Ыарыыта суох таптал, таптал буолбатах… Аттыгар аналыҥ…(КЭПСЭЭН)
15.01.2021
Устудьуоннуур кэрэ кэмҥэ киhи истиҥ дьүөгэтин, атаһын көрсөр үтүө кэмэ. Людалаах Настя бу кэрэ кэмҥэ көрсөн чугасыһан арахсыспат дьүөгэлии буолбуттара…
edersaas.ru, Мария Кобельянова-Тускулаана
Настя оскуолаттан быhа сүрэҕин аймаабыт ыраахтан көрөн таптыыр уола Гоша чугастыы үөрэнэрин билэ охсон дьүөгэтин Люданы кытары пааралар икки ардыларыгар уhун сынньалаҥҥа, онно баран кинини кэтээн көрүүгэ биэриэмэлэрэ барара, ол курдук үс сыл салҕаммыта. Бу үс сыл тухары чугас дьүөгэтэ Люда Гоша туhунан барытын билбитэ. Биир үтүө күн Настя кыргыттардыын күүлэйдии сылдьан Гошаны көрсөн хорсун ылан билсибитэ, сарсыныгар кэлэн дьүөгэтигэр ыhа-тоҕо кэпсээн дьоллооҕунан ааҕыммыта. Бу көрсүhүү кэнниттэн өссө иккитэ көрсөн баран, уол армияҕа сулууспалыы барбыта. Настя хайдах буолуон билбэккэ мин киниэхэ сурук суруйдахпына табыллар диэн иккиэн уустаан-ураннаан сурук суруйбуттара уонна эппиэтэ уопсайга кэллэҕинэ сүтэн хаалыа диэн Люда дьонун дьиэтин аадырыhын ыйбыттара.
Кэм кэрдии аастаҕын аайытын Настя дьүөгэтиттэн: «Хайа сурук кэллэ да», — диэн туоhулаhара, биирэ: «суох», — диэн хардардаҕына санаата төhө да түстэр олох салҕанан иhэрэ. Бу сылдьан саас, кыhыны атаары бырааhынньыгар Эдик диэн бэрт сэргэх уоллуун билсэн, түргэн баҕайытык сылдьыhан, ол күhүнүгэр ыал буолбуттара, кэлэр сылга уол оҕоломмуттара.
Люда дьүөгэтэ ыал буолан дьиэ кэргэн тэриммитигэр дьолун бииргэ үллэстэн куруутун кэлэ-бара сүбэ-ама бэрсиhэн, арааhы кэпсээн ааhара. Сыл-хонук аастаҕын аайытын Люда: «Оттон мин аналым ханна-хайдах сылдьара буолуой?», — диэн санаалар-оноолор киирэн тахсаллара үксээн барбыта. Ол сырыттаҕына табаарыстара: «Биир уолу кытта билсиhиннэриэхпитин баҕарабыт, билсэҕин дуо?», — диэн ыйыппыттарыгар: «Билсиэххэ сөп», — диэн хардаран ол киэhэ кинини кытта билсибитэ. Люда кинини көрдө көрөөт таптаабыта «бу сылдьар…» диэн сүрэҕэ өрө тэбэн таайбыта саарбаҕа суоҕа. Бу күнтэн икки таптаhар сүрэх бииргэ буолбуттара, «дьэ, аналбын буллум» диэн санаанан салайтаран таптал кынаттанан дьүөгэтигэр тиийэн кэпсээбитэ, хаартыскатын суумкатыттан ороон таһааран көрдөрбүтэ, били Настя хас да сыл устата таптыы сылдьыбыт Егора буолан биэрбитэ. Люда ону билэн «ол эрэн тоҕо таайбатахпыный, хата үс сыл тухары эйигин кытта кинини манаспыт эбиппин батта, дьүhүнүн өйдөөбөтүм тоҕо бэрдэй» диэн сүөм түһэн олордоҕуна, дьүөгэтэ кууhан ылан «мин кыыhырбаппын, мин аналбын булан олордоҕум эбээт, дьиэ кэргэммин олуhун таптыыбын, ол аата эн дьылҕаҥ буолаары эйигин онно-манна соспут эбиппин, үчүгэй уол билис», — диэн тыллар алгыс анаабыт курдук күндүлэрэ. Сарсыныгар Егордыын көрсөн «Эн Настя диэн кыыhы билэҕин дуо? Киниттэн сурук туппутуҥ дуо? Тоҕо эппиэттээбэтэххиний?», — диэн ыйытыктаах тиийбитигэр: «Билэбин, туппутум, суруйбутум, ол эрэн аадырыстаммыт дьиэ сноскаҕа барбыт диэн суругум төттөрү кэлэрэ», — диэбитигэр, уруккуну эргитэн-сэгэтэн көрбүттэрэ кырдьык да кыргыттар барахсаттар биир сыыппаранан атыны суруйан аттынааҕы сноскаҕа барбыт дьиэ аадырыhын суруйан ыыппыттар эбит. Люда ону истэн: «буолар да эбит, хас да сыл дьүөгэбинээн эккирэтэ сылдьан кэтээн көрбүтүм, эн тускунан барыны бары билэбитим, дьүөгэм эйигин куруутун ырал оҥосторун ойуулаан көрөрүм иннибэр миигинниин олороруң дьикти, оннооҕор ол тиийбит сурук сорох ис хоhооно миэнэ этэ», — диэн атын аадырыhы ыйбыппыт мин дьылҕам эбит диэбитэ.
Хас да сыл устата аттыларыгар аналлара сылдьыбыттарын билбэккэ сылдьыбыт Людалаах Егор билигин, мин истэрбинэн «мин эйигин таптыыбын, сыллыыбын» диэн хардарсан телефонунан кэпсэтэллэрэ олус истиҥ…
Онон Дьылҕа Хаан олоххор тугу бэлэмнээн сытара биллибэт, баҕар аттыгар аналыҥ сылдьарыҥ билбэт буолаайаҕын?!
edersaas.ru, Мария Кобельянова-Тускулаана
Хаартыска https://bugaga.ru
+1
1
+1
+1
+1
+1
+1
+1