Ыксаллаах балаһыанньанан Түүлээхтэн дьону көһөрдүлэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, атырдьах ыйын 2 күнүгэр,  Уус Алдаҥҥа күүстээх тыал түһэн, улууска ойуур баһаарын күүһүртэ. 

Баһаар нэһилиэнньэ олорор сиригэр кутталы үөскэтиэн сөбүн учуоттаан, бөөлүүн Кыыллай нэһилилиэгиттэн дьону атын сиргэ көһөрдүлэр.

Билигин нэһилиэккэ балаһыанньа хайдаҕын туһунан бу сарсыарда «Тэтим» араадьыйаҕа Уус Алдан улууһугар Ыксаллаах быһыы-майгы салаа кылаабынай исписэлииһэ Николай Лугинов төлөпүөнүнэн иһитиннэрдэ:

От ыйын 31 күнүгэр киэһэ 18 чааска Хаттыгы диэн Түүлээх нэһилиэгиттэн 25 км тэйиччи  сиргэ ойуур баһаара тахсыбыта бэлтиэтэммитэ. Бэҕэһээ күүстээх тыал түһэн, бөөлүүн нэһилиэккэ ойуур баһаара  чугаһаан, ыксаллаах балаһыанньа үөскээбитэ. Бу иннинэ «Авиалесоохрана» тэрилтэ 16 үлэһитэ, олохтоох 4 киһи, икки тыраахтар үлэлии сылдьыбыттара. Бүгүҥҥү туругунан, 73 нэһилиэк олохтооҕо, «Авиалесоохрана» 17 үлэһитэ, «Якутлесресурс» — 7 киһитэ,  «Лесоохранаттан» — 1 киһи уонна  Тандатааҕы баһаарынай чаастан 3 киһи үлэлии сылдьаллар.  Үс  ДТ тыраахтар, биир бортовой массыына, биир уу баһар массыына, биир уу кутар тэриллээх тыраахтар, биир баһаарынай массыына уоту бохсууга үлэлииллэр.  

Бүгүҥҥү туругунан, баһаар нэһилиэккэ үс сиринэн киирэр кутталлаах. Билигин нэһилиэк тула минерализованнай балаһаны тарда сылдьаллар. Тыал билигин да күүстээх, буруо ордук хойунна. Бөөлүүн балаһыанньа ыараан, улуус баһылыга Алексей Федотов Түүлээххэ тиийдэ. Уопсайа 90 киһини (ол иһигэр 52-тэ оҕо) чугастааҕы нэһилиэктэргэ — Бээрийэҕэ, Тиит Арыытыгар, Бороҕоҥҥо эвакуациялаатылар.

Бүгүн Түүлээххэ бааһаары бохсууга күүһү эбиэхпит. Бороҕонтон бөртөлүөтүнэн 25 киһини ыытаары олоробут. Эбии тиэхиньикэни эмиэ ыытыахпыт.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — социальнай ситимнэртэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0