Үөрэх миниистирэ үөрэнээччилэри кытта көрүстэ

19.02.2020
Бөлөххө киир:

Бэҕэһээ, олунньу 18 күнүгэр, СӨ Үөрэҕин уонна наукатын миниистирэ Владимир Егоров Дьокуускайга баар «Бэс Чагда» сынньалаҥ уонна доруобуйаны тупсарыы киинигэр «Биһиги —  Арассыыйа кэскилэбит!» смена кыттааччыларын — көхтөөх үөрэнээччилэри кытта көрүстэ.

Үөрэнээччилэр «Биһиги — Арассыыйа кэскилэбит!» бырайыак, эдэр көлүөнэни патриоттуу иитии туһунан миниистир санаатын иһиттилэр. Оҕолор инники идэни сөпкө талыы туһунан интэриэһиргээн ыйыттылар. Владимир Анатольевич оскуола саҕаттан эбии үөрэхтээһиҥҥэ болҕомто уурар, дьарыктанар наадатын туһунан эттэ. «Ханнык баҕарар хайысхаҕа холонон, сөбүлүүр дьарыгы булуохха сөп. Дьаныһан туран үөрэттэххэ, биллэххэ-көрдөххө биирдэ ситиһии кэлэр,» — диэн миниистир сүбэлээтэ.

«Биир кэлим эксээмэни туох дии саныыгын?» диэн ыйытыыга Владимир Егоров маннык хоруйдаата: «Бу эксээмэн оҕо билиитин таһымын көрдөрөр. Бу көрдөрүү оскуоланы бүтэрии түмүгэ тахсарыгар уонна үөрэххэ киирэргэ көмө буолар.»

Түмүккэ мустубут оҕолорго миниистир ситиһиилэри баҕарда уонна хамсааһын көхтөөхтөрүгэр «Океан» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо киинигэр путевкалары туттартаата.

СӨ Үөрэҕин уонна наукатын

министиэристибэтин пресс-сулуууспата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0