“Киһи доруобуйатыгар улахан дьайыыны киһи бэйэтэ оҥорор. Арассыыйаҕа доруобуйа туругун эрдэттэн харыстыыр уонна чөл хаалларар дьаһалларга олох кыра үп көрүллэр.
edersaas.ru
Чуолаан, тиһигин быспакка ыытыллар скрининнэргэ, ыарыыны эрдэттэн быһаарыы дьаһалларыгар, быһыылары биэриигэ уонна диспансеризацияҕа доруобуйа харыстабылыгар тыырыллар уопсай үптэн 12 бырыһыан эрэ бэриллэр. Онтон атына — 88 бырыһыана номнуо үөскээбит ыарыылары эмтээһин ылар”, — диэн РФ доруобуйа харыстабылыгар уонна социальнай сайдыыга миниистирэ Вероника Скворцова Х Гайдаровскай форумҥа – экэниэмикэ салаатыгар научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ иһитиннэрдэ.
Онтон номнуо үөскээбит ыарыыларга эмиэ баһыйар ахсааны (88%) сүрэх-тымыр ыарыылара ылаллар. Арассыыйа сүрэх-тымыр ыарыыларын эмтииргэ, Европа сойууһун ханнык баҕарар дойдутун кытары тэҥнээтэххэ, элбэх хоромньуну көрсөр. 2017 сыллааҕы чахчыларынан, «инфаркт миокарда» ыарыыны эмтээһин (стентированиены учуоттаан) дойду бүддьүөтүттэн 290 тыһыынча үбү эрэйбит. Манна “суһал көмөнү” ыҥырыы, куойка миэстэни ылан балыыһаҕа эмтэнии, эмтэнии кэнниттэн чөлүгэр түһэрии миэрэлэрэ уо.д.а. киирсэллэр. Оттон нэһилиэнньэ үлэлиир дьоҕурун сүтэрэриттэн, эдэр сааһыгар өлөрүттэн дойду экэниэмиэкэтэ миллиардынан суумалаах үбү сүтэрэр эбит.
Оччотугар, ыарыыны эрдэттэн сэрэтии эмтиирдээҕэр аҕыйах ороскуоттааҕын билэ-билэ, судаарыстыба ыарыыны сэрэтиигэ тоҕо 12 эрэ бырыһыаны (сорох чахчыларга өссө 3 эрэ бырыһыан диэн этиллэр) биэрэрий? Чахчыта да, “мин доруобуйам туругуттан уонна орто дойдуга төһө өр чэгиэн-чэбдик сылдьарбыттан оҕолорум, сиэннэрим, өссө кэлиэхтээх ыччаттарым доруобуйалара, олохторо быһаччы тутулуктаах”, — диэн “кынаттаах тыллары” умнубатахпытына эрэ, чөл туруктаах, уһун үйэлээх буоларбыт саарбахтаммат.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru