Үгэс курдук, күһүн дьаҥ-дьаһах, тумуу кэмэ саҕаланар. Аныгы киһи күүстээх эмп бөҕөтүн иһэн үтүөрэр, ол түмүгэр организм атын өттүттэн охсууну ылыан, мөлтүөн сөп. Ол иһин ыарахан ыарыы кэннэ организмы чөлүгэр түһэрэргэ, бастатан туран, аһы-үөлү үчүгэйдик көрүнүөххэ наада.
edersaas.ru
Дьэ, ханнык ас-үөл киһиэхэ күүс-уох эбэрий, үтүөрэригэр көмөлөһөрүй?
Ыалдьар кэмҥэ организмҥа элбэх куһаҕан химическэй дьайыылар бараллар. Килиэккэлэр кислороду ситэ ылбаттар, ону тэҥэ, көҥүл радикаллар дьайыыларыттан урусхалланаллар. Ыарыы кэнниттэн элбэх токсин үөскүүр, антибиотиктартан оһоҕос, ис-үөс эмсэҕэлиир.
Иҥэмтиэлээх, элбэх битэмииннээх, антиоксиданнаах ас хас биирдии килиэккэ чөлүгэр түһэригэр көмөлөһөр, үтүөрүүнү түргэтэтэр.
Эт, силии — “суһал көмө”
Кыра сылдьан, ыарыйдахпытына, ийэлээх аҕабыт бэйэ кууруссатын миинин иһэрдэллэрэ. Оо, ол минньигэс да буолара! Сорох-сороҕор, куурусса миинин иһээри, соруйан ыалдьа сатаан, хаары сиир да түгэннээх этибит.
Ити мээнэҕэ буолбатах эбит. Куурусса, ынах этигэр баар белок, протеин организм чөлүгэр түһэригэр олус туһалаахтар. Өр буһардахха, белок аминокислоталарга арахсар, онон чэпчэкитик иҥэр.
Белок туох баар килиэккэлэргэ, ол иһигэр иммуннай систиэмэҕэ, гормоннарга, ферменнэргэ сүрүн тутуу матырыйаалынан буолар. Бу бэссэстибэлэр ыарыы кэннэ уорганнар, эттиктэр чөлгө түһэллэригэр олус наадалаахтар. Ону тэҥэ, белок – кислородунан, иҥэмтиэлээх бэссэстибэлэринэн хааччыйар гемоглобин сүрүн эттигэ.
Ордук уҥуохтаах, силиилээх, 2-3 чаас устата буспут эт миинэ туһалаах. Маннык бульон быары, куртаҕы, оһоҕоһу ноҕуруускалаабат, иммуннай систиэмэ күүһүрэригэр туһалаах. Иҥэмтиэлээх бэссэстибэлэри ылбыт организм вируһу, инфекцияны кытары охсуһарыгар “антитела” диэннэр түргэнник үөскүүллэр. Ол эрээри, кыраадыстыыр, мөлтүүр кэмигэр киһи аһыан баҕарбат буоллаҕына, күүһүнэн аһата сатыыр наадата суох. Кыраадыстыыр – ол аата организм инфекцияны кытары охсуһар, бу кэмҥэ күүһүн-уоҕун аһы буһарарга буолбакка, атыҥҥа ыытар. Онон маннык кэмҥэ чэпчэкитик аһыахха, элбэх ууну иһиэххэ наада.
Уҥуох силиитэ иммунитеты бөҕөргөтөр, тоҕо диэтэр, элбэх аминокислоталаах. Силиини 12-24 чаас буһаран, халадьыас (дырыһааҥкы) оҥордоххо, элбэх коллагеннаах буолан, тирии тупсарыгар, уҥуохха-сүһүөххэ, о.д.а. туһалаах.
Силиилээх миин желатиннаах буолан, оһоҕос ис тириитэ, салыҥнаах бүрүөтүн баастара оһоллоругар көмөлөһөр. Ону тэҥэ, силиилээх эккэ элбэх калий, сера, кремний, магний, фосфор, кальций курдук туһалаах эттиктэр бааллар.
Киһини эдэригэр түһэрэр, атын килиэккэлэргэ кубулуйар кыахтаах “стволовай” килиэккэлэр силиигэ бааллар. Онон учуонай быраастар ыарыы кэннэ чөлгө түһэрэргэ, күүс эбинэргэ эмиэ туһаналлар. Биһиги өбүгэлэрбит ону билэллэрэ, силиилээх чоҥку мааны ас этэ. Дэлэҕэ, силиилээх мүһэни күрэс кыайыылааҕҕар бириис гынан биэриэхтэрэ дуо? Ол аата мүһэни туттарыы “күүскэр күүс эбилиннин” диэн ис суолталаах эбит. Ону тэҥэ, сахалар таба кытаата илик муоһун (панты), кыыл уорганнарын, о.д.а. туһаналлара.
Балык миинэ тыҥаҕа туһалаах
Вируснай ыарыылар тыҥаҕа киирэн, альвеола салыҥ курдук убаҕаһын (сурфактант) хаачыстыбатын мөлтөтөллөр. Бу убаҕас кислород тыҥаттан хааҥҥа киирэригэр көмөлөһөр.
Сурфактант фосфолипидтартан (полиненасыщенные жирные кислоты) турар. Бу маннык кислоталар эмис, сыалаах балыкка, искэххэ бааллар. Онон ыалдьан баран үтүөрэр кэмҥэ балык барбыт миинин иһэр, этин сиир туһалаах. Манна муора, өрүс балыктарын сэргэ, собо, мунду мииннэрэ эмиэ туһалаахтара биллэр.
Собо белога организмҥа түргэнник иҥэр, элбэх аминокислоталаах, онон олус туһалаах. Оттон мунду миинэ эмиэ киһиэхэ күүс-уох эбэр, чөлгө түһэрэр.
Оһоҕоско көмөлөһүү
Күүс-уох эбинэ түһэн баран, аны оһоҕос “олохтоохторун” чөлгө түһэриэххэ наада. Иммунитет микрофлораттан тутулуктааҕын билэбит. Антибиотиктары, атын да күүстээх эмтэри испит буоллахха, оһоҕос улаханнык эмсэҕэлиир. Ол иһин пребиотиктаах, пробиотиктаах, клетчаткалаах үүнээйи бородуукталарын, аһыйбыт үрүҥ аһы сиир үчүгэй.
Бу кэмҥэ саахардаах, доруоһалаах, минньигэс, эбэтэр олус аһыы астартан туттунар ордук. Хааһыны, миини, үрүҥ аһы, оҕуруот аһын аһыахтааххын.
Битэмииннэр
Салгыы битэмииннэри сиэн, организмҥа көмөлөһүөххэ наада. С битэмиин вирустары, бактериялары кытары охсуһарга, интерфероннары оҥорон таһаарарга иммунитекка көмөлөһөр. Ону тэҥэ, А битэмиин (быар, ынах арыыта, моркуоп, сымыыт уоһаҕа), Д (сыыр, иэдьэгэй, балык быара, ынах арыыта, селедка, скумбрия, тунец), Е (сымыыт, үүт, араас үүнээйи арыылара), В1 (эт, саҥа үүнэн бытыгыраабыт оруос, сэлиэһинэй, быар, сымыыт уоһаҕа), В12 (быар, эт, балык, искэх, күөх луук, муора хаппыыстата, эриэхэ) туһалаахтар.
Кэнники биллибитинэн, Д битэмиин иммунитекка туһалаах буолан, вируснай ыарыылартан көмүскүүр эбит. Ол эбэтэр, Д битэмиининэн тутайбатах киһи коронавируһу да чэпчэкитик аһарынар, онтон тиийбэт буоллаҕына, ыараханнык ыалдьар диэн быраастар кэтээн көрбүттэр. Хоту дойдуга олорор дьоҥҥо үксүлэригэр Д битэмиин тиийбэт буолар эбит. Онон аптекаттан атыылаһан иһиҥ, анал анаалыс туттаран, организмҥа Д битэмиин тиийбэтин дуу, тиийэрин дуу билиэххэ сөп.
Токсиннартан ыраастанарга элбэх ууну, муоруһу иһиэххэ наада. Онон муорустары буһаран иһэр туһалааҕын билэр эбээлэрбит сыыспаттар. Уулаах отон, хаптаҕас, дөлүһүөн, моонньоҕон, облепиха муорустарын, лимоннаах, имбиирдээх чэйи иһэр, тууһаммыт хаппыыстаны, апельсины, луугу, эриэхэни сиир оруннаах.
Бүлүүдэлэри арыыга ыһаарылаан, куртаҕы ноҕуруускалаабакка, ууга, паарга буһаран, духуопкаҕа бүскүтэн бэлэмниир уонна илдьиритэн, убатан биэрэр, кыра-кыралаан аһыыр ордук. Тоҕо диэтэр, олус элбэх, ыарахан астан организм күүһүн-уоҕун үтүөрэргэ буолбакка, аһы буһарарга ыытар.
Ону тэҥэ, үчүгэйдик утуйар, сынньанар, кыраттан долгуйбат, кыыһырбат киһи түргэнник үтүөрэр.
Тускар туһан
Битэмииннээх бааҥка
- Биир лимону уонна имбиир, эриэхэ, мүөт тэҥ чаастарын ылан, илдьиритэн, булкуйан баран, бааҥкаҕа кутан, күн аайы биирдии-иккилии остолобуой ньуосканан сии сылдьыҥ. Лимону эрдэттэн тоҥорон баран, хахтары баҕастары түөркэҕэ аалан, илдьиритиэххэ сөп.
Чесноктаах чэй
- Кучу чэйгэ имбиири, чеснок өлүүскэтин уган, итии ууну кутан, көйөрөбүт. Чэй барбытын, сойо түспүтүн кэннэ мүөтү кутан, минньитиэххэ сөп. Чеснок хааны ыраастыыр, тымырдарга туһалаах, ону тэҥэ, вирустар, бактериялар “өстөөхтөрө” буолар. Онон бу ураты амтаннаах чэй олус туһалаах, амсайан көрөөрүҥ.
Ангелина Васильева, edersaas.ru
Хаартыска: интэриниэттэн.