— Баайга-дуолга нолуокка төһө иэстээхпин билбэппин. Хантан ыйытабын?
М. Федорова
Ааҕааччыбыт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС СӨ оройуоннар икки ардыларынааҕы 5 №-дээх иниспиэксийэтин нолуогу төлөөччүлэри кытта үлэҕэ отделын нолуокка кылаабынай иниспиэктэрэ Елена Слепцова маннык хоруйдаата:
— Иэс туһунан иһитиннэриини маннык ылыахха сөп:
— Арассыыйа ФНС дьиҥ таһымнаах саайтыттан “Личный кабинет налогоплательщика” сервис көмөтүнэн https://lkfl.nalog.ru/lk/;
— судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр биир кэлим порталларыгар киирэн www.gosuslugi.ru.
— бэйэҥ тускунан иһитиннэриини Суут бириистэптэрин федеральнай сулууспатын толотторор производстволарын чахчыларын бааныттан http://www.fssprus.ru/iss/ip/
Онон иэстээх буоллаххытына, уһаппакка-кэҥэппэккэ төлүүргэ тиэтэйиҥ!
Женни Стрюкова, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн