕарар эрчимнээх үҥкүүлэринэн дьон сүргэтин көтөхтүлэр. Кэлэктиип салайааччытынан эдэр кэскиллээх исписэлиис Степанида Таппагарова үлэлии сылдьарын хайгыахха эрэ сөп. Кини салайар «Долун» диэн уолаттар ансаамбыллара эмиэ олус бэртээхэй үҥкүүнү бэлэхтээтэ.
Кэнсиэри дьоһун толорууларынан, кэрэ ылбаҕай ырыаларынан «Дьүөгэ» (сал. Ньургуйаана Никитина), «Найахылар ыллыыллар», «Айхаллан» (СӨ култууратын туйгуна Дмитрий Готовцев) уонна «Найахыына» (сал. СӨ култууратын туйгуна Дьулустаан Гаврильев) ырыа ансаамбыллара киэргэттилэр. Маны сэргэ, «Көлүкэчээн» оҕо үҥкүү ансаамбыла (сал. Степанида Таппагарова), «Күбэйэ» үҥкүү кэлэктиибэ, «Чэлгийээнэ» ансаамбыл (сал. СӨ култууратын туйгуна Алена Гаврильева) санааны көнньүөрдэр бэртээхэй үҥкүүлэринэн кэнсиэри тупсардылар.
Найахы чаҕылхай талааннара: Александр Ушницкай, Елизавета Рожина, Евдокия Егорова, Айталы Слепцова, Дмитрий Готовцев, Степанида Антонова уонна Ньургуйаана Никитина чаҕылхай, ылбаҕай ырыаларынан бу дьоро киэһээни сэргэситэн биэрдилэр. Чаҕылхай талааннаах найахылар кэнсиэрдэрин Анисия Гаврильева үрдүк таһымнаахтык иилээн-саҕалаан ыытта.
Найахы нэһилиэгин аатыттан баһылык П.С. Сивцев Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин генеральнай дириэктэригэр Яна Игнатьеваҕа уонна бырайыак ааптарыгар Любовь Шишигинаҕа махтал суруктары, сибэкки дьөрбөлөрүн туттарда, тыа сирдэригэр өйөбүллэрин иһин махтанна.
Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан
норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин норуот култууратын салаата
Айталина Аргунова хаартыскаларга түһэриитэ