Ыччат кинигэни ааҕарын туһугар

13.11.2023
Бөлөххө киир:
Саха литэрэтиирэтин хаапыдырата суруналыыс Чокуур Гаврильевы кытта көрсүһүүтүн кэмигэр.

Кинигэни кытта бодоруһар киһи өй өттүнэн сайдар, үөрэҕэ да тупсар, дьону – сэргэни да кытта алтыһарыгар баай тыллаах буолар. Кинигэни ааҕар киһи өйө – санаата тобуллар, олоххо көрүүтэ уларыйар, дьоҥҥо үөрэхтэригэр көмө – тирэх буолар.  «Кинигэ – киһи эрэллээх доҕоро, “Кинигэ – үтүө сүбэһит”, “Сүүс сүрэҕэ суохха, биир үөрэхтээҕи биэрбэттэр” диэн саха өс хоһооннорун элбэҕи да этэллэр буолбаат?

Киһи олоҕор, бэйэ лиичинэс быһыытынан сайдарыгар кинигэ улахан оруоллааҕын ким да утарбата буолуо. Ол эрээри, өйдөөбөт, ылыммат дьон эмиэ баар буолуон сөп.

Аныгы кэмҥэ кинигэни умсугуйан туран ааҕар дьон аҕыйах, үксүгэр информацияны хантан баҕарар ылаллар, ол иһин кинигэни ааҕарга тиэтэйбэттэр диэн этии харбыт быластыыҥка курдук туох — баар муннуктан дуораһыйар.

Саха литэрэтиирэтин хаапыдарата – “Тэтим” араадьыйаҕа

Ааспыт ыйга ХИФУ ХИНТуоКИ саха литэрэтиирэтин хаапыдыратын үһүс кууруһун устудьуоннара Тимофей Гаврильев, Сайыына Черкашина, Зоя Юмшанова уонна мин “Тэтим” араадьыйаҕа Ньургуйаана Ботуева “Бииргэ ааҕыахха” биэриитигэр ыалдьыттаабыппыт. Чаас иһигэр суруналыыс, суруйааччы Надежда – Егорова «Дьол хараҕа суох» кинигэтин ырыппыппыт уонна ааҕыы туһунан кэпсэппиппит. Биһиги хаапыдыра олус көхтөөхпүт, элбэх тэрээһиннэри ыытабыт, «Сэргэлээх уоттара» литэрэтииринэй куруһуогу үлэлэтэбит. Ону таһынан, биэриигэ төрөөбүт тылы харыстааһыҥҥа барар үлэни – хамнаһы, күүстээх энтузиастары этэн аһарбыппыт.

Ол курдук, бары санаабытын үллэстэн, аргыый аҕай олорон үтүө кэпсэтии таһаарбыппыт. Бу эйгэҕэ баар буоларбытынан, сахалыы ааҕыыны көҕүлүүр аналбытын билинэрбитин эппиппит. Мин санаабар, инникитин сахалыы суруйар суруналыыс, литература үлэһитэ, учуутал идэтигэр үөрэнэр ыччаттар аахпат буоллахтарына, ол онтон ордук биһиги эйгэбит эмсэҕэлиир. Ол аата, идэлэрин билбэт, таһымнара мөлтөх исписэлиистэр тахсаллар.

Дьиэ кэргэнтэн, оҕо саастан саҕыллар

Сайыына Черкашина биэриигэ эппитин курдук, ааҕыы, кырдьык да, дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. «Оҕо куруутун кинигэни ааҕа сырыттаҕына сайдар. Кинигэттэн киһи  тыла-өһө сайдар, өйө-санаата, билиитэ–көрүүтэ кэңиир. Холобур, оҕо иһитиннэрии, дакылаат, реферат суруйар түгэнигэр, бибилэтиэкэттэн наадалаах кинигэтин  булан туһанара ордук», — диэн бэлиэтээбитэ устудьуон.

Манан сибээстээн оҕо ааҕар култууратын үрдэтии — бу оскуола, учуутал, бибилэтиэкэрэ эрэ кыһалҕата буолбакка, төрөппүт сүрүн  соруга буолуохтааҕын сөпкө өйдөөн болҕомто уурарбыт наада. Хайа баҕарар төрөппүт оҕото үөрэхтээх, култууралаах, бары өттүнэн дэгиттэр сайдыылаах буола үүнэн тахсарыгар баҕарар. Оҕону иитиигэ биир наадалаах көрүнүнэн оҕо кинигэтэ, оҕо литературата буолар.

