Бэтэринээрийэ департамена быйылгы сыл үһүс кыбаарталыгар ыытыллыбыт бэтэринээринэй эмтиир-сэрэтэр үлэ түмүктэринэн аһаҕас дьүүллэһии тэриллиэҕэ.
Эмтиир-сэрэтэр дьаһаллары табыгастаахтык тэрийиини, анаммыт үп сөпкө туттулларын, бэтэринээринэй сокуоннар, тэхэньиичэскэй регламеннар ирдэбиллэрин тутуһуллалларын хааччыйар сыалтан оҥоһуллар дьүүллэһиигэ толоруулаах былаас уорганнарын, прокуратура, иһитиннэрэр-биллэрэр сириэстибэлэр үлэһиттэрэ кытталлар. Аһаҕас дьүүллэһии Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бэтэринээрийэҕэ департаменын аактабай саалатыгар алтынньы 18 күнүгэр, сарсыарда 10 чаастан саҕаланыаҕа. Ким интэриэһиргээбит ыйытыыларын департамент электроннай почтатыгар depvetsakha@mail.ru, gvn2018@mail.ru аадырыстарга «аһаҕас дьүүллэһиигэ» диэн бэлиэтээн ыытыан сөбүн туһунан Бэтэринээрийэ департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru.