Сотору, кулун тутар 20 күнүгэр, СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ Антонина Саввична Алексеева бирииһигэр «Ыччат оһуохайын түһүлгэтэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс саҕаланыа.
edersaas.ru
Арассыыйаҕа — норуоттар култуураларын нэһилиэстибэлэрин сылыгар, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар, Дьокуускайдааҕы “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ төрүттэммитэ 20 сылыгар, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Оһуохай” айар уопсастыбаннай тэрилтэтэ 35 сылыгар аналлаах
өрөспүүбүлүкэтээҕи «Ыччат оһуохайын түһүлгэтэ» күрэс тосхоло.
1.Тэрийээччилэр: Дьокуускай куорат “Уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинэ” МБТ, Дьокуускайдааҕы “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин “Оһуохай” айар уопсастыбаннай тэрилтэтэ, урбаанньыт Алексеева Антонина Саввична
2. Ыытыллар күнэ-дьыла: 2020 с. кулун тутар 20 күнэ, сарсыарда 9 чаастан.
3. Буолар сирэ: Дьокуускай куорат, Чернышевскай аат. уулусса 24 нүөмэрэ, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ.
4. Күрэс сыала-соруга:
— Оһуохайы саха фольклорын жанрын быһыытынан харыстааһын, үйэтитии;
— Ыччат дьоҥҥо оһуохайы сайыннарыы.
— Түөлбэ оһуохайын көҕүлээһин, тарҕатыы уонна үйэтитии.
5. Күрэх кыттааччылара:
Күрэс 2 бөлөҕүнэн ыытыллар:
I бөлөх – 17-27-гэр диэри саастаахтарга
II бөлөх – 28-39 — гар диэри саастаахтарга
6. Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр кэриҥнэрэ:
— Күрэс устата толору сахалыы таҥастаах буолуу;
— Түһүлүктэри тутуһуу, түһүлгэни тутуу;
— Хоһуйуу ис хоһооно, тыл ууһа-урана; (бэриллибит тиэмэни арыйыы);
— Куолас кэрэтэ, кылыһаҕа, тардыыта;
— Оһуохай тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн туттуу-хаптыы, хаамыы;
— Кынаттары кытта биир тэтим турукка киирии;
— Кыттааччы кынат бөлөҕөр оһуокайга киирдэҕинэ 1 баал эбиллэр;
— Бириэмэтин тутуһуу (15 мүн.), сөпкө үтүктүү,оһуокай тэтимин тутуу;
— Оһуохайга кыначчыттар кыттыыларын көрүү;
— Бэриллибит тиэмэни уус-ураннык тута хоһуйуу: Саха АССР 100 сылыгар аналлаах хоһуйуу (Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу дьоно, Саха сирин бүгүҥҥүтэ уонна инники кэскилэ), Ийэ сылыгар аналлаах хоһуйуулар.
Күрэскэ анал идэтийбит уонна норуоттан тахсан эрэр ыччаттары тус-туһунан арааран дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр. Дьүүллүүр сүбэҕэ норуот талааннаахтара, саха төрүт култууратын уонна фольклорун идэлээхтэрэ үлэлиэхтэрэ.
7. Кыттыы ирдэбилэ:
Сайаапканы биэрэр аадырыскыт: Дьокуускай куорат, Чернышевскай уулусса 24 №-рэ, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ. Төлөпүөнүнэн билсэр нүөмэрдэргит: 32-13-23, батсаап: 89142719343, 89241749649, 89244682806
Сайаапканы 2022 сыл кулун тутар 19 күнүгэр диэри ылаллар.
Кыттааччылар кэлэр-барар, олорор-аһыыр ороскуоттарын бэйэлэрэ уйуналлар, санитарнай-эпидемиологическэй ирдэбиллэри тутуһаллар.
8.Күрэскэ кыттыы: 300 солк.
9. Биһирэбил:
Кыайыылаахтарга: Кылаан чыпчаал, I, II, III «Үрдэл», I, II, III «Үктэл», анал ааттар, иҥэриллиэхтэрэ, грамоталар, анал бириистэр туттарыллыахтара
Антонина Алексеева-Күн-Күлүмэ туруорар бириистэрэ: тэлэбиисэрдэр, тоҥорор-тымнытар ларьдар, үрүҥ көмүс киэргэллэр, оҥоһуктар уонна да атын бириистэр. ”Оһуокай” уопсастыба 17-39 саастаах кынаттарга анал бириистэри туруорар. “Арчы Дьиэтэ” духуобунай култуура киинэ анал бириис туруорар.
10. . Күрэс хаамыыта:
9.00 – 10.00 – кыттааччылары бэлиэтээһин (регистрация).
10.00 – оһуокай түһүлгэтин төрүттэниитэ, күрэс барыыта
– Күрэс түмүгүн таһаарыы
Кэлиҥ, кыттыҥ, ыччат дьоммут!
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru