Ыйыт-хоруйдуубут: Массыынабын атыылаабыт буоллахпына?

Ааптар: 
11.01.2022
Бөлөххө киир:

— Мин атыылаабыт массыынабар тырааныспар нолуогун тоҕо аахпыттарый уонна нолуок биллэриитигэр ыыппыттарый?

Ааҕааччы ыйытыытыгар Нолуок федеральнай сулууспатын Саха сиринээҕи салалтатын судаарыстыбаннай өҥөлөргө отделын сүрүн иниспиэктэрэ Елена Романовна Слепцова маннык хоруйдаата:

— Тырааныспардарын атыылаабыт эрээри, тырааныспар нолуогун төлүүргэ биллэрии туппут дьоҥҥо манныгы этиэхпин баҕарабын. Тырааныспар нолуогун төлөөччүлэринэн кинилэр ааттарыгар тырааныспар сириэстибэтэ регистрацияламмыт дьоно буолаллар. Ол иһин атыылаһыы-атыы туһунан мэнэйдэһии дуогабарын түһэрсэн баран 10 хонук аастаҕына автотырааныспары атыыласпыт  киһи бэйэтин аатыгар ГИБДД-га толотторбутун дуу, суоҕун дуу бэрэбиэркэлииргитигэр сүбэлиибин. Онуоха Арассыыйа Федерациятын Ис дьыалаларга министиэристибэтин саайтыгар “Проверка автомобиля” сервиһи туһаныахха сөп.

edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0