Бүгүн Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура дьиэтигэр улуус баһылыга Владимир Поскачин кыттыылаах аһаҕас кэпсэтиигэ эр дьон мустан, улуус инники сайдыытын туһунан кэпсэттилэр.
edersaas.ru
Улууска былырыын Манчаары оонньуулара үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытыгар олохтоохтор бары түмсүбүттэрин түмүгэр ситиһиллибитин эттилэр.
Бу улууска эр дьон кыттыылаах сонун тэрээһин буолла. Элбэх эр дьон үлэлиир тэрилтэлэриттэн сэбиэт эбэтэр түмсүү тэрийиэххэ диэн этии киллэрбиттэрин сэргии иһиттилэр. Маннык хабааннаах түмсүү ыйга биирдэ, иккитэ ыытыллыахтааҕын уонна олоххо, сайдыыга аналлаах тиэмэ, боппуруос эрдэттэн быһаарыллан ол тула киэҥ кэпсэтии, дьүүллэһии буолуохтааҕын ыйдылар.
Манна өссө улууска биллэр-көстөр, бөлүһүөктүү өйдөөх-санаалаах дьон кыттыыларын тэрийэн, бу дьон олоххо көрүүлэрин, санааларын истии, санаа атастаһыыта барыахтааҕын туһунан бэлиэтээтилэр.
Тэрээһин түмүгүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун үрдүнэн «Эр хоһуун» диэн ааттаах түмсүү тэрилиннэ. Түмсүү сэбиэтин тэрийдилэр.
Спиридон Борбуев, Үөһээ Бүлүүтээҕи үөрэх управлениетын начаалынньыга:
— Кэлиҥҥи кэмҥэ улуустарга эр дьон түмсүүлэрин тэрийии күүскэ бара турар. Дьокуускайга Арчы дьиэтигэр өрөбүл аайы эр дьону түмэн арчылаан, санааларын сааһылыыр тэрээһин ыытыллар буолла. Бу маннык түмсүү эр дьону өрө тутууга, сытыы ыйытыктарга сөптөөх эппиэттэри ыларга, атын киһи холобуруттан үчүгэйгэ үөрэниигэ, эдэр уолаттар инники олохторун оҥостоллоругар төһүү күүс буолуоҕа дии саныыбын. Маннык көрсүһүүлэри бэлиитикэҕэ кубулуппакка, религиознай хамсааһыннарга сыһыарбакка, омугумсуйууну күөттээбэккэ ыыттахха, тэрийдэххэ, туһата, көдьүүһэ быдан улахан буолуох этэ.
Александр Тарасов, Үөһээ Бүлүү, edersaas.ru сайтка анаан