Ыччат лиидэрэ диэн кимий?

19.08.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: edersaas.ru

Билиҥҥи ыччат муҥутуур үчүгэй холобур оҥостор лиидэрдээх дуо? Лиидэр хайаан да уол буолуохтаах дуо? Кими лиидэр буолуон сөп дии саныыгыт? Бу курдук ыйытыыларга биһиги ааҕааччыларбыт хоруйдаатылар.

Хаартысканы Анжелина Жданова тиксэрдэ.

Анжелина Жданова, оскуола үөрэнээччитэ, Ньурба:

— Мин санаабар, билиҥҥи кэмҥэ ыччат лиидэрэ дьоҥҥо, норуокка бэриниилээх, атыттартан ураты, саҥа көрүүлээх буолуохтаах. Биһиги сайдыылаах үйэбитигэр ыччаты бэйэтигэр сатаан тардар, кинилэри кытта сөптөөх тылы булан кэпсэтэр, үлэлэһэр киһи дии саныыбын. Лиидэр хайаан да уол буолуохтаах диэн сокуоҥҥа да, ханна да суруллубат. Кэрэ аҥаардар элбэҕи сатыыллар, ону тэҥэ элбэх кыыс лиидэрдэр да бааллар. Ааҕааччылар сөбүлэһиэхтэрэ дии саныыбын.

Хаартысканы Александр Монастырев тиксэрдэ.

Александр Монастырев, абитуриент, Дьокуускай:

— Бастатан туран, лиидэр тулуурдаах буолуохтаах. Элбэҕи этэ барбакка эрэ, толкуйдаан баран саҥарар биир тыллаах буолуохтаах. Ыччаты кытта биир тылы булан түмүөхтээх, үрдүккэ, сырдыкка угуйуохтаах.

Мин санаабар, биһиги билиҥҥи лиидэрбитинэн СӨ ыччат миниистирэ Петр Шамаев буолар. Кини курдук элбэҕи үлэлиир, дьон туһугар кыһаллар киһини көрсө иликпин.

Лиидэр кыыс да буолуон сөп. Сүрүннээн эппиэтинэһи кыайан сүгэр буолуохтаах.

Хаартысканы Сайыына Черкашина тиксэрдэ.

Сайыына Черкашина, устудьуон, Уус Алдан:

Билиҥҥи ыччат лиидэрэ диэн эргиччи сайдыылаах, ыччаты кытта уопсай тылы булар уонна түмэр киһи. Мин үөрэнэр бөлөхпөр лиидэрдэр бааллар. Бэлиэтээн көрбүппүнэн, биллэ — көстө сатаабат лиидэрдэр түмсэргэ эмиэ сүрүн күүс буолаллар эбит.

Хаартысканы Василий Сметанин тиксэрдэ.

Василий Сметанин, устудьуон, Кэбээйи:

Ыччат лиидэрэ чаҕылхай, мындыр өйдөөх, билиилээх-көрүүлээх, инникигэ эрэллээх буолуохтаах дии саныыбын. Ыччат лиидэринэн кыыс даҕаны, уол даҕаны буолар. Лиидэр киһи бэйэтигэр эрэниэхтээх. ХИФУ иһинэн устудьуоннар идэлээх сойуустара үлэлиир. Александр Румянцев салайар. Бастакы солбуйааччылартан биирдэстэрэ Максим Колесов буолар. Кинилэр университет устудьуоннарыгар эркин эрэл буолаллар.

Хаартысканы Валентина Бурцева тиксэрдэ.

Валентина Бурцева, устудьуон, Дьааҥы:

Ыччат лиидэрэ дьонугар–сэргэтигэр чугас буолуохтаах. Лиидэр диэн хайаан да тойон буолбат. Аҕыйах да киһилээх хампаанньаҕа лиидэр баар буолар. Мин элбэх саха ыччатын хабар «Zema» ыччат түмсүүтүгэр баарбын. Улуус ахсын лиидэр баар.

Хаартысканы Ирина Слепцова тиксэрдэ.

Ирина Слепцова, учуутал, Абый:

Ким баҕарар лиидэр буолуон сөп дии саныыбын. Лиидэр атыттарга холобур уонна сирдьит буолар. Онон быһыытын–майгытын, тылын–өһүн көрүнэ сыллдьыахтаах,   эппит тылыгар эппиэтинэс сүгүөхтээх. Кини чуолкай соруктаах буолуохтаах. Дойдуга туох буола турарын билиэхтээх. Олох хамсатааччыта буоларга кыһаллыахтаах.Сырдык санааны тутуһар патриот быһыытынан бэйэтин холобурунан атыттары көҕүлүөхтээх. Үрдүк сололонон баран даҕаны дьонун кытта бииргэ сылдьар лиидэри сөбүлүүллэр. Билиҥҥи ыччаты үчүгэйдик билбэппин, онон күн бүгүн ким лиидэрин этэр кыаҕым суох.

Хаартысканы Виктор Громов тиксэрдэ.

Виктор Громов,  успуорт салалтата, Хаҥалас:
Күүстээх лиидэр эр киһи буолуо дии саныыбын. Булугас, мындыр өйдөөх, дьону кытта биир тылы булар уонна ыччаты бары үчүгэйгэ көҕүлүүр киһи.

Көрөргүт курдук, көрүү араас. Ааҕарга интэриэһинэй. Эдэр лиидэр, мин өйдөбүлбэр, бэйэтин иннигэр сыаллары туруорар, ол туруоруммут соруктарын хайдах ситиһэрин билэр киһи. Лиидэр биир сиргэ туруо суохтаах дии саныыбын. Кини хаһан баҕарар биир хардыынан инники сылдьар уонна бастыҥ буолуохтаах. Ону таһынан, хайдах дьону кытта үлэлиирин өйдүүрүн туһугар кэпсэтэр дьоҕура үрдүк таһымнаах буолуон наада. Доҕотторугар холобур буолар, кинилэри иһитиннэрэр, туохха эмиэ сабыдыаллыыр буоллаҕына, лиидэр диэххэ сөп.

Тус бэйэм билиҥҥи ыччат лиидэрдэринэн “Я – молодой” бырайыак ааптара, Ил Түмэҥҥэ ыччат парламенын бэрэссэдээтэлэ Антон Васильевы уонна “Түмэн” ыччат түмсүүтүн салайар ХИФУ устудьуона Сибэкки Заровняеваны билинэбин. Биллэн турар, хас биирдии киһи бэйэтин эйгэтигэр чугас киһини ааттыыр. Ол аата, олохпутугар ыччат алтыһар, үүнэр–сайдар хайысхата элбэҕэ көстөр. Ыччаттарбытыгар сыалларын–соруктарын ситиһэллэригэр, чулуу дьон холобурдарынан иитиллэн, олох харгыстарыттан толлубакка, дьоһуннаах лиидэр буолан уһаарыллан тахсалларыгар баҕарабыт!

+1
5
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0