Үлэ-хамнас өссө далааһыннаныа

29.11.2020
Бөлөххө киир:

 Билигин пандемиянан сибээстээн, судургута суох социальнай-экэнэмиичэскэй балаһыанньа олоҕурбутунан, дьон-сэргэ уйулҕатыгар муунтуйуу, иэрэҥ-саараҥ буолуу, сэрэнии-сэрбэнии бааллара мэлдьэһиллибэт.

Ол да буоллар, Ньурба улууһун баһылыгынан үс сыл толору үлэлии сылдьар Алексей Михайлович Иннокентьевтыын кэпсэтии кэнниттэн бөрүкүтэ суох санаалар туман буолан көттүлэр. Тоҕо диэтэххэ, кэнники бириэмэҕэ оройуон сайдыы долгунугар бигэтик олорсон, иннин диэки дьулуһан балысханнык уларыйда. Үтүө күннэр үүнүөхтэригэр, кэрэ кэмнэр кэлиэхтэригэр баһылык кэми куоһарар толкуйдара, дириҥ көрүүлэрэ олук уурдулар.

edersaas.ru

— Алексей Михайлович, үтүө күнүнэн! Интервьюны тирээн турар кыһалҕаттан – коронавируһу утары охсуһууттан саҕалыахха.

— Үтүө күнүнэн. Ити ыйытыыга тута хоруйдуом: мин бэйэбэр уонна атыттарга булгуруйбат биир ирдэбиллээхпин – сыччах кырдьыгы этиллиэхтээх уонна онон салайтаран олоруллуохтаах. Ньурбаҕа бүгүҥҥү санитарнай-эпидемиологическай турук, өрөспүүбүлүкэ үрдүкү салалтата бэлиэтээбитинэн, тыҥааһын  кэрдииһиттэн тахсан, туруктаах динамиканы көрдөрөр, сыыйа балаһыанньа үчүгэй өттүгэр уларыйарыгар төрүөттэр бааллар. Ону СӨ бырабыыталыстыбатын вице-премьерэ Ольга Балабкина уонна СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччы Алексей Яковлев сырыылара эмиэ бигэргэттилэр. Коронавируһу сэрэтэр уонна эмтиир дьаһаллар тустарынан олохтоох көрдөрөр-иһитиннэрэр ситимнэр тиһигин быспакка сырдаталларынан улаханнык онно тохтообоппун, арай биири этиэм. Пандемия саҕаланыаҕыттан оройуон 30 мөлүйүөнтэн тахса солкуобай үбү дьаҥы  утары охсуһууга ыытта. Дьон олоҕун быыһыыр туһугар араас бырагыраамалартан, бырайыактартан үбү-харчыны устан туран уонна кээмэйдэрин аччатан туһанныбыт, балаһыанньаттан көрөн уларыйыылар өссө киириэхтэрин сөп. Билигин оройуоҥҥа  152 куойкалаах 4 инфекционнай отделениеҕа 90 ыарыһах сытан эмтэнэр. Эмп-том саппааһа, чуолаан вируһу утары охсуһар, кэлэр икки ыйга тиийиэҕэ. Билигин дойду үрдүнэн бу эмтэргэ наадыйыы аһара улаатан, уустуктар үөскээтилэр, эрэгийиэннэр аптекалара 3 ыйдааҕы саппаастара ый иһинэн бүтэн күчүмэҕэйдэри көрсөллөр. Онно холооххо, биһиэхэ балаһыанньа арыый аҕай. Ковид-19 ыарыһахтарыгар анаалыстары ылыыга, волонтердарга тиэхиньикэ ахсаана эбиллэн кыһалҕа туоратыллан турар. 5 массыына «кирдээх зонаҕа» туһаныллар, ити Ньурба куоратыгар эрэ буолбакка ыарыы баар нэһилиэктэригэр эмиэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал штабка Мэнэ Хаҥаластан  анализаторы төттөрү ыларга туруорсубуппут өйөннө, билигин кэтэһэбит. Бу күннэргэ «АЛРОСА» хампаанньалыын бииргэ үлэлээн, Ньурба улууһугар 2 мөлүйүөн солкуобай эбии бэриллэрин ситистибит. Маны таһынан «АЛРОСА-Нюрба» гостиница инфекционнай отделение буолан, эбии куойкаларга туһанылларын ситистибит. Ыарыы лоп курдук бу кэмҥэ  сүтүөҕэ дииргэ эрдэ, сотору вакцинация саҕаланнаҕына тупсуу өттүгэр уларыйыы тахсарыгар эрэнэбит. Оттон оройуон салалтата, Киин балыыһа, эмтиир бары тэрилтэлэр эһиэхэ көмөлөһөргө мэлдьи бэлэмнэр.

