«Саха сирэ” хаһыат бу сыллааҕы 16-с №-гэр “Аһыйыы – ыарыы төрдө” диэн суруйуу тахсыбыта. Бу тиэмэни салҕаан, ураты ньымаларынан дьону эмтиир бырааһы кытары кэпсэттибит.
Ангелина Слепцова акушер-гинеколог идэлээх, Натуропат-быраастар аан дойдутааҕы түмсүүлэрин, Арассыыйатааҕы традиционнай уонна норуот мэдиссиинэтин исписэлиистэрин ассоциациятын чилиэнэ. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ норуот мэдиссиинэтин ньыматынан эмтииригэр СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтиттэн көҥүллээх соҕотох натуропат-быраас. Сүрүннээн эмтээх оттору, ынах тылын (пиявканы) уонна тигээйини (апигирудотерапия), бааҥкалары туһанан эмтиир.
— Биһиги бииргэ төрөөбүттэр онуобут. Оҕо эрдэхпитинэ ийэм эмтээх оту хомуйан, ыарыйдахпытына, иһэрдэр этэ. Онон кыра эрдэхпиттэн интэриэстээхпин, эмтээх от туһатын билэбин. Идэбинэн үлэлии сырыттахпына, ийэм ыалдьан, хараҕын эпэрээссийэлэтэ кэлбитэ. Ыарахан аллергическай ыарыылаах, хаана хойуу буолан, олус эрэйдэммитэ. Элбэх неврологтарга, терапевтарга көрдөрө, араас сыаналаах эмтэринэн эмтэтэ сатаан баран, ынах тыла туһалааҕа буолуо диэн санаа киирбитэ.
Ийэм барахсан сонно чэпчээн, төбөтүн ыарыыта ааһан хаалбытыгар, хараҕым арыллыбыт курдук буолбута. Тыһыынчанан сылларга мунньуллубут норуот мэдиссиинэтин ньымалара чахчы туһалыылларын итэҕэйбитим.
2011 сыллаахха Москваҕа баран, сүтэрбиппин булбут курдук наһаа астынан, ылынан, Ольга Шишоваҕа үөрэммитим. Эһиилигэр микроскопия кууруһугар квалификациябын үрдэтиммитим. Быраас буоларым быһыытынан, аныгы мэдиссиинэни утарбакка, дьүөрэлээн эмтиибин. Бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, дириҥэтэн, кэҥэтэн биэрэллэр. Холобур, олоҕурбут ыарыылаах дьон кэллэхтэринэ, анаммыт эмтэрин иһэ сылдьаллар, — диэн Ангелина Петровна кэпсиир.
Хаан иһинээҕи олох
Бу доруобуйаны чэбдигирдии кэбиниэтигэр видеокамералаах микроскоп баар эбит. 2000 төгүл улаатыннаран көрдөрөр микроскопка быраас аан бастаан тарбахтан хааны ылан, микроскобунан көрөр. Тэриллэрэ биирдэ эрэ туттуллаллар, стерильнэйдэр. Онтон хааппыла хааны микроскобунан көрөн, туох ыарыы баарын булан ылар. Микроскоп мониторга холбоммут буолан, барытын көрөн олороҕун.
Арай, доҕоор, экраҥҥа хааппыла хаан иһинээҕи дьикти олох дьэрэлийэ түспэтэ дуо?! Манна хаан килиэккэлэрэ – лэппиэскэ курдук быһыылаах, кыһыл эритроциттар уста сылдьаллар, биирдэ эмэ лейкоциттар эриллэҥнээн ааһаллар, олор быыстарынан кыра төгүрүктэр усталлар. Маны көрөн олорон, быраас эритроциттар сыстыспыттара туох содуллааҕын, лейкоциттар төһө көхтөөхтөрүн, кинилэр быыстарынан ити туох эттиктэр сылдьалларын саас-сааһынан кэпсии олорор. Манна организм төһө паразиттааҕа, грибоктааҕа эмиэ көстөр эбит.
Ол көрөн олордохпутуна, лейкоцит килиэккэтэ биир хара төгүрүгү сырсан тиийэн, иилии эргийэн баран, ортотугар уктан кэбистэ. “Бу сэдэх көстүү, төрүттэргиттэн бэриллибит уратыҥ эбит. Лейкоциттар ити курдук олус көхтөөхтөрүн сэдэхтик көрөбүн”, — диэн Ангелина Петровна бэлиэтээтэ. Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ, хаан килиэккэлэрэ организм таһыгар тахсан да баран, бэйэлэрин үлэлэрин оҥоро, кыһалла сылдьаллар эбит!
Биллэрин курдук, лейкоциттар – иммунитет вирустартан, бактыарыйалартан көмүскүүр “саллааттара”. Тастан киирбит вируска саба түһэн, иилии эргийэн, истэригэр киллэрэн баран, суох оҥороллор. Ол аата иммунитет утарылаһар күүһүн көрдөрөр. Тыһыынча эритроцикка биир эмэ лейкоцит баар буолар, кинилэр уҥуох силиитигэр оҥоһуллан тахсаллар. Бу килиэккэлэр доруобуйаҕа улахан суолталаахтар. Баҕар, ол да иһин, биир дьиэҕэ хантаактаах эрээри, “ковидынан” ыалдьыбатаҕым буолаарай?
Бэйэҥ килиэккэлэргин иһиттэн көрөн, бу курдук туох уратылааххын, туох ыарыылааххын билэриҥ олус интэриэһинэй эбит. Хайдах эрэ, доруобуйаҥ туһугар эппиэтинэһиҥ үрдүүр, килиэккэлэргэр, уорганнаргар көмөлөһүөххүн баҕаран кэлэҕин.
Оттон аныгы киһи олоҕун укулаата доруобуйатыгар охсор – хамсаммакка, олорон эрэ тахсартан, сыыһа аһыыртан, арыгыны иһэртэн, табаҕы тардартан ууну хаммат буолууттан, истириэскэ ылларыыттан уорганнар, килиэккэлэр эмсэҕэлииллэр, ыалдьаллар. Ол эбэтэр, киһи бэйэтэ ыарыыны булан ылар эбээт!.
Аһыйыы уонна паразитоз – ыарыы төрүөттэрэ
Ыарыыны биирдии уорганынан ылан, сылы-сылынан эмтээбэккэ, туохтан төрүөттээҕин быһааран баран, ол төрүөтүн суох гыннахха, ыраастаатахха, организм чөлүгэр түһэр. Оттон ыарыы үксүгэр туохтан саҕаланарый?
Этиллибитин курдук, олох укулаатыттан, өр сылларга мунньуллан, эт-сиин киртийиититтэн, аһыйыытыттан улахан тутулуктаах. Организм мөлтөх солохтоох (слабощелочный) эйгэҕэ доруобай буолар. Тоҕо диэтэр, хаан рН көрдөрүүтэ 7-ҕэ тэҥнэһэр. Онтон өр кэмнээх аһыйыы (закисление) бардар эрэ, искэҥҥэ тиийэ, ыарыы үөскээбитинэн барар. Ол туһунан “Аһыйыы – ыарыы төрдө” ыстатыйаҕа сиһилии суруллубута. Эти-сиини аһыппат туһугар миэрэлэри ылыныы, олох укулаатын уларытыы – дьиҥэ, кыаллар дьыала, элбэҕи ааҕыахха, үөрэтиэххэ уонна тутуһуохха эрэ наада.
Ыарыы иккис төрүөтүнэн араас бактыарыйалар, паразиттар, вирустар уонна доруоһалаах грибоктар дьайыылара буолаллар. Аныгы уопсастыбаҕа бу кыһалҕа сытыытык турар. Төһө да киһиэхэ олохсуйар чиэрбэлэри суох гыныыга улахан үлэ ыытылыннар, киһи хараҕар көстүбэт микроорганизмнар, грибоктар олус элбэхтэр. Дьиэ кыылларыттан, фруктаны, оҕуруот аһын ситэ сууйбакка сииртэн, кирдээх илииттэн киһи сыстар, сүһүрэр. Оннооҕор кырачаан оҕолорго лямблия курдук киһи хараҕар көстүбэт үөннэр баар буолаллар.
Доруобуйа харыстабылын аан дойдутааҕы тэрилтэтэ (ВОЗ) оҥорбут испииһэгэр 17 паразитарнай ыарыы киирэр, балар миллиардынан дьону сүһүрдэллэр уонна сыллата мөлүйүөн аҥаара киһи өлөр. Аан дойду нэһилиэнньэтин аҥаарын кэриҥэ токсоплазмоз ыарыылаах: АХШ-ка – 23%, Арассыыйаҕа – 20%, сорох дойдуларга 95%-ҥа тиийэр.
Паразиттар, грибоктар таһаарар тобохторо – фенол, формальдегид уонна аммоний курдук күүстээх дьааттар. Өр сылларга киһиэхэ мунньуллан, аһыйыы баран, иммунитет мөлтөөһүнүн уонна араас ыарыылар төрүөттэринэн буолаллар.
Үөс убаҕаһа маннык микроорганизмнары өлөртүүр, оттон үөс үчүгэйдик үлэлээбэт уонна хаан аһыйан, рН көрдөрүүтэ намтаабыт буоллаҕына, бу үөннэр ууһаан-тэнийэн бараллар, хаанынан тарҕанан, бары уорганнарга тиийэллэр. Оҕо эрдэхтэн антибиотигынан эмтэннэххэ, мээнэ иһэр буоллахха, оһоҕоско баар туһалаах бактыарыйалар аҕыйаан, патогеннай бактыарыйаларга хоттороллор, бу мантан дисбактериоз, кандидоз саҕаланан, уорганнарга тарҕанан, ыарыыны көбүтэллэр. Ону тэҥэ, сүөһүнү, бройлер-чоппууссканы түргэнник уотар туһуттан антибиотигынан, гормонунан укуоллууллара киһи оһоҕоһугар эмиэ дьайар.
Ыраас хаан – чөл буолуу төрдө
— Билигин хааннарын баттааһына үрдүк-намыһах, анемиялаах, варикозтаах, аллергиялаах, дисбактериозтаах, хондуруостаах, диабеттаах, миомалаах, кисталаах, тирии баастаах, сүһүөхтэрэ ыалдьар, кыайан оҕоломмот, о.д.а. ыарыылаах дьон наһаа элбэхтэр. Бу ыарыылар паразиттар, грибоктар элбээһиннэриттэн, кинилэр таһаарар токсиннарыттан үөскүүллэрин үгүстэр билбэттэр. Бу ыарыылар үксүгэр бииргэ сылдьаллар, эмтэммэтэххэ, бииртэн биир сиэтиллэн кэлэн иһэллэр.
Намыһах дабылыанньалаах, анемиялаах, варикозтаах, ууһуур уорганнарыгар кыһалҕалаах, искэн ыарыылаах дьон хааннарын көрдөххө, наһаа элбэх гельминнэр сымыыттара, кандида грибоктара баар буолааччылар.
Киһи хаана наһаа аһыйдаҕына, киртийдэҕинэ, үөн олохсуйар эйгэтэ үөскүүр. Хаан мөлтөх солохтоох буоллаҕына, үөннэр олохсуйбаттар. Онон ыраас хаан – чөл буолуу төрдө. Ынах тылын силэ хааны ыраастыыр, убатар дьайыылаах. Ону тэҥэ, былыргылыы, норуот ньыматынан оҥоһуллубут, туох да хиимийэ булкааһа суох фитокомплекстарынан, отторунан эмтиибин. Бу киһиэхэ сымнаҕастык дьайар эрээри, көдьүүстээх ньымалар. Ыраастаныыттан саҕалаан, ыарыы төрүөтүн булан, организмы чөлүгэр түһэриэххэ сөп.
Бу сылларга эмтиир ньымам туһалааҕыттан, үчүгэй түмүктээҕиттэн олус үөрэн, астынан үлэлиибин. Дьаныһан ылсыстахха, онкология 1,2,3 стадиялара, аллергия, диатез, псориаз, сүһүөх, Рейтер, Бехтерев ыарыылара, ревматоиднай полиартрит, инсульт кэнниннэҕи турук, үрдүк хаан баттааһына, оҕоломмот буолуу, анемия, бопторон ыалдьыы, о.д.а. олоҕурбут, ыарахан ыарыылартан эмтэнэн үтүөрбүт дьон бааллар. Махтанан суруйбуттарын анал тэтэрээттэн ааҕыахха сөп, — диэн Ангелина Слепцова этэр. “Инстаграмҥа” сирэйигэр @slepsova_angelina эбии элбэх туһалааҕы булан ааҕыахха сөп.
Түмүккэ
Дьэ, чахчы, бу олоххор бэриллибит күндү баайыҥ – доруобуйаҥ туһугар бэйэҥ кыһаллыбатаххына, ким кыһаллыай? Онуоха хиимийэлээх эмтэри иһэринэн муҥурдаммакка, ыарыы туохтан үөскүүрүн, сымнаҕастык эмтиир ньымалар баалларын билэр-көрөр олус наадалаах эбит.
Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: tbn.tv.com