Ыччаты көҕүлүүр, кынаттыыр бэстибээл

24.02.2024
Бөлөххө киир:
Хаартыска: "Муус устар" телеграм - ханаалтан.

Эдэр саас – киһи өйө-санаата, кэрэҕэ тардыһыыта муҥутуурдук сайдар, айар-тутар сатабыла, араас хабааннаах талаана аһыллар саамай тоҕоостоох кэмэ. Сахабыт сиригэр ыччат дьоҕурун, кыаҕын сайыннарар бэстибээлинэн «Муус устар” буолар.

Дьокуускайга «Муус устар» ыччат бэстибээлэ ситиһиилээхтик түмүктэннэ. Олунньу 17 күнүгэр тэрээһин өрөгөйдөөх сабыллыытыгар 2 тыһыынчаттан тахса Саха сирин ыччата муһунна. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ ааспыт сыллааҕар икки төгүл элбэх кыттааччы – 700 киһи сырытта.

Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин «Муус устар» өрөспүүбүлүкэтээҕи ыччат бэстибээл таһымын үрдүктүк сыаналаата. Үгэс быһыытынан бэстибээл кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ.

«Бу кэрэ, улахан пуоруму ыытыы Саха сирин култуурунай, уопсастыбаннай олоҕор үтүө үгэскэ кубулуйда. Бэстибээл ыччаты түмэр, айымньы араас эйгэтигэр оҕолор бэйэлэрин талааннарын көрдөрөллөр: киинэҕэ уонна ойуулукка, муусукаҕа уонна ускуустубаҕа, успуорт күрэхтэһиилэригэр кытталлар. Итиэннэ бэстибээлгэ кинилэр саҥа табаарыстарын уонна биир санаалаахтарын булуохтарын, интэриэһинэй бырайыактары олоххо киллэриигэ өйөбүлү ылыахтарын сөп. Бэстибээл айымньылаах күлүүһүнэн ыытыллыаҕа, кыттааччылар, ыалдьыттар өйдөрүгэр хатанан хаалыаҕа», — диэн эҕэрдэ суругар этиллэр.

«Муус устар» ыччат бэстибээлин СӨ Бырабыыталыстыбата «ЭльгаУголь» генеральнай партнер-хампаанньаны кытта 2021 сылтан ыытыллар.

 Ил Дархан Айсен Николаев: «Муус устар» биһиги Сахабыт сирин визитнэй карточкатынан буолла. Хара маҥнайгыттан бэстибээл сынньатар-аралдьытар тэрээһин курдук буолбакка, ыччаттарбытын түмэн, төрөөбүт Саха сирин уонна улуу Арасыыйабыт сайдыыларыгар саҥа компетенциялары биэрэбит. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит инники кэскили түстүүр эрэгийиэн буоларыгар эрэнэбин. Биһиги салгыы инникитин даҕаны дойдубутун уруйдуохпут! Барыгытыгар ситиһиилэри! Ыччаттарбытынан киэн туттабыт, Саха сирэ эһигини итэҕэйэр, бары ситиһиигитинэн киэн туттабыт! Бары бииргэ иннибит диэки!», — диэн Айсен Николаев ыччакка туһаайан эттэ.

«Өрөгөй» успуорт уораҕайыгар шоу ыытарга 500 квадратнай миэтэрэ иэннээх сыана тутуллубут. 10 туонна араас аппаратура туһаныллыбыт. Финальнай шоуга Дьокуускай куорат бастыҥ үҥкүү кэлэктииптэрэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи «КҮН» куонкурус кыттыылаахтара, оҕо вокальнай устуудьуйалара, циркэ артыыстара, муусукааннар, уо.д.а. кытыннылар.

Хаартыска: "Муус устар" телеграм - ханаалтан.

Сыана былаһаакката Арассыыйа биир улахан Өлүөнэ өрүһүн холобурунунан оҥоһуллубут. Уу долгуна быһыылаах уонна өҥнөөх, араас таһымнаах уустук экраннар өрүс биир кэлим уобараһын көрдөрөрү ситиһилиннэ.

Финальнай шоу уратыта – биир сыанаҕа Арассыыйа уонна Саха сулустара эрэ буолбакка, саҥа ааттар таҕыстылар. Бу «Воплощай и вдохновляй!» трек кыттааччылара, финалистара, айар куонкурустар кыайыылаахтара: «КУН», «СулуСТАР», «Хомус тэтимэ». Ону таһынан, быйыл эдэр талааннаах дизайнер-модельердар үлэлэрин

«Бу өрөспүүбүлүкэ көхтөөх ыччатын түмэр олус улахан тэрээһин. Олус үчүгэй оҕолор. Туох баар корнилары сэргэхтик интэриэһиргээтилэр, ыйыталастылар. «Муус устар» бэстибээлгэ кыттыбыппыттан дьоллоох киһинэн сананабын», – диэтэ бэстибээл кыттыылаахтарыттан биирдэстэрэ Тимофей Васильев.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА.

«Муус устарга» дьол уйата саҕыллар

Дойду үрдүнэн биллэриллибит Дьиэ кэргэн сылыгар финальнай шоу кыттыылаахтара, саҥа дьиэ кэргэн тэриллиитин туоһутунан эдэр устудьуоннар, Алена уонна Николай Васильевтар, олохторун холбуур сиэрэ-туома буолла.

