ЫЙЫТЫК: Устудьуон сайыҥҥы кэмҥэ тугунан дьарыктанарый?

Ааптар:  Диана Антонова
Бөлөххө киир:
Айаал Черноградскай хаартыската, СИА.

Билигин сайын кэлэн, устудьуоннар иллэҥ бириэмэлэннилэр. Үгүс устудьуон уопутураары, харчылаһаары үлэ көрдөнөр эбит. Үлэ арааһа элбэх, онуоха сөптөөх үлэни хантан уонна хайдах булуохха сөбүй? Бу боппуруостары хайдах быһааралларын туһунан устудьуоннар кэпсииллэр:

Никита Платонов, ХИФУ ХИНТуоКИ төрдүс кууруһун устудьуона:

— Мин видеограбынан үлэлиибин. Видеограф үлэтэ-хамнаһа балай да уустук, ол иһин анаан үөрэммитим. Бастакы сакаастарбын босхо уһулан, эксперимент оҥорон холонон көрбүтүм. Бу идэни ис сүрэхпиттэн сөбүлээтим. Арааһа, саамай интэриэһинэйэ диэн, видео нөҥүө устуоруйаны кэпсиэххэ сөп. Ону тэҥэ араас дьону кытта билсэрин, атын сирдэргэ бириэмэни атаарарыҥ эмиэ интэриэһинэй эбит. Айылҕаҕа, куоракка, сыбаайбаҕа уонна да атын тэрээһиннэргэ — бу барыта дьону кытта билсиһэр кыаҕы биэрэр. Ардыгар үлэни, үөрэҕи холбуур олус уустук буолар. Үлэлии дуу, паараҕа барарбын дуу таларга тиийэбин. Үөрэхпин эмиэ олус наадалаах дии саныыбын. Ол гынан баран тугу гыныахтаахпын уонна тугу сөбүлүүрбүн тэҥҥэ тутарга кыһаллабын.

Айталина Тимофеева, Дьокуускайдааҕы педагогическай кэллиэс дошкольнай отделениетын иккис кууруһун устудьуона:

— Мин үлэбин убайым сүбэтинэн булуммутум. Кини кафеҕа повардыыр этэ, онно мин кассирынан үлэҕэ киирбитим. Бу үлэ мин санаабар олус ыарахан. Элбэх дьону кытары үлэлиигин, кэпсэтэҕин, сүбэлэһэҕин. Үөрэнэ-үөрэнэ үлэлииргэр бириэмэҥ олох да тиийимиэн сөп, гынан баран сайыҥҥы кэмҥэ арыый чэпчиир. Сүрүнэ диэн үөрэ-көтө сылдьаргын умнуо суохтааххын, клиеннэри кытта кэпсэтэргэ сатабыллаах буолуохтааххын. Маннык үөрүнньэҥ эйгэни сөбүлүүбүн. Мантан элбэх дьоллоох түгэннэр хаалаллар. Үлэм миэхэ инник саҥа доҕоттору, интэриэһинэй күннэри бэлэхтиир. Бу курдук киэҥ көҕүстээхтик, истириэстэн куттаммакка үлэлиир – олус туһалаах.

Милиана Павлова, ХИФУ естественнэй наукалар институттарын иккис кууруһун устудьуона:

— Мин ньээҥкэнэн иккис сылбын үлэлиибин. Үлэбин араас саайтары көрөн булар этим. Бииргэ төрөөбүт кыыстаах уолга ньээҥкэлээбин. Кинилэр төрөппүттэрэ ньээҥкэлэргэ анаан саайт оҥорбут этилэр. Оҕолору көрөрбүн наһаа сөбүлүүбүн, бэйэбэр элбэх балтылаахпын, бырааттаахпын. Кинилэри кытта наар оонньооччубун, бүөбэйдэһээччим. Оҕолору көрөр, мин санаабар, наһаа ыарахан буолбатах. Оҕо бэйэтэ тугу сөбүлүүрүнэн дьарыктанар: оонньууругар оонньуур, киинэ көрөрүгэр көрөр. Ону мин аһатабын, сууннарабын, сиэтэ сылдьабын. Ол гынан баран, ийэлээх аҕата эппитинэн буолуохттаах. Хас чааска утуйарын, аһыырын этэллэринэн барытын оҥоробун. Устудьуон араас эйгэҕэ үлэлии киириэн сөп. Сайынын быстах үлэ, эбэтэр толору да буоллун, харчылаһарга, уопутурарга бу барыта көмөлөһөр буоллаҕа.

+1
4
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0