ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Бас билэр сирбэр маһы кэрдиэхпин сөп дуо?

Ыйытыы: Бас билэр сирбэр маһы кэрдиэхпин сөп дуо?
Хоруйун объясняем.рф саайтан ыллыбыт: бас билэр учаастакка маһы кэрдэр көҥүллэммэт. Маны кэспит дьону туох накаастабыл күүтэрий?
— биирдиилээн дьоҥҥо 3000-тан 4000 солкуобайга диэри, оттон юридическэй сирэйдэргэ 200000-тан 300000 солкуобайга диэри ыстараап. Бэнсиининэн барар эрбиини туттубут буоллаххына, ыстараап 5000 уонна 500000 солкуобайга диэри үрдүөҕэ, эбиитин тэрилгин былдьыахтара;
— холуобунай накаастабыл — айылҕаҕа улахан хоромньуну оҥорбут буоллаххына, 500 000 солкуобайга диэри ыстараап эбэтэр көннөрүнэр үлэҕэ ыытыахтарын сөп. Холобур, мас ойуур пуондатыгар киирэр, Кыһыл кинигэҕэ киирбит эбэтэр сэдэх көтөрдөр, кыыл-сүөл, үөн-көйүүр уйаламмыт буоллаҕына.
Маһы кэрдэргэ көҥүлү оройуон эбэтэр куорат дьаһалтатын уонна МФЦ нөҥүө ылыаххытын сөп. Быраабыланы үрдүнэн-аннынан көрүмэ, ордук сэрэхтээх, өскөтө:
— мас сэдэх көрүҥнэргэ киирсэр эбэтэр харыстанар сиргэ, холобур ойуур, уу, ойуур пуондатын сирин таһыгар турар буоллаҕына;
— сир куорат иһигэр эбэтэр уопсай туһаныллар сиргэ баар буоллаҕына.
Дьаһалтаттан көҥүлэ ирдэммэт, өскөтө мас:
— охтоору турар буоллаҕына;
— хаппыт эбэтэр үөн сиэбит;
— учаастак хаһаайына бэйэтэ олордубут.
Ол эрээри, бу түбэлтэлэргэ даҕаны, эспэртиисэ бюротун эбэтэр киинин түмүгэ наада. Ити суох буоллаҕына, мас кэрдиитэ көҥүлэ суох быһыынан ааҕыллыан сөп.