Ыксаллаах балаһыанньаҕа төлөпүөнүнэн хайдах сибээстэһэбит?
Өрөспүүбүлүкэ сорох нэһилиэнньэлээх пууннара халаан уутуттан эмсэҕэлээн, тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскээтэ. Сорох сирдэргэ сэрэтэр, иһитиннэрэр үлэ кэмигэр барбатаҕын этэллэр. Онон, маннык түгэҥҥэ суотабай сибээс суолтата улаатар. Ыксаллаах быһыы-майгы тирээтэҕинэ, суотабай сибээһинэн уһуннук хааччыллар туһуттан, «Мегафон» хампаанньа маннык сүбэлиир:
edersaas.ru
Бастатан туран, төлөпүөҥҥүт батарыайатын сэрээтин кэмчилээҥ:
— Wi-Fi, Bluetooth уонна да атын сыһыарыылары быстах кэмҥэ араарыҥ;
— төлөпүөҥҥүтүн, планшеккытын сөрүүн соҕус сиргэ уура сылдьыҥ;
— төлөпүөннэһэн эбэтэр SMS-иһитиннэрии ыытан баран, төлөпүөҥҥүтүн араарымаҥ. Төттөрү-таары арааран, холбоон үгүс сэрээккитин сүтэриэххитин сөп;
Иккиһинэн, экстреннэй сулууспалар, чугас дьоҥҥут нүөмэрдэрин эрдэттэн кумааҕыга сурунуҥ!
Үсүһүнэн, смартфону сэргэ боростуой суотабай төлөпүөнү илдьэ сылдьар ордук. Боростуой төлөпүөннэр уһуннук арахсыбакка үлэлииллэр.
- Кимиэхэ эрэ сатаан эрийэн тиийбэтэххитинэ, тута төлөпүөннээмэҥ. Сибээс ситимигэр ноҕорууска улаатан, балаһыанньаны өссө күүркэтиэн сөп. Аҕыйах мүнүүтэ кэтэһэн баран биирдэ эрийиҥ.
- Сатаан эрийэн тиийбэтэххитинэ, SMS-иһитиннэриитэ ыытыҥ.
Төрдүһүнэн. Ыскаллаах быһыы-майгы балаһыанньата үөскээтэҕинэ, навигатор өҥөтүнэн туһанан, чугас дьоҥҥут ханна баалларын Россия электроннай каартатыгар көрүөххүтүн сөп. Холобур, «МегаФон» оннук өҥөтө «Навигатор» диэн ааттаах.
Бэсиһинэн. Экстреннай сулууспаҕа 112 нүөмэргэ эрийэн тиийиэххитин сөп. Төлөпүөҥҥүтүгэр харчыта, оннооҕор сим-каартата да суох буоллаххытына, бу нүөмэргэ эрийэн тиийиллэр.
Алтыһынан, төлөпүөҥҥүтүгэр харчыгыт суох буоллаҕына, «Мегафон» абоненнара сибээһинэн куруук харчылыахтарын сөп. Холобур:
— «Позвони мне» өҥөнөн туһаныҥ. *144* нүөмэри талаҕыт уонна эрийиэхтээх киһигит нүөмэрин талаҕыт. Ол кэнниттэн # баттыыгыт. Оччотугар эрийиэхтээх абонеҥҥытыгар SMS-иһитиннэрии тиийэр. Маннык өҥөнөн сууккаҕа биэстэ туһаныллар;
— «Заплати за меня» өҥөнөн туһанааччылар эрийиэхтээх абонеҥҥыт нүөмэрин (#) иннинэ *143# талаҕыт;
— «Звонок за счет друга» өҥөнөн туһанааччылар абонент нүөмэрин иннигэр «000» талаҕыт. Оччотугар кэпсэтиэхтээх киһиҥ кэпсэтии харчытын төлүүр;
— «Обещанный платеж» өҥөнөн туһанан быстах кэмҥэ оператортан иэс харчы ылан кэпсэтиллэр.
Бэй. инф., edersaas.ru