«Үлэ кыбаартала» кластерга Кира Тарасова устуудьуйата аһылынна

Бөлөххө киир:
Хаартысканы Кира Тарасова тиксэрдэ.

От ыйын 9 күнүгэр «Үлэ кыбаартала» кластерга  Саха сиригэр биллэр эдэр стилист Кира Тарасова «Kira Tarasova studio» диэн саҥа устуудьуйатын аһыллыытын үөрүүлээх быһыыта — майгыта буолан ааста.

Бастаан хайдах этэй? 

— 13 сааспар fashion — истилиискэ үөрэнэн блог арыйбытым. Үлэм, айар суолум дьаҥ ыарыытын кэмигэр саҕаламмыта. Ол иһин, наар дьиэҕэ устар этим. Онтон сыл аҥаара буолан баран, кыараҕас кыбартыыраҕа устар табыгаһа суох эбит дии санаабытым. Таҥас ыһылла сытара, араас устар техинньикэ баара дьиэ кэргэммэр да мэһэйдиир буоллаҕа. Блогум сайдан испитэ. Салгыы бэйэм устуудьуйабын арынарга быһаарыммытым.

Дьиэ кэргэним-саамай күндү баайым. Дьонум өйөөбөттөрө буоллар, туох да табыллыа суох этэ. Бэйэтинэн хамаанда: ийэм — продюсер, аҕам — технолог, эдьиийим — фотограф, иккис эдьиийим — видеомейкер. Аҕам араас бырайыактарбар үлэлэһэр, көмөлөһөр.

14 сааспар бастакытын 20 кв.м дьыалабыай хоско контент — устуудьуйаны аспытым. Икки сыл буолан баран «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер резидена буолбутум. Манна устуудьуйам кэнсиэпсийэтин уонна кыахтарын — барытын уларыппытым.

Хайдах истииллээх буолабын?

— Мин санаабар, хас биирдии киһиэхэ истиил баар. Истиил диэн дууһа кыланыыта, киһи санаатын, өйүн-толкуйун сиэркилэтэ. Ол эрээри, элбэҕи ааҕан, экперимиэннээн, сыыһарга куттаммакка, талааны сайыннарыахха наада. Сыыһалар элбэххэ үөрэтэллэр, бастыҥ буоларга көҕүлүүллэр.

2,5 сыл иһигэр экологияҕа, аҕа уонна оҕо, эрдэҕэс саастаах оҕолор кыһалҕаларыгар, соҕотохсуйууга сыһыаннаах сыһыаннаах социальнай хаартыскалар, видео-бырайыактары олоххо киллэрдим. Дьон кэрэхсэбилин, махталын истэбин, онтон наһаа дьоллонобун.

Саҥа саҕахтар 

— Билигин устуудьуйам — толору хааччыллыылаах. Манна ымпыгар — чымпыгар тиийэ толкуйданна. Тиэхинньикэбин тупсардым. Кэккэ ыарахаттардаах суол буолла: биисинэскэ атын буолара кыаллыбат.

Бэлиэтээн эттэххэ, Кира Италияҕа буолбут норуоттар икки ардыларынааҕы уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы fashion исписэлиистэр куонкурустарын кыайыылааҕа буолар. Ону таһынан, “Arctic fashion show” уонна “Mercedes Benz fashion week Russia” курдук улахан көрдөрүүлэргэ үлэлээбитэ.

Кира билиҥҥи көхтөөх, дэгиттэр сайдыылаах ыччат холобура буолар. Киһи ис иһиттэн баҕаран, итэҕэйэн, таптаан сөбүлүүр хайысхатынан үлэлээтэҕинэ, ситиһии тосхойор.

+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0