Чурапчы бэкээринэтэ Маарыкчааннааҕы потребуопсастыбаҕа оҥорон таһаарыы салаатыгар биир сүрүн эбийиэгинэн буолар. Билиҥҥи таас бэкээринэни 1999 с. потребуопсастыба бэйэтин үбүн суотугар тутан үлэҕэ киллэрбитэ.
Урукку өттүгэр ХПА-10 диэн 432 килиэп киирэр улахан электрическай оһоххо килиэп астанара. 2013 с. Саратов куораттан «Муссон-ротор» диэн аныгы көлүөнэ оһохтору аҕалан, билигин үлэлии тураллар. Биэкэрдэр ыйга 60-ча туонна килиэби астыыллар, ити иһигэр 4 туонна буулачыка оҥоһуктары. Килиэбинэн Чурапчы, Одьулуун, Хатылы, Болтоҥо, Төлөй нэһилиэктэрин, балыыһаны, оҕо саадтарын хааччыйаллар. Бэкээринэҕэ 2013 с. улахан өрөмүөн барбыта, быйыл ирдэбилгэ эппиэттиир вентиляция оҥоһулунна. Кэлэктиипкэ 14 киһи үлэлиир, ити иһигэр 6 биэкэр, 2 техүлэһит, 2 оробуочай, экспедитор уонна сэбиэдиссэй. Уопуттаах үлэһиттэр Анастасия Слепцова, Гурьяна Петрова, Наталья Сергеева эдэрдэргэ сүбэ-ама, наставник буолан үтүө суобастаахтык үлэлии сылдьаллар. Үлэлиир усулуобуйа тупсан, саҥа оборудование туран, эдэрдэр олохсуйан үлэлиир буоллулар. Маныаха бу кэлэктииби салайар сэбиэдиссэй Мотрена Николаевна Аянитова оруола улахан. Мотрена Николаевна бэкээринэҕэ 1993 сылтан, сэбиэдиссэйинэн 2007 сылтан үлэлиир. Кини нэһилиэнньэни күннээҕи сүрүн аһылыгынан – килиэбинэн быстарыыта суох хааччыйыы курдук эппиэттээх соругу толорууга ис сүрэҕиттэн кыһанан үлэлиир. Килиэп хаачыстыбатыгар, болдьох быһыытынан хойутааһына суох маҕаһыыннарынан тиэрдиигэ, оборудование саахала суох үлэлээһинигэр, сөптөөх сырьенан бириэмэтигэр хааччыллыыга улахан болҕомтотун уурар, үлэһиттэрин биир сыалга түмэр. Бэкээринэ эйэлээх кэлэктиибэ үбүлүөйү көрсө көхтөөхтүк үлэлиир, тэрилтэ бары дьаһалларыгар көхтөөхтүк кыттар.
Айталина Павлова, Маарыкчааннааҕы ПУо оҥорон таһаарыы салаатыгар сүрүн исписэлииһэ, edersaas.ru саайтка анаан