Ый тахсар, туолбут уонна уолар кэмигэр туох үгэһи тутуһуохтаахпытый?
Былыр өбүгэлэрбит таҥхалыылларын дуу, суоҕун дуу быһаччы ылбычча этэр кыах суох. Тоҕо диэтэххэ, кэлин ити боппуруоска мөккүөр үөскээн эрэр. Ити букатын туспа тиэмэ буолар.
Оттон төрөппүттэрбит кыһын саамай тымныы кэмигэр, оҕо таҥаһын сууйан баран таһырдьа хонноруллубат диэн кыра эрдэхпититтэн үөрэтэллэрэ. Ити курдук сорох үгэстэр аныгы кэмҥэ диэри тиийэн кэлбиттэр.
Оттон бу күннэргэ батсаап ситимигэр Ый уларыйыытынан маннык чахчылар тарҕаннылар:
Ый тахсар кэмигэр тохсунньу 10, 11, 12, 13, 17, 19, 20, 21 күннэригэр үлэҕэ, тапталга, арааһынай тэрээһиннэргэ саҥа соруктар табыллар кэмнэрэ. Онон түгэни мүччү тутумаҥ.
Оттон туолбут ый тохсунньу 22-28 күннэригэр тугу ситэрбэтэххин, кыайтарбатах дьыалаларгын ситэрэн биэрэргэ табыгастаах кэм дииллэр.
Балартан Ый толору туолан турар кэмигэр тохсунньу 22, 23, 24 күннэригэр түннүктэргит сабыытын аһан, дьиэҕит иһин, кирдээх салгынын, ыарыыгытын ыраастанаргыт ордук. Ол түмүгэр дьон баттаталлара үксүүр, ыарыы киирбит дьоно үчүгэйдик утуйбат буолаллар. Ол аата киирбит кир тахсар быһыыта буолар. Ыйдаҥа кэмигэр ыраас дьон ыралара уһуктар, туолар. Айар, ыллыыр буолаллар. Бу кэмҥэ ханнык да эминэн эмтэнэр көҥүллэммэт. Быраастартан, экстрасенстартан, ойууттартан, удаҕаттартан көмө көрдүүр табыллыбат. Бу күннэргэ саҕалаабыккытын ситэрэн тиһэҕэр тиэрдэргит ордук.
Ый түһүүтүгэр (уолар кэмигэр), ол эбэтэр тохсунньу 29, 31 күннэригэр итиэннэ олунньу 1, 2, 3, 4, 6, 7 күннэригэр урууну, үбүлүөйү тэрийбэт ордук. Өскөтүн бу тутуһуллубатаҕына саҥа тэриммит ыал үс сыл иһинэн арахсар эбэтэр тоҕуста ыалдьаллар. Ый ылар ыйааҕар ыытыллаллар. Бу кэмҥэ уһуннук туттуллары, кэтиллэри атыылаһыллыбат. Бу ыраастанар, эмтэнэр күннэр. Ыарыыны Ый бэйэтэ ылар. Илиигэр үөн (бородовка) тахсыбыт буоллаҕына, ыйга көрдөрөн көөчүктээтэххинэ, Ый барарыгар ылан барар.