«2022 сыл балаҕан ыйыгар билсибиппит. Сыл уонна үс ый — бииргэ. Олохпутун холбуур күнү олунньу 18 күнүгэр талбыппыт. Бэстибээл иитинэн сиэри-туому ыытарга этии киирбитэ. Олус интэриэһинэй буолуоҕа диэн тутатына сөбүлэспиппит. Ыытыллыбыт сиэри-туому сөбүлээтибит, барыта олус үрдүк таһымнаах уонна кырасыабай буолла», – диэн эдэр дьон үллэһиннилэр.

Сорох көхтөөх ыччат бэстибээлгэ хаһыс да төгүлүн кыттар. Үгүстэрэ — урукку сылларга «Муус устар» бэстибээл уонна атын куонкурустар кыайыылаахтара. Кинилэр ортолоругар Мэҥэ- Хаҥалас улууһуттан «Бастыҥ доброволец» номинация кыайыылааҕа Владлена Павлова: «Бэстибээлгэ номнуо үһүс сылын кыттабын. Миэхэ «Муус устар» олус элбэҕи биэрдэ. Чуолаан, манна ылбыт уопуппунан былырыын Росмолодежь ыччат куонкуруһугар кыайбытым уонна «Эн соҕотох буолбатаххын!» ыарахан быһыыга-майгыга түбэспиттэргэ анаммыт бырайыагы олоххо киллэрэри ситистим», – диэн кэпсиир.

Бастыҥ ыччат оройуоннара

Биллэн турар,  ыччаттар ханнык улуус «Ыччат бастыҥ оройуона» бочуоттаах ааты ыларын эрэнэ кэтэспиттэрэ. Бары да күүстээх хамаандалар буолан, «киирсии» быйыл тыҥааһыннааҕа биллэрэ.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Түмүккэ кыайыылааҕынан Горнай оройуона таҕыста. «Өрөгөйгө» улуустар өрөгөйдөрө түстэннэ! Ыччат бастыҥ оройуонун кыайыылаахтарыгар сэртипикээт туттардылар. Хоту улуустарга Булуҥ оройуонун ыччаттара тэҥнээхтэрин булбатылар. Ыччат бастыҥ оройуонугар эмиэ сэртипикээт  туттардылар.

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

 Уон дьиэ кэргэн бириис ылла

Бэрэсидьиэн Владимир Путин 2024 сылы Дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ. Онон сибээстээн Бүтүн Арассыыйатааҕы «Всей семьей» бырайыагы Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн ыыталлар. Кыттаачылар всейсемьей.рф диэн саайтка регистрацияны ааһан, хаартыскаларын социальнай ситимҥэ таһааран, араас бириистэргэ тиксиэхтэрин сөп.

«Муус устар» бэстибээл иитинэн бырайыак хаартыскаҕа түһэр сирин туруордулар, күрэх туһунан кэпсээтилэр уонна саҥа кыттааччыларга бириис туттардылар. Ол курдук, уон дьиэ кэргэн регистрацияны аастылар, хаартыскаларын таһаардылар уонна «Эллэй Боотур» катокка билиэттэри сүүйдэ.

Хаартыска: "Муус устар" телеграм - ханаалтан. Матаннановтар дьиэ кэргэн.

Саха сиригэр «Всей семьей» бырайыагы өйүүллэр. 1300-тэн тахса дьиэ кэргэн номнуо регистрацияны ааста. Саамай көхтөөх кыттыылаахтарга анаан тыйаатырга уонна кэнсиэрдэргэ билиэттэри, катокка уонна бассейҥа абонеменнары оонньотоллор.

Нам улууһун олохтоохторо Ольга уонна Семен Игнатьевтар:. «Биһиги биэс оҕолоох дьиэ кэргэммит. Бүтүн Арассыыйатааҕы «Всей семьей» бырайыакка бу сыл тохсунньутуттан кыттабыт. Биһиэхэ кыттын диэн Нам улууһун ыччат бэлиитикэтин уонна дьиэ кэргэн салаата этии киллэрбитэ. Бырайыакка кыттарбытыттан үөрэбит, бииргэ дьиэ кэргэнинэн бириэмэни атаарарбытыттан дуоһуйабыт, астынабыт. «Мусс устарга» оҕолорбутун кытта аан бастаан сырыттыбыт. Олус үрдүк таһымнаах бэстибээл. Бука бары үөрдүбүт кэлбиппититтэн», – диэн санааларын үллэһиннилэр.

Бэстибээл ыыра киэҥ

Сыл ахсын бэстибээл кэҥээн, улаатан иһэр. Улуустартан кыттар оҕо ахсаана элбээтэ.14 тректэн таһынан «СВО балаһатыгар» диэн 15-с корнер үлэлээтэ. Манна БПЛА-ны салайарга үөрэтэри көрдөрбүттэрэ. Беспилотниктар араас моделларын билиһиннэрбиттэрэ. 3Д-принтерга беспилотнигы бэчээттии үөрэниэххэ , салайар систиэмэлэринэн көтүтэн көрүөххэ сөп гына оҥорбуттар. Ону тэҥэ тач-панелга Арассыыйа Дьоруойдарын туһунан ааҕыахха, байыастарга көмө туһунан билиэххэ сөп гына тэрийбиттэр.

Бу курдук, дьону түмэр киэҥ далааһыннаах бэстибээл буолан ааста. Эдэр киһи тыла, санаата тиийэр, саҥарбыт саҥата сатанар, санаабыт санаата салаллар, эппит этиитэ эттэнэр, туппута тупсар дииллэрэ дьэ чахчы! Эһиилги «Муус устарга» көрсүөххэ диэри!

+1
6
+1
4
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0