Төрөөбүт тылбытын уонна култуурабытын араҥаччылаан, салгыы сайыннарыыбытыгар ОЛОҤХО оруола муҥура суох. Ол да иһин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин I солбуйааччы Александр Жирков Бэрэссэдээтэллээх Олоҥхо Иккис уон сылын бэлэмнээн ыытыыга СӨ Ил Дарханын иһинэн үлэлиир СӨ Национальнай кэмитиэтэ ыччаты, оҕолору олоҥхоҕо, национальнай култуураҕа уһуйууга улахан болҕомтотун уурар.
2005 с.
– ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи аймах тылынан уус-уран чулуу айымньытынан билиммитэ
2006-2015 сс.
– Олоҥхо Уон сыла биллэриллибитэ
2016-2025 сс.
– Олоҥхо Иккис уон сыла бара турар
Олоҥхону араҥаччылааһыҥҥа, тарҕатыыга, олоҥхону, олоҥхоһуттары өйөөһүҥҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр 1999 сыллаахха тэриллибит “Олоҥхо Ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ, биллэн турар, бөдөҥ оруоллаах уонна бу хайысхаҕа киэҥ хабааннаах үлэни ыытар. Билигин Ассоциация филиаллара Саха сирин 20-чэ улууһугар тэриллэн, үлэлииллэр. Февронья Шишигина Бэрэсидьиэннээх Олоҥхо ассоциациятын чилиэннэрэ, улуустардааҕы филиаллара сыллааҕы үлэлэрин отчуоттуур, саҥа үүммүт сылга былааннарын торумнуур үтүө үгэстээхтэр. Ааспыт сылга улуустар чуолаан оҕолору, ыччаттары кытта күүскэ үлэлээбиттэрэ үөрдэр. Бүгүн биһиги филиаллар үлэлэриттэн билиһиннэриини саҕалыыбыт.
ТААТТА
Улууска 2019 сыл бүтүүтэ Итэҕэл Сүбэтэ тэриллибитэ. 2021 сылтан үлэ салгыы сүрүннээн куйаар ситиминэн барда. Ыйдарынан алгыс сиэрин-туомун ыыттылар, быһа биэриилэргэ итэҕэлгэ сыһыаннаах дьону кытта көрсүһүүлэри тэрийдилэр. Ол курдук, холобур, олохтоохтор Б.Ф.Неустроев-Мандар Уус ыһыах күн тэлгэһэҕэ алгыс сиэрин-туомун толорууга сүбэлэрин иһиттилэр.
«Сиэр-майгы кыһата» бырайыак чэрчитинэн норуодунай суруйааччылар Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылыгар «Даарыйа эмээхсин түһүлгэтэ», Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон төрөөбүтэ 115 сылыгар «Остуоруйа алыптаах эйгэтэ» остуоруйаһыттарга аналлаах күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.
«Таатта номоҕо, үһүйээнэ» бырайыакка нэһилиэк сэппэн сэһэнньиттэрин, кэрэхсэбиллээх кэпсээнньиттэрин видеоҕа эбэтэр аудиоҕа устан, ютуб ханаалга угулунна.
Муус устарга А.И.Софронов-Алампа «Чабырҕах» (1926 с.) ыстатыйатыгар олоҕуран, «Чабырҕах сайдар саҕахтара» куйаар ситиминэн, чабырҕах тыла-өһө, былыргы уонна билиҥҥи кэм чабырҕахтара, оҕо чабырҕаҕа, инники сайдыыта хайысхаларынан кэпсэтии буолла.
Олоҥхо күнүгэр Таатта улууһугар 16-с төгүлүн «Олоҥхо сатабыла» этнокултуурунай тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Олоҥхо дьыктаана. Улуус оскуолаларыгар П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан дьыктааны 977 үөрэнээччи суруйда.
Куйаар ситимин нөҥүө сээркээн сэһэнньит, саха тылын сүмэтин иҥэриммит, Таатта улууһун Дьүлэй нэһилиэгиттэн төрүттээх олоҥхоһут, остуоруйаһыт, бөлүһүөк, дьылдьыт, сонордоох булчут Миинэ уола Дьөгүөсэ туһунан “Аатырбыт сэһэнньит Миинэ уола Дьөгүөсэ Дьөгүөрэп” кинигэ биһирэмэ ыытылынна. Кинигэ ааптара – педагогическай үлэ бэтэрээнэ Альбина Ивановна Лопатина.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө Таатта иитэр-үөрэтэр эйгэтэ үлэҕэ саҥа сүүрээни киллэрэн, оскуоланы бүтэрээччилэр Тиһэх чуорааҥҥа «ОЛОҤХО КИЭҤ КИЭЛИТИН СЭГЭТЭН, УЛАҔА УОРАҔАТЫН АРЫЙАН» түөлбэ олоҥхолорун бөлөҕүнэн толордулар. Саҥа бырайыак сылын аайы ыытыллара былааннанар.
Быйыл Өлүөхүмэҕэ, Аанньаах хочотугар Олоҥхо ыһыаҕар Тааттаттан 18 киһилээх дэлэгээссийэ тиийэн, куонкурус, күрэхтэһии аҕыс көрүҥэр кыттан, сыал-сорук ситиһилиннэ. Тойукка, олоҥхону биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн толорууга, дэгэрэҥ ырыаҕа, оһуохайга, чабырҕахха, хомуска, о.д.а. таатталар бастакы, иккис үрдэллэри ыллылар. Оттон олоҥхону биирдиилээн толорууга Александр Баҕардынов Кылаан Бирииһи ылары ситистэ.
«Былатыан ыччаттара» бырайыак. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи «Былатыан ыччаттара» хамсааһын чэрчитинэн ыытыллыбыт бырайыакка Саха АССР-ы төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бөдөҥ уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай диэйэтэл, саха сэбиэскэй литературатын төрүттээччи, суруйааччы, учуонай П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун бастакы ырыатын ааҕыыга Саха сирин 34 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар. Видеоматырыйаал ютуб ханаалга, «Саха» НКИХ, куйаар платформаларын нөҥүө тарҕанна.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн 3-с төгүлүн “Төрүт ситим” дьиэ кэргэнинэн олоҥхону олоҕурбут ньыманан толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи куйаар ситиминэн күрэххэ Тааттаттан, Чурапчыттан, Хаҥаластан, Уус Алдантан 8 дьиэ кэргэн кыттыыны ыллылар. 2022 сыллаах үлэ былаана Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар туһуланар.
СУНТААР
“Ытык киһи удьуора” бырайыак үлэтин салгыыр. Олоҥхоһуттар “Удьуор утума” ыччаттарын айар киэһэлэрэ салҕанар. Быйыл улуустааҕы “Долгун” араадьыйанан, инстаграм, ютуб ханаал нөҥүө Сунтаар улууһун олоҥхо толорооччуларын Наталья Эконова, Ефрем Афанасьев, Айсен Федоров, Туйаара Алексеева, Александра Яковлева, Митрофан Семенов видеоҕа устууларын иһитиннэрдилэр.
“Оҕо уонна олоҥхо” – Туйаара Алексеева бырайыага 2018 сылтан үлэтин салгыыр 3 нүөмэрдээх орто оскуола оҕолоро утумнаахтык дьарыктаналлар, күрэстэргэ көхтөөхтүк кытталлар.
“Олоҥхо – барҕа баайбыт” диэн нэдиэлэҕэ иккитэ араадьыйанан биэриилэр бара тураллар: “Сунтаар улууһун олоҥхоһуттарын историята”; Фольклорист-этнограф Георгий Евгеньевич Федоров-Сэһэн Дьөгүөр 110 сылынан тэттик кэпсээннэрин, Бүлүүтээҕи эспэдииссийэҕэ сырыыларын, олоҕун олуктарын, айар үлэтин иһитиннэрии о.д.а.
“Олоҥхонон сирдэтэн – олоҥхолоох айан” бырайыак тохтообот айана улуус нэһилиэктэрин хабан, үлэтин салгыыр. Быйыл Аллыҥа, Уһун Күөл, Тойбохой, Хадан, Туойдаах сирдэринэн олоҥхону иһитиннэрии айана тэрилиннэ. Ситим быстыбат. “Утум” диэн биирдиилээн олоҥхону толорооччулар түмсүүлэрэ тэриллэн, чопчуланна. Онно Изабелла Макарова-Толоон туорааҕа олоҥхоһут, олоҥхону толорооччулар Наталья Эконова, Туйаара Алексеева, Александра Яковлева, Айсен Федоров, Сардаана Контогорова, Ефрем Афанасьев, Митрофан Семенов уонна «Кыыһар Туҥат» — эдэр ыччат бөлөҕө киирэллэр. Сыл аайы сылга иккитэ Никандр Тимофеев маастар-кылааһы ыытан улахан көмө буолар. 5-с кылаастан алгыска, битиигэ кыттыбыт оҕолору кытта ситим олохтонон, сиэргэ-туомҥа былааннаах үлэ ыытыллар. Кылаас салайааччыта Татьяна Фокинова. Оҕолор билигин 11 ”а” кылаас буоллулар, тэрээһиннэргэ кытталлар.
Анал уһуйааннар. Сылга иккитэ Н.П. Тимофеев маастар-кылааһы ыытара улахан көмөлөөх. Тойукка уонна эр дьон тойугар Олоҥхо тыйаатырын артыыһа Д.С. Иванов сылга биирдэ-иккитэ тойукка маастар кылааһы ыытар, дойдутун кытта сибээһи тутар. Хомус пропагандиһа уонна чинчийээччитэ А.К. Никитина уон алтыс сылын хомуска анал үөрэх ыытар.
«Олоҥхо дойдутун оҕотобун» өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ М.П.Афанасьева салайааччылаах “Кутана кустуга” анал ааты ситистэ. М.П.Афанасьева «Олоҥхону кылааһынан толоруу» анал бырайыагын Дьаархан орто оскуолатыгар Л.Н.Иванова, Тойбохой орто оскуолатыгар Д.К. Васильева, Сунтаар 3 №дээх орто оскуолатыгар Т.А.Алексеева үлэлэтэллэр. Олоҥхо ыһыаҕа. Сунтаартан Гаврил Еремеев, Мария Тараярова салайааччылаах 19 киһи Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар ыалдьыттаатылар. Ситиһиилэр: Олоҥхоҕо Кутанаттан Митрофан Семенов «Түһүлгэлээх олоҥхоһут», Ефрем Афанасьев «Добун тойук», Наталья Эконова «Удьуор утум тутар» анал ааттары ситистилэр.
Улуустааҕы С. А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан холбоһуктаах түмэл Элгээйигэ оскуола саастаах оҕолорго уонна ыччаттарга «Олоҥхо дьоруойдарын төһө билэҕин» куйаар ситиминэн интерактивнай оонньууну ыытар.
Сунтаар кииннэммит бибилэтиэкэтэ – олоҥхоҕо. Аллыҥа, Арыылаах, Бордоҥ, Дьаархан, Кэмпэндээйи, Куокуну, Кириэстээх, Кутана, Күндэйэ, Маар Күөл, Түбэй-Дьаархан, Хадан, Сиэйэ, Элгээйи орто оскуолалара ордук кэрэхсэллээх үлэлэри ыыттылар. Ол курдук, олоҥхо ааҕыылара, хомус уонна олоҥхоҕо аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан, бибилэтиэкэ уруоктара, куукула уонна кинигэ, олоҥхону ааҕабыт – аудио-ааҕыылар, «олоҥхо өрөгөйө, саха саргыта” кинигэ быыстапкалара, о.д.а. тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Кутанаҕа муҥха олоҥхото. Кутана нэһилиэгэр Куола учуутал балаҕаныгар «Оллоонноон олорон олоҥхолуоххайыҥ, муҥха кэннэ…» диэн олоҥхо декадатыгар аналлаах олоҥхо киэһэтэ буолла. Улахан дьон толорууларыгар биир дойдулаахтара М.З. Мартынов-Бөөдөс уола «Уол Дуолан бухатыыр», оскуола оҕолоро М.П.Афанасьева салайааччылаах «Сырдык сардаҥа» фольклорнай бөлөх «Айталыына кыыс бухатыыр», Туйгун Гоголев П.А. Ойуунускай «Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардан толорууларын иһиттилэр.
Саха мультига. Олоҥхо дьоруойдара сааһыран баран сиэннэрин быыһыы барар ис хоһоонноох саха мультигын Кириэстээх кулуубун методиһа Анатолий Афанасьев үөрэтэр оҕолорунуун сүрэхтээннэр, “Чохоон” ютуб ханаалга таҕыста.
(Салгыыта бэчээттэниэ).
Татьяна Маркова.