Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһугар учуутал Николай Васильевич Егоров төрөөбүтэ 120 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэр буоллулар.
Ол курдук кини үөрэммит уонна учууталлаабыт оскуолатыгар, И.Н.Барахов аатынан уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатыгар, норуот учууталын олоҕун үөрэтэр, аатын үйэтитэр сыаллаах научнай- практическай кэмпириэнсийэ буолан ааста. Маны сэргэ, улуустааҕы кыраайы үөртэр түмэлгэ «Үтүө аата үйэлэри уҥуордуур» диэн ытык киһибит олоҕун түгэннэрин көрдөрөр быыстапка болҕомтону тарта. Бу быыстапканы тэрийиигэ өрөспүүбүлүкэ сүрүн түмэлэ — Ем. Ярославскай аатынан хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлэ бэйэтин пуондатыттан уларсыбыт эспэнээттэринэн И.Барахов аатынан судаарыстыбаннас түмэлин үлэһиттэрэ уонна улуустааҕы этнография түмэлэ сэргэх, тупсаҕай быыстапканы оҥордулар. Манна Н.В.Егоров фронтан оҕолоругар, кэргэнигэр суруктара, Европа босхоломмут дойдуларын аайыттан өҥнөөх аккырыыккаҕа суруйан ыыппыт истиҥ, сылаас тыллара, дьоҥҥо кини амарах, аһыныгас дууһалааҕын, сэрии да толоонуттан оҕолорун үөрэтэ, сүбэлии сылдьарын, ураты сылаас сыһыанын, кыайыыга эрэлин кэпсииллэр.
Буойун учуутал Н.В.Егоров төрөөбүт тылбыт сайдыытыгар, тылы үөрэтиигэ тугунан да кэмнэммэт үтүөлэрдээх. Быыстапкаҕа кини төрөөбүт тылын чинчийэн, дириҥник үөрэтэн таһааттарбыт учуобунньуктара туруорулуннулар. Маны аҕа көлүөнэ дьон оҕо саастарын көрсүбүттүү үөрэ көрдүлэр. Бу кинилэр оскуолаҕа үөрэммит учуобунньуктара эбээт!
Бу бэлиэ түгэҥҥэ Николай Васильевич сиэн оҕолоро Бүлүүттэн Кондакова Алевтина Михайловна, Ньурба улууһуттан үлэлээбит Үөдэйин баһылыга Николаева Мария Пудовна уонна оскуолатыттан, үлэлээбит сириттэн Ньурбаттан анаан кэлэн бардылар. Маны сэргэ, үөрэммит, үлэлээбит Бүлүүтээҕи педучилищетыттан РФ үтүөлээх учуутала Алексеев Евгений Романович, устудьуоннар кэлэн кытыннылар.
Светлана Копыленко,
Харбалаах, Үөһээ Бүлүү.
Хаартыскаларга Тайыына Кононова, Елизавета Иванова түһэриилэрэ