Сунтаартан Дмитрий Андреев үтүө аата алмааска иҥэриллиннэ

08.02.2022
Бөлөххө киир:

Саха ААСР төрүттэммитэ 100 сыллаах үбүлүөйүнэн, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев уонна «АЛРОСА» ААУо салалтата көҕүлээһиннэринэн, «Саха сирин судаарыстыбаннаһын 100 сылыгар 100 аат» бырайыагы 2020 сылтан саҕалаабыттара. Саха сириттэн уоттаах сэриигэ ыҥырыллан барбыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын ылбыт буойуннар уонна Социалистическай Үлэ Дьоруойа буолбут дьон ааттара иҥэриллэллэр. Ол курдук, ааспыт сылга “АЛРОСА” хампаанньа 25 алмааска анал ааттары иҥэрдэ. Олор истэригэр Сунтаартан Дмитрий Гаврильевич Андреев аата киирдэ.

Үлэни өрө тутан
Дмитрий Гаврильевич Андреев 1912 сыллаахха алтынньы 21 күнүгэр Сунтаар улууһун Кутана (Хаҥалас) нэһилиэгэр Быычык диэн алааска дьадаҥы бааһынай ыалга бэһис оҕонон төрөөбүт. Кини аҕата Андреев Гаврил Андреевич, норуокка биллибитинэн Бортунуой Хабырыылла диэн ааттаах иистэнньэҥ киһи эбитэ үһү. Солкоттон, тирииттэн, түүлээх таҥастан саҕалаан туос иһиккэ тиийэ барытын бэркэ тигэр талааннаах киһи эбитэ үһү. Оттон Дмитрий Гаврильевич ийэтэ Мария Алекандровна уон сэттэтэ оҕоломмутуттан ас-үөл кырыымчык, эмп-томп суох кэмигэр оҕолоро өлөн-сүтэн, баара-суоҕа аҕыс оҕото ордон хаалбыт. Дмитрий Гаврильевич оскуолаҕа үөрэммэккэ сылдьан бэйэтэ ааҕар-суруйар буолбута. Үлэтин 1934 сыллаахха Хаҥалас сэбиэтин сэкирэтээринэн саҕалаабыта. 1935 сыллаахха Дьокуускайга биир сыллаах сэбиэскэй-партийнай оскуола5а үөрэммитэ.1936-1942 сс Хадан, Хаҥалас, Түбэй нэһилиэктэрин сэбиэтигэр, сельпоҕа үлэлээбитэ. 1944 сыллаахха Сунтаар улууһун колхозтарыттан биирдэстэрин бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Колхозтары биир «Элгээйи” сопхуоска түмэн бөдөҥсүтүү кэмигэр кини биригэдьииринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха Элгээйи сопхуос Кутанатааҕы салаатын Тумул биригээдэтин биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Дмитрий Гаврильевич биригээдэтэ сыл ахсын былаанын аһары толороро.
ССРС Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун 1966 c кулун тутар 22 күнүнээҕи Ыйааҕынан сүөһү иитиитин сайыннарыыга уонна сүөһү бородууксуйатын үрдэтиигэ уһулуччу үрдүк көрдөрүүлэрин иһин Дмитрий Гаврильевич Андреевка Социалистическай Үлэ Дьоруойун үрдүк аата иҥэриллибитэ. Маны сэргэ киниэхэ Ленин уордьана уонна «Серп и молот» көмүс мэтээл туттарыллыбыта. Үлэлиир сылларыгар Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллан үлэлээбитэ.

Мин дьоруой сиэнэбин.

Дмитрий Гаврильевич Андреев сиэнэ суруналыыс идэлээх Гаврил Андреев эһээтин туһунан ахтыыта:
— Эһээм Дмитрий Гаврильевич Андреев, Социалистическай Үлэ дьоруойа быйыл 2022 сылга 110 сыла. Эбээлээх эһээбэр иитиллибит киһибин. Туох даҕаны кыһалҕаны көрсүбэккэ, көҥүл көччүйэн сылдьыбыт оҕо сааһым сырдык кэмнэрэ эбэлээх эһээбин кытта ыкса ситимнээхтэр. Мин кыра сааспыттан эһээм Сунтаарынан, Дьокуускайынан араас мунньахтарга барарын өйдөөн хаалбыппын. Куораттан, оччолорго кимиэхэ да суох остуолга ууран оонньонор хоккейы аҕалбытын олус истиҥник саныыбын, оскуолаҕа киириэхпэр диэри оонньообутум. Эһээбин кытта ситимнээх биир үтүө кэми субу баардыы өйдүүбүн. Биирдэ Баттахха улаханнык туруорсаммын оттоһо барсыбытым. Оччолорго мин биэстээх-алталаах буолуохпун сөп. Онно кини олус куйаас күн от охсорун сөҕө көрбүппүн умнубаппын. Кутана орто оскуолатыгар үөрэнэ киирэн баран таайым аахха кыстаабытым, дьонум оччолорго Тумулга олороллоро. Эһиилигэр ийэбиниин Сунтаарга киирэн эдьиийим аахха олорон үөрэммитим.
Сыл аайы Тумулга тахсан сиэн оҕолор бары эбэлээх эһээбитигэр сайылыырбыт. Онно биһиги, оҕолор, өргө диэри утуйарбытын ардыгар дьээбэлиир-сэмэлиир икки ардынан: «Үлэһит киһи эрдэ турдаҕына дьыалатын ситэр», — диирэ. Эһээбит кэлин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон кэтэх хаһаайыстыбатыгар күүскэ ылсыбыта. Оҕуруот да олордоро, сүөһү-ас да иитэрэ. Иллэҥ олорорун олох сөбүлээбэт этэ. Биир сайын, мин бэһис дуу, алтыс дуу кылааһы бүтэрэн баран ый кэриҥэ үлэ, сынньалаҥ лааҕырыгар сылдьыбытым. Биир сезон үлэлээн, бастакы хамнаспын аахсыбытым. Дьэ, бастакы хамнас ылбыт киһи эһээбэр тиийбиппэр, эһээм барахсан:
«Бу эн бэйэҥ сырлаах үлэҕинэн, көлөһүҥҥүн тоҕон ылбыт харчыҥ. Онон бастакы хамнаскын бэйэҥ сөптөөхтүк тутун», — диэбитэ. Кини сааһын тухары үлэни өрө тутан олорбута. Билигин саныыбын ээ, эһэм барахсан арай дэҥнэммэтэх буоллун, оччотугар кини өссө да уһуннук олорон биһиэхэ, сиэннэригэр сүбэ-соргу буолан араҥаччылыы сылдьыа эбит…

Эһэм сырдык аата Саха АССР 100 сылын көрсө алмааска иҥэриллибитинэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаевка уонна «АЛРОСА” ААУо хампаанньаҕа биһиги Андреевтар аймах аатыттан махталбын тиэрдэбин. Бу үүнэр көлүөнэҕэ үлэһит дьон үтүө ааттарын үйэтитэр холобур буолуо дии саныыбын.

Ульяна Захарова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0