Ыччат сылыгар кулууптарга, түмсүүлэргэ болҕомто ууруллуоҕа

12.01.2017
Бөлөххө киир:

Быйыл Ыччат сылыгар ордук тыа сирин кулууптарыгар, уопсастыбаннай түмсүүлэргэ болҕомто ууруллуоҕа. Бу туһунан туһааннаах министиэристибэлэр Ил Дархан Егор Борисовы кытары көрсүһүүгэ бэлиэтээтилэр. Аграфена Кузьмина, edersaas.ru

Ыччат сылын ыытыыга моой-арҕас ылсыбыт туһааннаах министиэристибэ манна анаммыт дьаһаллары ыытарын таһынан, быйыл волонтердарга, ыччат түмсүүлэригэр, хамсааһыннарыгар ураты болҕомтотун ууруоҕа. Ону сэргэ каадыры бэлэмнээһиҥҥэ, олохтоох хампаанньаларга аттаран туруорууга күүстээх үлэни ыытыаҕа.

Биирдиилээн дьаһаллартан холобурдаатахха, быйыл сайын биһиэхэ устудьуоннар тутар этэрээттэрин бүтүн Россиятааҕы слеттара ыытыллыахтаах.

Бу сылга Култуура министиэристибэтэ тыа сирин кулууптарын, уус-уран кэлэктииптэри кытары үлэлэһиитин күүһүрдэр санаалаах. Ону сэргэ мусуойдарга эмиэ болҕомто ууруллуоҕа, тыйаатырдар улуустарынан сылдьан гостуруоллуулларын элбэтиэхтэрэ. Ити барыта ыччат култуура, духуобунас өттүнэн сайдарыгар туһуланар. Манна сыһыаран эттэххэ, былырыын Егор Борисов кыһалҕалаах дьону кытары көрсүһүүтүгэр судаарыстыбаннай эбийиэктэргэ элбэх оҕолоох ыалга чэпчэтии көрүллэр усулуобуйатын тэрийэр туһунан боппуруоһу көтөхпүттэрэ. Бу этиини Ил Дархан бэйэтин Анал этиитигэр эмиэ санатан бэлиэтээбитэ. Онон быйылгыттан саҕалаан култуура, спорт эбийиэктэрэ элбэх оҕолоох ыалга чэпчэтиилэри олохтуурга үлэлэһиэхтэрэ.

Былырыын култуура эйгэтигэр 2,6 млрд солк. барбыт эбит буоллаҕына, быйыл 2,4 млрд солк. көрүллүөҕэ. Ол иһигэр олоҥхону сайыннарыыга – 9,4, норуот уус-уран оҥоһууларын өйөөһүҥҥэ – 2,5, төрүт литератураны сайыннарыыга – 16,2, мусуойдарга уонна библиотекаларга – 527 мөл. солк. барыаҕа.

Уопсастыбаннай түмсүүлэри кытары үлэлиир министиэристибэ быйыл тулалыыр эйгэни харыстааһыҥҥа, ыччат боппуруостарыгар үлэлэһэр социальнай хайысхалаах коммерческайа суох түмсүүлэри кытары үлэлэһиитин күүһүрдүөҕэ.

Оттон Спорт министиэристибэтэ дьон-сэргэ спордунан маассабайдык дьарыктаныытыгар, оҕо спордугар сүрүн болҕомтотун ууруоҕа. Манна даҕатан эттэххэ, «Чолбон» бассейн базатыгар оҕо спортивнай оскуолата аһыллыахтаах.

Өскөтүн былырыын национальнай көрүҥнэргэ тустаах сокуон тахсыбыт буоллаҕына, билигин аны тренер туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуону олоххо киллэриигэ үлэ-хамнас барыаҕа. Быйыл спорт эйгэтигэр 2,4 млрд солк. көрүллүөхтээх. Итинтэн 698,2 мөл. солк. маассабай спорду көҕүлээһиҥҥэ ыытыллыаҕа.

Ыспыраапка быһыытынан эттэххэ, Ыччат сыла аан бастакытын 1996 с. Михаил Николаев көҕүлээһининэн ыытыллыбыта. Онтон 2009 с. Вячеслав Штыров бэрэсидьиэннии олордоҕуна биллэриллибитэ. Онон үс салайааччыбыт үһүөн кэлэр көлүөнэҕэ ураты болҕомтолорун ууралларын бэлиэтээн этиэм этэ.

Аграфена КУЗЬМИНА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0