АЛРОСА-ны кытта оройуон көдьүүстээхтик бииргэ үлэлэһиитин үтүө түмүктэрин биллэрбит да, аҕыйах холобуру аҕаларын буоллар…

— Бииргэ үлэлээһин Сөбүлэҥин түһэрсии Ньурба оруйуонун 2032 сылга диэри социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын Стратегиятын онорууга киллэрбит кылаата улахан. Аан дойдуга АЛРОСА курдук социальнай эппиэтинэһи өрө туппут хампаанньалар аҕыйахтар, хампаанньа норуот олоҕун чэпчэтэргэ, тупсарарга үтүмэн үбү көрөр. Холобур, АЛРОСА биир бырыһыаннаах аахсыйатын дивидениттэн материальнай көмөҕө 2,5 мөлүйүөн солкуобай, оттон искэн ыарыылаахтар эмтэнэ баралларыгар ортотунан 100 тыһыынча солкуобай көрүллэр. Маны сэргэ хас даҕаны социальнай хайысхалаах эбийиэктэр тутулуннулар, өссө да тосхоллор бааллар. Норуот духуобунаһыгар быһаччы сыһыаннаах уонна улахан суолталаах Ньурбатааҕы дыраама тыйаатыра эһиил үлэҕэ киириэхтээх. 530 мөлүйүөн суумалаах тыйаатыр тутуутун улуус туруорсубута, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев өйөөбүтэ, үбүлээһин «АЛРОСА-Ньурба» ПАО 10 бырыһыаннаах аахсыйаларын атыытыттан тыырыллыбыта. «Вертолетка» микрооройуоҥҥа  «Демография» национальнай бырайыагынан 280 миэстэлээх оҕо уһуйаана тутулла турар, бу сыл ахсынньытыгар үлэҕэ киириэ. Инникитин Ньурба куоракка 550 миэстэлээх оскуоланы, клиническэй-диагностическай киини уо.д.а. тутуу былааннанар. Уопсайынан, тутууга сыал-сорук улахан, кэккэ сылларга оройуон бөдөҥ тутуу былаһааккатыгар кубулуйуоҕа.

Кэпсэтии официальнай чааһыттан аны тус олоххор тиийиэххэ. Сахалыы сиэринэн кимтэн кииннээххин, хантан хааннааххын?

— Саха киһитигэр холумтан сылааһа диэн өйдөбүл баар – эн киһи-хара буолан уһаарыллан тахсаргар ийэ-аҕа, дьиэ кэргэн улахан оруоллаах. Төрөппүттэрим миэхэ, бөлүһүөк Нүһүлгэн эппитинии, киһи киһитэ буоларга туохха да тэннэммэт сүдү баайы утары ууммуттар эбит. Аҕам Михаил Степанович Иннокентьев Омскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун бүтэрэн, агроном-экэнэмиис идэлээх Ньурба Маарыгар үлэҕэ анаммыта. Ити кэмнэ бибилэтиэкэр Варвара Алексеевна диэн хомсомуол сэкирэтээрэ кыыстыын холбоһон ыал буолбуттара. Иккиэн даҕаны араас «идеялар генератордара» буолан, түгэҕэ көстүбэт түбүк үөһүгэр сылдьыбыттара. Аны санаатахха, кинилэр ыччат, нэһилиэк олоҕо сайдарыгар күүстэрэ-кыахтара баарынан улахан кылааты киллэрсибит дьонунан буолаллар.  Аҕам ол эйгэни сатаан тэрийэринэн салайар үлэлэргэ тулхадыйбат тулааһын кэриэтэ буолбута – Хорулаҕа, Тойбохойго управляющайынан, «Марха» сопхуоска экэнэмииһинэн, «Ньурба» сопхуоска кылаабынай агрономунан үлэлээбитэ, үлэтин оруйуоннааҕы статуправлениеҕа түмүктээбитэ. Кини баартыйа бэриниилээх байыаһа этэ, ССКП эстибитин да кэннэ оройуоннааҕы бартыыйынай тэрилтэҕэ сэкирэтээрдээбитэ. Кимиэхэ баҕарар «аҕа оскуолата» диэн өйдөбүл баар. Миигин кини үөрэппитэ-такайбыта аата ахсаана суох элбэх. Холобур, тустаах үлэлэри түһүмэхтэринэн арааран толоруу да буоллун. «Куоракка баһылыктыыр кэмнэр пааркаҕа тоҕо өрөмүөн, саҥардыы үлэтин ыыппатаххыный?» диэн миигиттэн ыйыталлар. Оччолорго куорат иһинээҕи сырдатыы даҕаны, уулуссалар даҕаны отой мөлтөх туруктаахтара, маннай бу хайысхаҕа үлэ барыахтааҕа чуолкай этэ. Арай итилэргэ болҕомто уурбакка, паарканы эрэ тупсарыыга түстэххэ, өйдөммөт көстүү үөскүүрэ биллэр. Билигин кэмэ кэлэн, федеральнай бырайыакка кыттан, тапталлаах пааркабыт сана тыыннанна. Манна СӨ архитектура управлениетын салайааччы Ирина Дмитриевна Алексеева уонна кини күүстээх хамаандатын кылаата улахан. Бу маннык бырайыагынан кыттан, Өлүөхүмэ, Ханалас улуустарыгар паарка тутулларын ситиспиттэрэ, Федеральнай бырагыраамаҕа кыттан элбэх суумалаах үп көрүллэригэр Ньурбаны кытары үлэлэһэн, балысхан үлэни ыыппытарын түмүгэ. Аны уулуссалары аспааллааһынна тохтуохха. Манна үлэбитин эмиэ түһүмэхтэринэн ыытан иһэбит – оройуонна ИСУ тэриллэр, харчы угуллар, аспаал собуотун төннөрөбүт, аукцион биллэрэбит. Ол түмүгэр Ньурба куоракка уонна Антоновкаҕа 200 мөлүйүөн солкуобай суумаҕа үһүс сылын элбэх уулусса аспаалланан, суол-иис чааһыгар национальнай бырайыакка кырата суох ситиһиилэннибит. Бу үлэ инникитин өссө салҕаныа, аны сайынны үлэлэргэ толору бэлэмниэхтээхпит. Тыын салаабытыгар, ол эбэтэр тыа хаһаайыстыбатыгар эмиэ түһүмэҕинэн көрөн, сайдыы суолун тутуһабыт. Сүөһү-сылгы төбөтүн ахсаана сыллата улаатыахтаах диэн буолар, оччотугар кинилэри аһылыгынан хааччыйыы инники күөҥҥэ туруохтаах. Ол иһин, «Ньурбатааҕы сүөһү аһылыгын хампаанньатын» тэрийэммит, 815 гаа бааһынаны чөлүгэр түһэрдибит, бурдугу уонна элбэх сыллаах оту үүннэриини саҕалаатыбыт. Ил Дархан Айсен Николаев 2022 сылга саха сүөһүтүн боруодатын ахсаанын тыһыынча төбөҕө тириэрдэр сорудаҕар биһиги дьыаланан эппиэттээтибит. Ол курдук, Чкалов учаастагар 50 төбө «саха сүөһүтэ» казеннай тэрилтэттэн кэллэ, кыстыкка этэннэ киирдэ.

Билигин нэһилиэнньэни кытары көрсүһүүлэргэ «мин кэпсэттим», «миигин билэр буолан өйөөтүлэр» уо.д.а. этиилэр туттуллубаттар. Ол оннугар «улуус салалтатын туруорсуутунан», «дьокутааттар быһаарыыларынан» диэн буолар, онон сыччах биир киһиэхэ сүгүрүйүү төрдүттэн суоҕун тэнэ. Оройуонна ыытыллар үлэ-хамнас барыта – хамаанда үлэтэ.

— Биллиилээх культуролог: «Взрослые не появляются из ниоткуда, их создают» диэн этэн турардаах. Оройуон салайааччыта буола үүнэргэр суолгун тэлбит дьоннору ааттыырын сөрү сөп буолуоҕа.

— Олоххо айаммар үгүс үтүө дьоннордуун алтыспыт дьоллоохпун. Кинилэртэн бастакынан убаастабыллаах Варвара Андреевна Петрованы ааттыырым оруннаах. Тоҕо диэтэххэ, мин урбаанньытынан үлэлии сырыттахпына, кини 2001 сыллаахха миигин Антоновка баһылыгынан анаабыта. Уон биир сыл устата салайыы муоһатын тутан бэркэ үлэлээбиппит. Онтон 60 үлэһиттээх лесопуун дириэктэринэн анаабыттара, иккистээн Антоновкаҕа ынырыллан эмиэ баһылыктаабытым, кылгас кэмнэ өрөспүүбүлүкэ баһаарынай сулууспатын салайааччытын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээн баран, 2014 сыллаахха Ньурба куоракка баһылыктаабытым. Онтон 2017 сыллаахха оройуон баһылыгынан быыбарданан талыллыбытым.

Үөрэх туһунан этэр буоллахха, маннай Иркутскайдааҕы лесотехникуму, кэлин Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар юриспруденция салаатын, онтон РАНХиГС-ка судаарыстыбаннай-муниципальнай сулууспа үөрэҕин бүтэрбитим. Судаарыстыбаннай сулууспа үөрэҕэ, нууччалыы эттэххэ, «государственное мышление» диэҥҥэ  баай билиини биэрдэ. Биһиги оройуоҥҥа  олохтоох каадырдары бэлэмнээһиҥҥэ  улахан хамсааһыны таһаардыбыт, а.э. умнулла сыспыт уруккута «утумнааһыны» сөргүттүбүт. Дьаһалталарга, улахан тэрилтэлэргэ үлэлиир 20-чэ салайааччы Дьокуускайга Менеджмент үрдүкү оскуолатыгар, киин эрэгийиэннэр үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэннилэр уонна үөрэнэ сылдьаллар. Инникитин Ньурбаҕа салайар каадырдары көрдүүр түбүккэ түһүөхпүт суоҕа диэн эрэллээхпин.

