Мииринэй оройуонугар буола турар Ыччат ыһыаҕын иккис күнүгэр эдэрдэргэ тимир ууһугар бастыҥы талыы күөн күрэстэһиитэ буолла. Манна улуустартан уопсайа уон аҕыс сайаапка киирдэ.
Күрэхтэһиини СӨ Ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтин министиэристибэтэ уонна Саха сирин уустарын сойуустара тэрийдилэр.
Күөн күрэс икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакынан “Дэгиттэр түһүмэх” буолла. Манна маастардар аҕалбыт саха быһахтарын тургутан көрдүлэр. Холобур, кумааҕыны, хаппыт тиит маһы, эриллибит боолдьоҕу уонна алтан тимири быстылар. Иккис түһүмэххэ “Уус-уран оҥоһуулаах сахалыы быһаҕы” көрдүлэр. Бу түһүмэххэ дьүүллүүр сүбэ эдэр уустар эрдэттэн оҥорон аҕалбыт быһахтарын моһуонун сыаналаатылар.
Икки түһүмэх түмүгүнэн кыайыылаах аатын Нам улууһуттан Петр Аргунов ылла. Киниэхэ МР-155 саа ыларга сэртипикээти туттардылар. Иккис миэстэҕэ тахсыбыт Василий Уваровка (Сунтаар) быһах сытыылыыр чочуну туттардылар. Үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Ньурба улууһун эдэр ууһа Евгений Иванов тигистэ. Кини уһанар тэриллэри ыларга сэртипикээтинэн наҕараадаланна.“Маннык улахан күрэхтэһиилэргэ хаһан даҕаны кытта илигим. Бу бастакы холонуум. Урут уһаныахпын наһаа баҕарар этим эрээри, ылсыбакка сылдьыбытым. Быйыл кулун тутартан ылата саҕалаабытым. Улахан түһүлгэ күрэһигэр кыттан баран, кыайыылаах тахсыбыппыттан наһаа соһуйдум, долгуйдум, үөрдүм. Онон уһанарга үөрэтэр-такайар, сүбэлиир-амалыыр учууталбар Леонид Прокопьевич Говоровка махталым муҥура суох. Инникитин маннык күрэстэргэ өссө да кыттыам дии саныыбын,” – диэн кыайыылаах Петр Аргунов үөрүүтүн үллэһиннэ.
Сандал НИКАНОРОВ.
Ааптар уонна Александр Дормидонтов хаартыскаҕа түһэриилэрэ.