Билигин киһи туохтааҕар да киэн туттар киэргэлинэн билии-көрүү буолар. Онтон билиини киһи элбэхтик үөрэнэн, ааҕан хасыһан булар. Ордук уус-уран литература оҕо өйүгэр-санаатыгар сабыдыаллыыр, киһи хараахтарын саамай үчүгэй өрүттэрэ сайдарыгар көмөлөһөр, оҕону толкуйдуурга үөрэтэр.

Хаарыйар, буруйдуур – улахан сыыһа

Кинигэни ааҕыы мөлтөөһүнүгэр үксүгэр глобализация содулун буруйдууллар. Дьиэ кэргэнинэн ааҕыы үгэһэ симэлийэн эрэр, дьиэтээҕи бибилэтиэкэ хаҥаабат диэн санаанан салайтараллар. Ол, биллэн турар, төрөөбүт тылынан холкутук ааҕыыга-суруйууга охсор.

Дьон аахпат буолла диир эмиэ сыыһа курдук. Тоҕо диэтэххэ, дьон – сэргэ айымньылары буолбакка, бэйэтин интэриэһин тула литэрэтиирэни ааҕар буолла. Оннук киһи сайдар, бэйэтин таһымын үрдэтэр. Холобур, араас урбаанньыттар, блогердар, экэнэмиистэр уо.д.а. Оттон чуолаан кинигэни… кинигэни ааҕыы дьоҥҥо мөлтөөтө диир оруннаах буолуо. Ол эмиэ ыччат хайдах да гынан утары барбат төрүөттээх.  Ааҕыы эмиэ көрүҥнээх буоллаҕа. Оҕолор, ыччаттар үөрэхтэрин кыһаларыгар ирдэбил быһыытынан интэриниэккэ, араас саайтарга, электроннай бибилэтиэкэҕэ ааҕаллар. Ону төлөпүөн тутуурдаах оҕону көрдүҥ да, тута оонньуу олорор дии саныыр сатаммат. Кинигэни эмиэ олус элбэхтэ ааҕабыт. Ол эрээри, үгүс ыччакка кинигэни ааҕыыны таптатарга, сөбүлэтэргэ арыый да уустук соҕус.

Кинигэни суруйуу

Норуодунай суруйааччы Софрон Данилов этэн турардаах: “Кинигэ — син киһи кэриэтэ. Сорохторун сөбүлүүгүн, таптыыгын, үйэ саас тухары доҕор-атас оҥостоҕун, сорох­торун соччо аахайбаккын, ону ааһан ардыгар абааһы көрө саныырдаах буолаҕын. Сорох кинигэни долбуур түгэҕэр быраҕаҕын, сорох кинигэни сотору-сотору ааҕаҕын. Дьон да оннуктар ээ. Сорох киһини тумна хаамаҕын, сорох киһини кытта көрсүөххүн, сэһэргэһиэххин баҕараҕын”. Кырдьык да, оннук. Уонна биири өйдүөххэ наада: кинигэни дьоннор суруйаллар. Ол дьон сүрэхтэрин сылааһа, өйдөрүн төлөнө кинигэ сирэйдэрин истэригэр сөҥөн сырыттахтара. 

Бу суруйуубар суолталаах, хас биирдиибит баҕардаҕына, өйдүөн сөптөөх эйгэҕэ санаабын, көрүүбүн күөдьүтэн дьүһүннээтим. Уһун үйэлээх саха дьонун олохторун үөрэҕэр «Кыһалҕа кыһайар» диэн этии баар. Бу олус туһалаах олох үөрэҕэ буолар. Элбэх сыллар тухары ааҕыы мөлтөҕүттэн сылтаан, бу кыһалҕа бүтүн омугу кыһайыан сөп эбит. Ол да буоллар, киһи кыайбатын да кыайарыгар тириэрдэр кыахтаах диэн суолдьут сулустуу санааланан, сырдыгы ыраланан, бүгүҥҥү туругу ырытан, анааран, олоҕу хамсатан, сахалыы ааҕыыны үксэтиэххэ, үгэскэ кубулутуохха диэн ыҥырабын!

Хаартыска: ааптар тус архыыбыттан.

+1
5
+1
13
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1