Бэйэҥ дьиэ кэргэниҥ туһунан аҕыйах тылы этиэҥ дуо?

— Кэргэмминиин Надежда Николаевналыын Иркутскайга ыал буолбуппут, эн-мин дэһэн олорбуппут быйыл 30 сылын туолла. Биир оскуоланы бүтэрбиппит, успуорт биир сиэксийэтигэр сылдьыбыппыт, оскуоланы бүтэрэн баран биир куоракка үөрэххэ киирбиппит. Инньэ гынан, оскуола сааспыттан дьылҕам аттыбар сылдьыбыт эбит диибин. Кыыспыт кэргэниниин Санкт-Петербурга олороллор, биэс саастаах кыыс сиэннээхпит. Уолбут ХИФУ устудьуона, филология факультетыгар «уопсастыбаннаһы кытары сибээс» салааҕа үөрэнэр. Иллэҥ  кэм отой кэмчи диэтэхпинэ, омун буолбатах. Оннук түгэн көһүннэҕинэ, саха эр киһитин сиэринэн бултуурбун, айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Байанайым күндүлээбит булдун дьиэбэр бэйэм астаан дьиэлээхтэрбин күндүлүүрүм ураты астыныыны аҕалар. Итиэннэ историческай уус-уран литератураны ааҕарбын сөбүлүүбүн. Оскуолатааҕы сылларбар историк-архивист буолар санаалар бааллара, бэл диэтэр, Владивосток университетыгар оройуон направление биэрэн турардаах…

Илиҥҥи омуктарга төһөнөн саастааххын да, уон оччонон муударайгын диэнтэн силистэнэн, «каадырдары эдэримситии» диэн сүүрээн сэргэммэт. Оттон биһиэхэ, төттөрүтүн, муода курдук буолла – билбэккин кэлин билиэн, сатаабатаххын кэлин сатыан, эдэргин-эрчимнээххин, эйиэхэ суол аһаҕас, салайыы уруулун тут да сабаас диэн буолар. Манна эн сыһыаныҥ?

— Бу социальнай лифт икки корүҥнээх. Маннайгыта, эдэр киһи дьыалабыай хаачыстыбалардаах, профессиональнай компетенциялаах, интеллектуальнай дьоҕурдаах, киһи быһыытынан сиэрдээх майгылаах буоллаҕына, ситиһииттэн атыны аҕалбат. Оттон иккиһигэр, сыччах карьера кирилиэстэринэн дабайан сылаас-сымнаҕас олбох оностор сыаллаах буолуон эмиэ сөп, маны утарабын.

— Киһи ханнык хаачыстыбатын сэргиигин, ханныгы ылыммаккын?

— Кырдьыксыт киһи хаһан баҕарар кыайыылаах тахсар. Баҕар, ханнык эрэ түгэҥҥэ  кини сүүйтэриилээх хаалыан сөп, ол да буоллар, кэмниэ-кэнэҕэс кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат. Албын-көлдьүн, сирэй көрбөх буолууну утарабын, иитиим да оннук буоллаҕа. Дьаһалтаҕа кыһалҕаларын быһаартара кэлээччилэргэ статустарынан араарбакка кыһалҕаларын быһаарыы – мин үлэм истиилэ, бириинсибим, олоҕум сокуона да диэхпин эмиэ сөп.

— Аҕыйах сылынан оройуон баһылыгын быыбара саҕаланыаҕа. Эн иккис болдьоххо бу дуоһунаска кандидатураҕын туруорунуоҥ дуо?

— Быыбарга хайаан да кыттабын, куоластааһыны норуот бэйэтэ быһаарыаҕа. Биһиги оройуон олоҕун-дьаһаҕын тосту уларытыыга бигэ акылааты түһэрдибит. Аны миигиннин бииргэ үлэлиир салалтам дьонун кытары эркинин таһааран иһиэхтээхпит. Биир болдьоххо бу кыаллыбат, саҕаламмыт тиһэҕэр тиэрдиллэригэр бириэмэ наада.

— Кэпсэтииҥ иһин махтал!

«Саха сирэ», edersaas.ru cаайтка анаан Афанасий ЕГОРОВ.

Ньурба улууһун дьаһалтатын пресс-киинин хаартыскалара.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0