Муус устар 1 күнүттэн, ФСБ ЯТЭК хампаанньаны бэрэбиэркэлээн эрэр. Бэрэбиэркэ Магомедовтар салайар «Сумма» хампаанньаларын бөлөҕө улахан харчыны уорууга уорбаламмыт дьыалатын чэрчитинэн ыытыллар. ЯТЭК докумуоннарын компьютердартан хостууллар.
Бу күннэргэ, бырааттыы Зиявудин уонна Магомед Магомедовтар 2,5 млрд.солк уорууга уорбаланан тутулуннулар. Баһыыралларынан, араас тутууларга анаан судаарыстыба бүддьүөтүттэн көрүллүбүт харчыны уоруу тахсыбыт. Холуобунай кодекс үс ыстатыйатынан дьыала тэрилиннэ. Магомед уонна Зиявудин Магомедовтары тэрээһиннээх бөлөҕү тэрийиигэ (Организованная преступная группировка), харчыны уорууга уорбаланаллар. «Суммаҕа киирсэр» «Интэкс» хампаанньа салайааччыта Артур Максидов дуоһунаһынан туһанан, Магомедовтары кытта эмиэ харчыны сиэһиҥҥэ уорбаланан тутуллубут.
ЯТЭК «Сумма» хампаанньалар бөлөххө киирсэр.
Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru