2019 сылга «ЯТЭК» хампаанньа 4 млрд солкуобай нолуогу төлөөтө
СӨ бырабыыталыстыбата уонна «ЯТЭК» хампаанньа Бүлүү улууһун Кыһыл Сыыр бөһүөлэгин 2020-2025 сылларга социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын былаанын бигэргэттилэр.
Бу бөһүөлэккэ хампаанньа сүрүн оҥорон таһаарар баазата баар. 2019 сылга «ЯТЭК» бүддьүөт бары таһымыгар 4 млрд солкуобай суумалаах нолуогу төлөөбүтэ. Ону таһынан, СӨ бырабыыталыстыбатын кытта Кыһыл Сыыр бөһүөлэк инфраструктуратын сайыннарарга хампаанньа эбии үп-харчы угуо, олохтоох нэһилиэнньэҕэ үлэ миэстэтин таһаарыа уонна үлэһиттэргэ үлэ усулуобуйатын тупсарыа.
Ол курдук, спортивнай саала тутуутугар, кытаанах бөҕү хомуйар полигону оҥорууга, суолу-ииһи хапытаалынай өрөмүөннүүргэ, гааһы түҥэтэр ыстаансыйаны саҥардарга о.д.а. эбийиэктэргэ хампаанньа эрэгийиэннээҕи бырабыыталыстыбаны кытта кыттыгас үлэлэһиэхтээх. Дьон дьарыктаах буолуутугар көмөлөһөр бырагыраама иһинэн бөһүөлэги сайыннарарга тус сыаллаах грант олохтонуоҕа. Ол туһунан «ЯТЭК» пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Марианна Тыртыкова бэлэмнээтэ.
Хаартыска — ЯТЭК пресс-сулууспатыттан.