Ыарыыны эрдэттэн сэрэтии – сүрүн хайысха

Бөлөххө киир:

Доруобуйа харыстабылын салаатыгар элбэх боппуруос, ол иһигэр аныгы стандартарга эппиэттээбэт буолуу, билигин да чопчу быһаарыыны эрэйэр.

edersaas.ru

“... Маныаха биһиги олус күүскэ хаалбыппытын билиниэхтээхпит, Саха сирин олохтоохторо сөптөөх хаачыстыбалаах медицинскэй көмөнү ылбаттар”, — диэн СӨ Ил Дархана Айсен Николаев СӨ Судаарыстыбаннай мунньаҕар этиитигэр бэлиэтээбитэ.
“Поликлиникаларга уһун уочараттар, быраастар тиийбэттэрэ дьону астыннарбат. Промышленнай оройуоннарга, улахан куораттарга нэһилиэнньэ астыммат буолуута чуолаан хаачыстыбата суох медицинскэй көмөнү кытта сибээстээх. Онон, саҥалыы медицинскэй сэбилэнии оройуоннааҕы уонна учаастактааҕы балыыһаларга эрэ буолбакка, улахан медицинскэй кииннэргэ ирдэниллэр. Балаһыанньаны төрдүттэн уларытыахтаахпыт!” – диэн бэлиэтээтэ.
Арассыыйа бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Дмитрий Медведев уонна Уһук Илиҥҥи уокурукка РФ президенин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев көмөлөрүнэн булгуччулаах медицинскэй страховкаҕа субвенцияны тыырыы ньымаларын уларытыы ситиһилиннэ. Ол түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйатын харыстабыла кэлэр сылга, 2018 сылы кытта тэҥнээтэххэ, 6,7 миллиардынан элбэх сууманы ылыаҕа. Бу эбии үп, бастатан туран, эмчиттэр хамнастарын төлөбүрүгэр, эми-тому, ороскуоттуур матырыйааллары, балыыһаҕа ыарыһахтар аһылыктарыгар туһаныллыаҕа. 7 миллиард курдук харчы медицинскэй тэриллэри атыылаһыыга, санитарнай авиация базатын ситимин кэҥэтиигэ, сыыппаралаах технологиялар көмөлөрүнэн оҥоһуллар медицинскэй көмө хаачыстыбатын уонна табыгастаах буолалларын хааччыйарга бэриллиэҕэ.
Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, дьоһун суолталаах хайысханан ыарыыны эрдэттэн сэрэтии буолуохтаах. Онуоха искэни эмтиир уонна кардиология кииннэрэ тутуллан үлэҕэ киириэхтээхтэр.

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0