Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ Николай Обоюков

03.05.2017
Бөлөххө киир:

Егор Борисов Аҕа баһылык буолуоҕуттан эдэр киһи салайар үлэҕэ ананара элбээтэ. Соторутааҕыта Николай Обоюков Ил Түмэн иһинэн үлэлиир Ыччат парламенын бэрэссэтээлинэн талылынна. Биһиги Николайдыын кэпсэтибит. 

 — Николай, уопсастыбаннай үлэнэн дьарыктаммытыҥ ыраатта дуо?

—  Мин оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн көхтөөхпүн. Устудьуоннуу да сылдьан актыыбынай олохпун тохтоппотоҕум. Институтум идэлээх сойуустарын түмсүүтүгэр киирэн, араас тэрээһиннэргэ сылдьарым. Кылгас кэм иһигэр бэрэссэдээтэли солбуйааччынан талыллыбытым. Ыччаты кытары үлэлиирбин туохтааҕар даҕаны ордоробун. Ол да иһин буолуо, биир сылтан ордук кэм устата Сунтаар улууһун ыччатын лидеринэн ананан үлэлээбитим. Онно сылдьаммын Ыччат парламенын туһунан истибитим. Маҥнай Сунтаар улууһун Ыччат парламенын чилиэнэ буолбутум. Онтон кэмитиэт бэрэссэдээ­тэлэ, тиһэҕэр бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитим. Онтон Култуура министиэристибэтигэр кэлэн баран, Ил Түмэн иһинэн ыччат парламеныгар Сунтаар улууһун аатыттан чилиэнинэн киирбитим. Онтон саҕалаан, элбэҕи үлэлээн быйыл  кулун тутар ыйга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин иһинэн үлэлиир Ыччат парламенын бэрэссэдээтэлинэн талылынным.

— Ыччат парламенын уонна Ыччат бырабыыталыстыбатын эдэр дьон араарбатын кэриэтэ…

— Ыччат бырабыыталыстыбатыгар сүрүннээн толорор уорганнар бэрэстэбиитэллэрэ киирэллэр. Холобура, миниистирдэр, кинилэр солбуйааччылара, исписэлиистэрэ. 

Ыччат парламена ыччат түмсүүлэрин (устудьуоннар идэлээх сойуустара, устудьуоннар, баһаатайдар, волонтердар этэрээттэрэ, Саха-КВН түмсүү о.д.а), улуустары кытары үлэлэһэр. Хас биирдии түмсүүттэн, улуустан биирдии-иккилии бэрэстэбиитэллэр киирэн чилиэн буолаллар. Ыччат парламенын сүрүн сыала: ыччат интэриэһин көмүскүүр сокуоннары сайыннаран биэрэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин (Ил Түмэн) Судаарыстыбаннай Мунньаҕар этиилэри киллэрээһин.

— Саҥа талыллыбыт эдэр киһи былаан бөҕөлөөҕүҥ буолуо.

—  Бэйэм былааным, үлэм үгүс. Бастакытынан, бу соторутааҕыта СӨ Устудьуоннарын ­этэрээтин бэрэссэдээтэлэ Николай Тарасовтыын кэпсэтиибитигэр арыгы атыылааһынын сокуонугар уларытыы киллэриэх диэн бэрт үчүгэй санааны эппитэ. Арыгыны билигин 18 сааскын туоллуҥ да, хайа баҕарар маҕаһыынтан атыылаһар бырааптанаҕын. Николай 171 нүөмэрдээх федеральнай сокуон 16 ыстатыйатыгар уларытыы киллэриэн баҕарар, ол курдук хас биирдии субъект арыгы атыылаһар сааһы бэйэтэ көрөн туруорарыгар быраап бэриллиитэ. Оччотугар биһиги Сахабыт сиригэр муҥ саатар 21-гэр диэри хааччахтыыр сокуону ылынарга туруорсуо этибит. Санаан көрдөххө, кырдьык 18-таах ыччат киһи бэҕэһээҥҥи оскуола эрэ оҕото буоллаҕа. Оттон 21 сааһын туолбут киһи арыый боччумурар, өйүн тутар. Онон ити сокуон олоххо киирэрэ буоллар, арыгы иһиитэ аҕыйыа, бэрээдэк  тупсуо этэ. Иккис былааным, оскуола оҕолорун аһыыр рационнарыгар эбэһээт үүт уонна үүттэн оҥоһуллубут бородууксуйаны киллэрии. Хас биирдии оҕо күҥҥэ лиитир аҥаара үүт иһэрэ уопсай туругун биллэ сайыннарыа. Быйыл Ил Дархан Егор Борисов бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйаны сайыннарар сүрүн сыал сорук туруорбута. Ол чэрчитинэн “Туймаада-Агроснаб” олохтоох хампаанньа дириэктэрин Павел Чириковы кытта кэпсэтии түмүгүнэн, бу «Школьное молоко» диэн ааттаах саҥа бырагырааманы олоххо киллэрэр санаалаахпыт. Маны таһынан үлэтэ суох сылдьар ыччаты кытары үлэлэһэбит, ыччакка сыһыаннаах араас бырагыраамалар тустарынан эмиэ сырдатар үлэни ыытабыт.

— Эдэр киһи үлэҥ олус элбэх буолуохтаах. Кэлии-барыы даҕаны ханна барыай. Оттон кэргэниҥ ону ылынар, утарсыбат дуо?

— Кырдьык, үксүн дьиэбэр хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт эрэ курдукпун. Ол эрэн бириэмэ буллум да, болҕомтобун дьиэ кэргэммэр уурабын. Бу кыра да буоллар олохпор ситииһэлэрим дьиэ кэргэним өйөбүлэ суох хайдах да сатамматтар. Онон кэргэммэр улаханнык махтанабын. Устудьуоннуу сылдьан билсэрбитигэр көхтөөх, актыбыыс киһини сөбүлүү көрөн, ыал буоларга сөбүлэспит диэн сыаналыыбын. Хас биирдии ситиһиилэрбитин бэлиэтээн, бары бииргэ үөрэн-көтөн алаадьылаах остуол тула мустабыт. Билигин үһүс оҕобутун күүтэбит.


Ыспыраапка

Сунтаар улууһун Кутана нэһилиэгиттэн төрүттээх. Оскуоланы бүтэрээт, СГУ финансовай-экономическай институутугар туттарсан киирбит. Кэргэннээх, икки оҕолоох. Сунтаар улууһун дьаһалтатын хонтуруоллуур-ааҕар палататын сүрүннүүр исписэлииһинэн ананан үлэлээбит. Онтон Сунтаар улууһун ыччатын салаатын сүрүннүүр исписэлииһинэн анаммыт. Эһиилигэр Кутана нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччытынан, онтон Сунтаар улууһун баһылыгын көмөлөһөөччүтүнэн үлэлээбит. 2014 сылтан ылата Култуура министиэристибэтин сүрүннүүр исписэлииһинэн үлэлии сылдьар.

Станислав Иовлев, «Саха Сирэ» хаһыат, edersaas.ru сайт

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0