Ыччат айар дьоҕурун сайыннарарга куонкурус биллэрилиннэ

20.12.2019
Бөлөххө киир:

М.К.Аммосов аатынан ХИФУ саха литературатын кафедрата айар үлэ куонкуруһун ыытар.

edersaas.ru

Оскуола оҕолоругар уонна эдэр ыччакка аналлаах кэтэхтэн ыытыллар айар үлэ куонкуруһугар маннык балаһыанньаны олохтоото.

Куонкурус сыала, соруга:

1.1 Талааннаах, айар дьоҕурдаах ыччаты булуу;
1.2 Эдэр ыччат айар дьоҕурун сайыннарыы.

Тэрийээччилэр:

2.1. Саха сирин суруйааччыларын ассоциацията;
2.2 М.К.Аммосов аатынан ХИФУ саха литературатын кафедрата үлэлэри хомуйар уонна куонкуруһу тэрийэн ыытар.

Куонкурус кыттааччылара:

3.1 Куонкуруска 10-11 кылаас оҕолоро, орто анал үөрэх кыһатын үөрэнээччилэрэ кыттыахтарын сөп.

Куонкурус күнүн-дьылын болдьоҕо:

4.1 Куонкурус 2019 с. ахсынньы 16 күнүттэн 2020 с. тохсунньу 31 күнүгэр диэри ыытыллар;
4.2 Куонкурус түмүгүн таһаарыы – 2020 с. олунньу 16 күнэ;
4.3 Куонкурус түмүгэ М.К.Аммосов аатынан ХИФУ саха литературатын кафедратын саайтыгар 2020 с. олунньу 17 күнүгэр тахсар;
4.4 Кыттыы уонна наҕараада докумуоннарын М.К.Аммосов аатынан ХИФУ саха литературатын кафедратын саайтыттан 2020 с. олунньу 17 күнүттэн атырдьах ыйын 25 күнүгэр диэри ылыахха сөп.
Айар үлэни тутуу бүтэһик болдьоҕо – тохсунньу 31 күнэ.

Куонкурус хайысхалара

Айар үлэ икки чаастан турар:
• 1 чааһа (литературнай) – көҥүл тиэмэҕэ хоһооннор, кэпсээннэр, пьесалар;
• 2 чааһа (айар үлэ) – ыйыллыбыт тиэмэҕэ ханнык баҕарар жанрынан суруллубут үлэ (хоһоон, кэпсээн, эссе, дьүһүйүү, өйтөн суруйуу уо.д.а.):
1. Төрөөбүт тылбыт кэскилэ;
2. Биһиги кэммит дьоруойа;
3. Оҕо сааһым бэлиэ түгэнэ.

Куонкуруска киирбит үлэни сыаналыыр критерийдэр:

6.1 Үлэ ис хоһооно, уус-уран таһыма, бэйэ толкуйа;
6.2 Куонкурус тиэмэтигэр сөп түбэһиитэ;
6.3 Уус-уран айымньы таһымыгар төһө эппиэттиирэ (литературнай чааһыгар);
6.4 Матырыйаалы арыйыы сонуна, оригинальнайа, хатыламмат буолуута;
6.5 Айымньылаах сыһыан;
6.6 Куонкурус 3.1 пуунугар төһө эппиэттиирэ.

Докумуон толоруутугар ирдэбиллэр:

7.1 Үлэ sakhaliterkonkurs@mail.ru электроннай аадырыска ыытыллар;
7.2 Туох баар файл үлэ ааптарын араспаанньатынан ааттанар;
7.3 Куонкуруска киирбит үлэҕэ рецензия суруллубат;
7.4 Куонкуруска киирбит матырыйаал ааптар бэйэтин үлэтэ буолуохтаах, устан ылыы көҥүллэммэт.
7.5 Үлэ электроннай көрүҥэ эрэ көрүллэр;
7.6 Үлэ уопсай матырыйаалыгар сайаапка форматын толоруллар (үлэ ааптарын толору аата, үөрэнэр сирэ, үлэтин аата, салайааччы толору аата-суола). Сайаапканы туспа файлынан Microsoft Word бэчээттээн ыытаҕыт.

Куонкурус түмүгүн таһаарыы:

8.1 Куонкурус түмүгүн таһаарыы – 2020 с. олунньу 16 күнэ;
8.2 Кыайыылаахтар I, II, III истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаланаллар, бары кыттааччыларга сэртипикээт бэриллэр, кыайыылаахтар салайааччылара махтал суругу ылаллар;
8.3 Диплом, сэртипикээ уонна махтал сурук электроннай көрүҥүнэн үлэ киирбит электроннай аадырыһыгар ыытыллар.

Биһирэбил

9.1 I, II, III истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаламмыттар уонна куонкурус бары кыттааччылара 2020-2021 сс. үөрэх дьылыгар Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын, култуураларын үөрэтэр институт «Литературное творчество» үөрэҕэр туттарсар түгэннэригэр, эбии баал ылыахтарын сөп. I истиэпэннээх дипломнарынан наҕараадаламмыттар – 3 баал; II уонна III истиэпэннээх дипломнаахтар – 2 баал; биһирэбилгэ тиксибиттэр – 1 баал.

Үлэни sakhaliterkonkurs@mail.ru электроннай аадырыска ыытаргытын күүтэбит.
Билсэр нүөмэргит: 8-4112-496749 (үлэ кэмигэр), сот. 89141019858.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ”, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0