Билигин биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр сүүс кэриҥэ омук олорор. Оттон «Саха сирин олохтооҕо хайдах буолуохтааҕый?» диэн ыйытыкка олохтоох омук ыччата маннык хоруйдуур:
Кристиан Кемандингар, КВН-щик:
-
Мин санаабар, Саха сирин олохтооҕо көнө майгылаах, кэпсэтинньэҥ, эйэҕэс уонна туохха барытыгар көхтөөх буолуохтаах, атын омуктар тылларын, култуураларын, итэҕэллэрин убаастыахтаахтаах. Мин маннык киһи буоларга талаһабын. Саха сирин олохтоохторо кими да туораппакка, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл буолан, бары биир сомоҕо буолуохтаахпыт.
Арсен Оганесян, үлэһит:
-
Саха сирин олохтооҕо күүстээх санаалаах, чиэһинэй, эппит тылыгар турар буолуохтаах. Маны таһынан, омугуттан тутулуга суох бары өрөспүүбүлүкэ инники кэскилэ буоларын өйдүөхтээхпит, бэйэ-бэйэбитигэр хайа да түгэҥҥэ көмөлөһүөхтээхпит. Бары биир сиргэ олорорбут быһыытынан, омуктар доҕордуу, иллээх буолуохтаахпыт. Биллэн турар, айылҕабытын харыстыахтаахпыт.
Азамат Автабачиев, үлэһит:
-
Омугуттан тутулуга суох бары аҕа саастаах дьону убаастыахтаахпыт уонна култууралаах буолуохтаахпыт. Тулалыыр дьоммутугар тулуурдаахтык сыһыаннаһан, эйэлээх буолуохтаахпыт дии саныыбын. Атааннаһыы, абааһы көрсүү суох буолуохтаах. Ол инниттэн үүнэр көлүөнэни Саха сиригэр олорорунан киэн тутта улаатарын гына сөпкө иитиэхтээхпит.
Денис Антипин, КВН-щик:
-
Дьиҥнээх Саха сирин олохтооҕо олоххо тардыһыылаах, тус сыаллаах буолуохтаах. Мин санаабар, өссө өрөспүүбүлүкэбит сайдарыгар туох эмэ кылаатын ууруохтааҕа буолуо. Олохтоох омуктар бары Саха сиригэр олорорунан киэн туттуохтаахпыт.
Иван Сивцев, устудьуон:
-
Саха сиригэр олорор киһи, бастатан туран, бэйэтин бу дойдуга сыһыаннааҕынан ааҕыныахтаах. Кини хайа да туспа туора дойдуга олорор буолбатах. Хас биирдии киһи өрөспүүбүлүкэҕэ наадалаах буоларын өйдөөн, тылын-өһүн уонна култууратын өрө тутуохтаах. Аны туран, дьоҥҥо—сэргэҕэ сыһыана эмиэ көнө буолуохтаах.
Айтана АММОСОВА