Үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо үрдэтиллибит босуобуйа атырдьах ыйыгар диэри төлөнүөҕэ
24.06.2020
Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһа сибээскэ тахсан анал этиитин тиэртэ, кэккэ миэрэлэри иһитиннэрдэ.
Олортон биирдэстэринэн үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо көрүллэр өйөбүл буолар.
“Эпидемия кэмигэр үлэтэ суох хаалбыт төрөппүттэргэ уустугун өйдүүбүт. Төрөппүтэ үлэтэ суох хаалбыт хас биирдии сокуоннай сааһын туола илик оҕоҕо 3-түү тыһыынча солкуобайы көрбүппүт. Үлэтэ суох быһыытынан учуокка турбут дьон босуобуйатын эппиппит. Муус устар саҥатыгар 720 тыһыынча киһи ылбыта, билигин — 2,5 мөлүйүөнтэн тахса киһи. Онон бу уустук кэмнэригэр барыларыгар кэриэтэ көмөлөстүбүт.
Үлэтэ суох хаалбыт дьоҥҥо үрдэтиллибит босуобуйа уонна быстах кэмҥэ үлэтэ суох хаалбыт төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэн оҕолоругар көрүллэр төлөбүр от ыйыгар уонна атырдьах ыйыгар эмиэ бэриллиэҕэ”, — диэн бэрэсидьиэн эттэ.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1